От ыйын 29 күнүнэн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка бакалавриакка уонна специалитекка туттарсааччылартан сайабылыанньалары ылан бүппүттэрэ. Бүгүн куонкурус испииһэгэ тахсар. Уопсайа, 11 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирбит.
edersaas.ru
Ордук элбэх сайабылыанньа мэдиссиинэ институтун “эмчит дьыалатыгар” итиэннэ математика уонна информатика институтугар киирдэ диэн этэллэр. Онтон тиэхиньиическэй бырагыраамалаах үөрэхтэртэн инженернэй-тиэхиньиическэй уонна горнай институттар бастаабыттар. Гуманитарнай, уопсастыбаннай хайысхаларга тас дойду филологиятын уонна регионоведениетын институтун итиэннэ юридическай бакылтыаты сэҥээрэллэр эбит.
Киин тутар хамыыһыйа иһитиннэрэринэн, бүгүн, атырдьах ыйын 2 күнүттэн, куонкурус испииһэгин таһаараллар. Сиһилии ХИФУ саайтыгар киирэн көрүөхтэрин сөп. Онон сирдэтинэн абитуриеннар үөрэххэ киирэр кыахтаахтарын дуу, суоҕун дуу көрөллөр. Үөрэххэ киирбити быһаарыы (зачисление) икки түһүмэҕинэн барар, сүрүн түһүмэх атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри барыаҕа. Маныаха үөрэххэ киириигэ сөбүлэҥи (согласие на зачисление ) ыытар ирдэнэр.
Атырдьах ыйын 5 күнүгэр диэри ординатураҕа, атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри магистратураҕа уонна аспирантураҕа, атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри ХИФУ орто анал үөрэҕэр (“сиэстэрэ дьыалатыгар” атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри) туттарсааччылартан сайабылыанньалары ылаллар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хартыына: http://sakhgu.ru