БҮГҮН — БЫЙАҤ КҮНЭ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Быйаҥ күнэ.

Православнайдар 3-с Ыспааһап, Саас ореховый, эбэтэр Спас хлебный күнэ диэн бырааһынньыктыыллар. Таҥарианство итэҕэлэ православнай таҥара күннэрин сахалыы ааттыырга дьулуһар.
Ол иһин бу күнү Быйаҥ күнэ диэн ааттыыр. Ыспааһаптар бары да сайын биэрэр илгэтэ ситиитин, буһуутун уонна олору хомуйууну кытта сибээстээх ааттаахтар. Холобур, медовый, яблочный, хлебный диэн. Итини биһиги биһириибит уонна батыһабыт.
Бүгүҥҥү күнтэн халлаан лаппа сөрүүдүйэн барар, түүнүн хаһыҥныан сөп. Ардыыр, сорох сиргэ хаар былаастаах буолуон сөп. Кыра көтөр соҕуруу кыстыыр сирин диэки күрэнэр. Үүнээйи үүнэрэ тохтуур (покой). Итини учуоттаан сайын биэрбит быйаҥын — күөх аһы (оҕуруот аһын), бастатан туран тымныыттан эмсэҕэлээччилэри, хомуйуу саҕаланар. Отоннуур кэм үгэнэ.
Маһы, моонньоҕону, биэ эмиийин, дөлүһүөнү о.д.а. көһөрөн олордорго олус табыгастаах.
Кус муҥутаан уойан, нэмэнэ буолан эрэр. Собо, мунду өллөнөн дэлби уойда.
Күһүммүт сылаас кэмэ бүтэрэ чугаһаата. Сайын биэрбит илгэтин дэлби хомуйан, хаһаанан байылыат олохтоох кыстыкпытын оҥостунуоҕуҥ!
Быйаҥ күнүнэн!

Гавриил Спиридонович Угаров – Эһээ Дьыл,

биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.

Хаартыска: obi.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0