Бүгүн, от ыйын 31 күнүгэр, бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүт күнэ.
Илья Дорофеевич 1914 сыл от ыйын 31 күнүгэр Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1929 сыллаахха 15 саастааҕар сир түҥэтигин ыытар хамыыһыйаҕа суруксуттаабыта. Маассабай холбоһуктааһын саҕана Байаҕантай улууһугар батараактар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ этэ.
edersaas.ru
1932 с. Дьокуускайдааҕы педагогика техникумун бүтэрбитэ уонна техникумҥа саха тылын, литературатын үөрэтэ хаалбыта. Кэлин дойдутугар тахсан, Нам райисполкуомун норуоту үөрэхтээһинин салаатын иниспиэктэринэн үлэлээбитэ. Онтон 1935-38 сылларга Саха Сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэринэн, араадьыйа кэмитиэтин уус-уран литературнай салаатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн хас да сыл араадьыйа биэриитин кэмитиэтин литература, уус-уран отделыгар эрэдээктэрдээбитэ. Саха бастакы композитора Марк Жирков саха оператын репертуарын оҥорор айар биригээдэтин үлэтигэр кыттыбыта. Иоким Дмитриевич Избековы кытары «Сыгый Кырынаастыыр» операны суруйбута.
Илья Винокуров үчүгэйдик уруһуйдуура, муусуканы таптыыра. 1931 сылтан саҕалаан хоһооннору, ырыалары суруйбута. «Чаҕылҕан уоттара» диэн кинигэтэ 18 саастааҕар 1933 с. Күннүк Уурастыырап эрэдээксийэтинэн бэчээттэммитэ. 1935 с. иккис улахан кинигэтэ «Дабаан» сылларга тахсыбыта. 1937 с. «Хоһооннор, поэмалар» диэн үһүс кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.
«Хайыһар» диэн 1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр суруллубут ырыата киэҥник биллибитэ, билигин да уостан түспэт ырыаларга киирсэр. «Герой туһунан ырыа» хоһооно эмиэ норуокка биһирэммитэ. 1944 с. «Саргылаах дойдута» диэн норуот хорсун быһыытын айхаллыыр хоһоонун хомуурунньуга тахсыбыта.
Чаҕылҕан «1941-45 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сэрии кэннинэ Чаҕылҕан поэзията «Ыраах айан» (1948 с.) уонна «Биһиги күннэрбит ырыалара» (1952 с.) диэн кинигэлэринэн бэчээттэммитэ.
Тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллэр. Нуучча уонна тас дойду бэйиэттэрин сахалыы саҥардыбыта. Олор истэригэр: А. Пушкин «Бахчисарайский фонтан», «Русалка», «Моцарт уонна Сальери» айымньылара, Т. Шевченко «Сон», «Петрусь» поэмалара, М. Лермонтов, Н. Некрасов, Гейне, Гете уонна да атын поэттар хоһоонноро.
Суруйааччы Дьокуускай куоракка Ломоносов аатынан уулусса 24 №-дээх дьиэтигэр олорбута (бу дьиэҕэ биллиилээх саха поэта Иван Арбита эмиэ олорбута). Бу дьиэ биир уратытынан оччотооҕу кэмҥэ, 30-40-с сылларга, суруйааччылар мустар сирдэринэн буолбута буолар.Чаҕыл
Чаҕылҕан бастакы кэргэнэ Ольга Францевна Петровскаяттан уола Артур Ильич Винокуров биллиилээх фотограф, иккис кэргэниттэн Ольга Пантелеймоновна Поляковаттан уола Леонид Ильич Винокуров режиссер буолбуттара.
Илья Винокуров биир кэмҥэ сымыйанан буруйданан хаайылла сылдьыбыта. Онтон доруобуйата улаханнык мөлтөөн тахсыбыта. Кэлин бэрт уһуннук ыалдьан, баара суоҕа 38 сааһыгар, 1952 сыллаахха балаҕан ыйын 9 күнүгэр Дьокуускайга өлбүтэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru (сорох чахчылар Саха-Википедияттан ылылыннылар)