Дэһэллэр Хаатылыма олохтоохторо.
“Оҕолор олус кыһаллан бэлэмнэммиттэр – дакылаат аахтылар, хоһоону да хото, үөрэ-көтө толордулар,”— диир оскуола-саад дириэктэрэ Валентина Николаевна Дмитриева.
Ийэ тыл күнүгэр, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэбит бары да оскуолаларыгар төрөөбүт тылбытыгар аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннахтара. Ол эрээри, бу Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаатылыма диэн улуус кииниттэн тэйиччи сытар биир кыракый сэлиэнньэтин аччыгый комплектаах үөрэҕин кыһатыгар бу – чахчы да үтүө сабыытыйа.
Ол курдук, 4-с кылаас үөрэнээччитэ Самаана Ильинова норуот эпоһа олоҥхо туһунан, 3-с кылаастан Өркөн Харитонов саха оонньууларын уонна 2-с кылаас үөрэнээччитэ Эркин Иванов бултааһын тиэмэлэригэр бэртээхэй дакылааттары бэлэмнээбиттэр. Онон, дириэктэрдэрин, учууталларын хайҕабылларын ыллылар.
Саха тылын күнүгэр оҕолор уонна педагогтар Ньургуйаана Кимовна Матчитова, Сардаана Романовна Антонова, Айна Александровна Поскачина, оҕо саадын иитээччитэ Екатерина Сергеевна Черкашина, бары бэрт көхтөөхтүк кытыннылар.
Ити курдук, ырыа-хоһоон аргыстаах, сахалыы аһынан бэйэ-бэйэни күндүлэһэн-маанылаһан, оонньоон, таабырын таайсан, Хаатылыма оҕолоро уонна педагогтар быйыл эмиэ Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн өйдүү-саныы сылдьар гына, олус интэриэһинэйдик, үчүгэй тэрээһиннээхтик бэлиэтээтилэр.
Татьяна МАРКОВА.