Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтииллэр. Сүрүннээн чэйи оҥорон таһаарар дойдуларга киэҥник бырааһынньыктыыллар. Чэйи оҥорон таһаарарга, атыылыырга көрсөр кыһалҕаларыгар уопсастыба болҕомтотун тардар сыаллаахтар.
Оттон биһиги, сахалар, чэйи эмиэ төрүт ас оҥостубуппут ыраатта. Үүттээх хойуу чэй барахсаны өбүгэлэрбит туспа ас курдук ылыналлара, чэйэ суох сатамматтара. Сылабаардарын оргутан, бүлүүскэлэргэ куттан баран, үрэн бурулата-бурулата тиритэ-хорута иһэн, сылааларын таһаарыналлара, күүс-уох эбинэллэрэ. Ону тэҥэ кучу оту, хатыҥ чээрэтин, боҕуруоскай оту, уо.д.а. чэй оҥостон иһэллэрэ.
Чахчы да, итии чэй киһи этин сааһынан сүүрэн киирэн, уоскутар, күүс эбэр. Тымныы дойдуга итии киллэринэр, сылыйар ньыма чэй эрэ буоллаҕа.
Чэйи утах быһыытынан Кытай императора Шен Нунг биэс тыһыынча сыл анараа өттүгэр арыйбыта дииллэр. Кини итии уулаах чааскытыгар чэй сэбирдэхтэрэ түспүттэрин иһэн кэбиспит. Онтон Кытайга баайдар, тойоттор эрэ чэйи иһэр буолбуттар. Кэлин эмп курдук иһии киэҥник тарҕана сылдьыбыт. Японияҕа чэйи иһиини улахан сиэр-туом оҥорон, аан дойдуга тарҕаппыттара.
Оттон Европаҕа уонна Арассыыйаҕа 17-с үйэттэн эрэ тарҕанан барбыта. Саха сиригэр чэйи нууччалар аҕалбыттара. Оччолорго табаҕы сэргэ чэй олус ыарахан сыаналааҕа.
Билигин планета үрдүнэн чэй саамай тапталлаах, саамай киэҥник тарҕаммыт утах буолар. Ол эрээри кэнники кэмҥэ чэй хаачыстыбата түһэн эрэрин бэлиэтииллэр. Кыра “пакетиктарга” чэй сэбирдэҕин буолбакка, онтон ордубут көппөҕүн, умнаһын кырбаан, ону-маны эбэн оҥорор буолбуттара кистэл буолбатах. Бүтүн сэбирдэхтээх чэйи ыарахан сыанаҕа атыылыыллар.
Чэй көрүҥэ олус элбэх. Араас омуктар атын-атыннык бэлэмнииллэр. Чэй күнүнэн аҕыйах ырыссыаптары биэрэбит. Бүгүн дьиэҕитигэр тиийэн, эрдэттэн бэлэмнэнэн, наҕылыйан олорон, дьиэлээхтэргитин кытары истиҥник сэһэргэһэ-сэһэргэһэ, боруобалаан көрүҥ! Кыһыҥҥы тымныы, хараҥа киэһэлэргэ итии чэй дьиэ сылаас эйгэтин олохтуо, дьиэлээхтэри чугасаһыннарыа…
Монгол чэйэ
Биир лиитэрэ ууга хас да ост. ньуоска бүтүн чэйи кутан, оргутабыт. Оргуйдаҕына, 300-500 гр. үүтү, 1-2 ост. ньуоска ынах арыытын уонна 50 гр. эрдэ ыһаарыламмыт бурдугу кутабыт. Бурдугу саламаакка курдук, арыыга уулларан эрдэ ыһаарылыыбыт. Бу кэннэ оргута түһэн баран, амсайан, туустуубут.
Хайа, сатанна дуо? Хааһы буолан хаалла дуу;)))
Масала чэй
Киилэ аҥара ууга эмиэ соччо үүтү кутан, хара чэйи, саахары эбэн баран, оргутабыт. Имбиир умнаһын бытархай гына кырбастаан кутабыт, корица, гвоздика, хара биэрэс, кардамон, мускатнай эриэхэ уонна шафран диэн специялары эбэбит. Мөлтөх уокка өссө биэс мүнүүтэ оргутабыт. Сиидэлээн баран, итиилии иһэбит.
Бу чэйи Индияҕа, Непалга, Пакистаҥҥа олус сөбүлүүллэр.
Шотландец чэйэ
0,5 л үүтү оргутан баран, 2 ч. нь. хара чэйи кутабыт. 1 сиикэй сымыыт уоһаҕын мүөтү кытта булкуйан ытыйабыт. Үллэн, маҥхайан тахсыахтаах. Онтубутун чааскыларга уурталаан баран, үрдүгэр үүттээх чэйбитин кутабыт.
Француз чэйэ
Хара чэйи оргутаат, 100 мл апельсин суогун эбэбит. Куруускаларга кутаттаан баран, лимон суогун, 5 ост.нь. ханньааҕы, саахары, мэлиллибит мускаат эриэхэтин эбэбит.
Боҕуруоскай оттоох чэй
Боҕуруоскай от (чабрец, тимьян) – Саха сиригэр үүнэр, дыргыл сыттаах эмтээх от. Элбэх битэмииннээх, туһалаах. Дьиэни ыраастыырга эмиэ туһаналлар.
Киһи сылайбытын аһардар, сөтөлү таһаарар, ыарыыны, испити хаптатар. Хат дьахталлар, истэрэ-үөстэрэ, бүөрдэрэ ыалдьар дьон иһиэ суохтаахтар.
Ырыссыаба судургу. Хара чэйгэ боҕуруоскай оту булкуйан, оргуйбут ууну кутан, туруора түһээт, итиилии иһиллэр. Саахары, мүөтү эбэн минньитиэххэ сөп.
Апельсиннаах чэй
Бу олус минньигэс чэй! Апельсины итии уунан үчүгэйдик сууйан баран, хаҕын терканан илдьиритэбит. Ону оргуйбут уунан кутан баран, хаппахтаан, уонча мүнүүтэ туруорабыт. Онтон хаҕын сиидэлээн ылан баран, уутун оргута уурабыт. Икки ост. ньуоска хара чэйи уонна апельсиммытын кырбаан, сүмэһиннэри кутабыт. Иһэргэ саахардаан, эбэтэр мүөттээн мииньитиэххэ сөп.
Облепихалаах Сибиир чэйэ
Ыстакаан аҥара облепиханы, биир апельсины, корицаны, 1 ч.нь. бадьяны оргуйбут уунан кутан, туруора түһэбит. Мүөтү кутан минньитэбит.
Дьаабылыкалаах сбитень
Дьаабылыкалары сууйан баран, хахтаабакка кырбыыбыт. Мятаны, имбиир силиһин, корицаны, гвоздиканы эбэн, иһиккэ кутабыт. 6 ыстакаан ууну кутан, мөлтөх уокка 15 мүнүүтэ оргутабыт. Туруора түһэн баран, сиидэлиибит, мүөт эбэбит. Мүөтү сибилигин оргуйбут ууга кутуллубат, туһалаах өрүтүн сүтэрэр, онон арыый сойо түспүтүн кэннэ кутан, сылаастыы иһэбит.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru