Муус устар 3 күнүгэр Арассыыйа регионнарыгар (ол иһигэр, Саха сиригэр) «Эһиги доруобуйаҕыт – Арассыыйа кэлэр кэскилэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн Сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтии күнэ ыытылынна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Бу күн Дьокуускайга сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтиигэ аналлаах научнай-практическай пресс-конференция буолла. Манна кардиолог, эндокринолог, терапевт быраастар кытыннылар.
«Эһиги доруобуйаҕыт – Арассыыйа кэлэр кэскилэ» Национальнай бырайыак суолтата улахан. Тоҕо диэтэххэ, сүрэх-тымыр ыарыыларын эрдэттэн быһаарбатахха, коронарнай патология биллэ сайдар, түмүгэр сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүү куттала элбиир.
Чинчийиилэр түмүктэрэ бигэргэтэллэринэн, киһи куһаҕан дьаллыктартан (табахтааһын, артериальнай гипертензия, саахар диабета, холестерин элбээһинэ уонна сиэри таһынан уойуу) тутулуктаах буоллаҕына, сүрэх-тымыр ыарыылара сайдар кутталлаахтар. Онон, маннык улахан көстүү уопсастыба түмсүүтүн эрэйэр.
Бырайыагы алта сыллааҕыта Арассыыйа медицинатын уопсастыбата көҕүлээбитэ. Көҕүлээһини СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эмиэ өйөөн, ШТАДА СиАйЭс (STADACIS), АстраЗенека (AstraZeneca), Пфайзер (Pfizer), БерингерИнгельхайм (BoehringerIngelheim) уонна Санофи (Sanofi) фармация хампаанньаларын кытары олоххо киллэрэр.
ЫСПЫРААПКА:
— Арассыыйаҕа уопсай ыарыыттан өлүү 57 бырыһыанын сүрэх-тымыр ыарыылара ылаллар;
— Сылга 1 мөлүйүөн 300 тыһыынча киһи өлөр.
— Сүрэх-тымыр ыарыылара үөскээһиннэрин төрүөтүнэн сыыһа аһааһын, гиподинамия, хаан баттааһына үрдээһинэ, хааҥҥа глюкоза уонна холестерин элбээһинэ, сиэри таһынан уойуу буолуохтарын сөп.
— Арассыыйа нэһилиэнньэтин 50-тан тахса бырыһыаныгар хааннарын холестерина нуорманы аһарар. Кинилэр 80 бырыһыаннара холестериннарын таһымын билбэт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru