Күн-дьыл билгэтэ:
- Бу ыйга хаар эрдэ түстэҕинэ, саас хаар эрдэ ууллар.
- Көтөҕө кыайан түспэтэҕинэ, көтөҕө кыһын хаар үрдүгэр түһэн, хаар саас эрдэ хараарар, уу кэлбэт.
- Сир тоҥуутугар, сир кырса төһө да муус килиэ буолбутун иһин, сотору халыҥ хаар түстэҕинэ, сир кырса куурар.
- Сир кырса муус буолбутун кэннэ хаар өр түспэтэҕинэ, сылгыга куһаҕан дьыл буолар.
- Бокуруоп иннинэ дьыл киирдэҕинэ, эһиилигэр кураан дьыл буолар.
- Элбэхтик ардаан баран тоҥордоҕуна, сирин силимнээтэ дииллэр. Эһиилигэр өҥ дьылы күүтэллэр.
- Дьүкээбил күүскэ умайдаҕына, тымныы кыһын буолар.
- Алтынньы ыйтан ый уонна үргэл алтыһыыларын кэтииллэр. Үргэл ыйы үрдүнэн аастаҕына, өҥ дьылы күүтэллэр.
Саха ыалын халандаара. 2016 сыл.
Хаартыска: интэриниэттэн
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1