Муус устар 27-тэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин устуоруйатыгар ураты күн. Бу күн 95 сыл анараа өттүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута, оттон 25 сыллааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) ылыныллыбыта.
Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
1999 сыллаахтан Саха сиригэр Өрөспүүбүлүкэ күнэ национальнай бырааһынньык быһыытынан киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр. Бу күн Дьокуускайга, улуустар кииннэригэр, нэһилиэктэргэ бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Дьокуускай куорат киин уулуссаларынан ыччаттар сэлэлээн хаамтылар, болуоссаттарга, сквердэргэ кэнсиэрдэр, норуот күүлэйэ, спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр, быыстапкалар, дьаарбаҥкалар, куонкурустар тэрилиннилэр, оскуолаларга кылаас чаастара, викториналар буоллулар, Новопортовской кыбартаалыгар Аныгы искусство дыбарыаһын бастакы атаҕын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туруордулар.
Судаарыстыбаннаһы олохтоспут саха чулуу дьонугар М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов, А.Е. Кулаковскай, С.В. Васильев, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр өйдөбүнньүктэригэр, М.К. Аммосов мусуой-дьиэтигэр М.К. Аммосов бүүһүгэр, С.М. Аржаков өйдөбүнньүк дуоскатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин салайааччылара, норуот дьокутааттара, СӨ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах тыыннаах сибэккилэри ууруу сиэрэ-туома буолла.
Киэһэ 17 чаастан Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар Ил Түмэн, бырабыыталыстыба, уопсастыбаннас Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт үөрүүлээх мунньахтара буола турар.
Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru