Бүгүн — анестезиолог күнэ

16.10.2017
Бөлөххө киир:

Эпэрээссийэлэммит ыарыһах барыта этэҥҥэ ааспытын кэннэ, «хирурдар күн-ый буоллулар» диирэ мэлдьэһиллибэт. Ол гынан баран, хирурдар биригээдэлэрин биир сүрүн дьонунан «көстүбэт фроҥҥа» үлэлиир анестезиолог-реаниматологтар буолаллар.

edersaas.ru 


Анестезиолог-реаниматологтар ыарыһаҕы утутуу (наркоз) кэмигэр кини организма айгыраабатыгар, анестезины куттала суох биэрэргэ, эпэрээссийэ туох да содула суох ааһарыгар уо.д.а. эппиэттииллэр. Эпэрээссийэ кэмигэр сүрэх, мэйии, бүөр уо.д.а. уорганнар үлэлэрин хонтуруоллууллар, салайан биэрэллэр уо.д.а.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 -дээх балыыһа түөрт реанимация отделениелаах. Олортон саамай улаханнара уонна уопсай аналлааҕа – интенсивнэй терапиялаах анестезиология уонна реанимация отделениета. Отделениены 2015 сылтан Александра Григорьевна Золотарева салайар. Отделение 18 куойка-миэстэтэ куруук толору. Тоҕо диэтэххэ, киин куорат уонна өрөспүүбүлүкэ ыарыһахтара, ыксал тирээтэҕинэ, бары бу отделениеҕа киирэллэр.

Биһиги быраастарбыт бары анестезиолог-реаниматолог идэлээхтэр. Ити икки идэ хайдах да тус-туспа араарыллыбат, – диэн интенсивнэй терапиялаах анестезиология уонна реанимация отделениетын сэбиэдиссэйэ Александра Золотарева кэпсээнин саҕалыыр.

Отделениебытыгар быраастардыын, орто уонна алын сүһүөх медицинскэй үлэһиттэрдиин 145 штаттаахпыт. Анестезиолог-реаниматолог – сүрүн үлэһит. Хирурдар уустук эпэрээссийэни ситиһиилээхтик оҥороллоругар биһиги көмөбүт олус улахан. Ыарыһах эпэрээссийэ бириэмэтигэр ханнык да ыарыыны билбэтин туһугар үлэлиибит. Онон, хирурдар биһиги көмөбүтүнэн уустук эпэрээссийэлэри оҥороллор. Хирурдар да, анестезиологтар да быстыспат ситимнээхтэр.

Холобур, эпэрээссийэ кэмигэр хаан кутуута, ыарыһаҕы наркоз көмөтүнэн утутуу, ол кэмҥэ кини аппараатынан тыынарын хааччыйыы уо.д.а. – анестезиолог-реаниматолог эбээһинэһэ.

Көннөрү киһи «реанимация» диэн тылы иһиттэҕинэ, олус куттанар. Билэр киһитэ эһиги отделениеҕытыгар киирдэҕинэ, ыарыһахтааҕар кини айманар.

Оннук. Реанимацияҕа, биллэн турар, ыарахан ыарыһах, ардыгар өлөр-тиллэр дьылҕаламмыт дьон киирэр. Биһиэхэ аҕалыллыбыт ыарыһаҕы күнүстэри-түүннэри кэтиибит уонна эмтиибит, уопсай туругун хонтуруоллуубут. Кини реанимация отделениетыгар төһө өр сытара ыарыыта, туруга төһө ыараханыттан, доруобуйата төһө түргэнник чөлүгэр түһэриттэн тутулуктаах. Биһиги хонтуруолбутугар наадыйбат буоллаҕына эрэ, уопсай отделениеҕа көһөрөбүт.

Реанимацияттан этэҥҥэ тахсыбыт дьон чопчу эһиги быраастаргытыгар төһө махтанарый? Эһиги көмөҕүт суолтатын ситэ өйдөөбөккө хаалар ыарыһахтар да баар буоллахтара?

Киһи мэйиитэ көмүскэнэр механизмнаах. Ол эбэтэр киһи куһаҕаны барытын өйдүү-саныы сырыттаҕына, кыайан өрүттүө суоҕун сөп. Онон, ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэһэн, эпэрээссийэ остуолугар анестезолиог-реаниматолог көмөтө кини олоҕор улахан суолталаммытын өйдөөбөккө хаалара биллэр. Ол да буоллар, анестезиолог-быраастарга чопчу кэлэн махтанар дьон аҕыйаҕа суох. Маннык идэ баарын дьон билэр уонна сыаналыыр. Ыарыһахтарбыт балыыһаттан доруобуйалара чөлүгэр түһэрэн тахсыылара – биһиэхэ улахан наҕараада.

Сүрүннээн, ханнык ыарыһахтар элбэхтэрий?

Улахан эчэйиилээхтэр, хирургическай уонна неврология ыарыылаахтар, уустук көрүҥнээх ойоҕостотуулаахтар, араас сүһүрүүлээхтэр уо.д.а. ыарыһахтар киирэллэр.

Бу олорон да көрдөхпүнэ, олох быыс булбат эбиккит дии? Биир идэлээхтэриҥ боппуруостаах киирэ тураллар.

Сэбиэдиссэй быһыытынан отделением олоҕун-дьаһаҕын барытын билэ олорор мин эбээһинэһим. Ким, хас чааска, туох ыарыылаах, туруктаах киирбитин барытын иһитиннэрэ охсоллор. Эмтиир бырааһы кытары бииргэ көрөбүт, карточкатын толоробут, анаалыстарын үөрэтэбит, ханнык «узкай» идэлээх бырааһы ыҥыран сүбэлэтиэххэ сөбүн толкуйдуубут уо.д.а. Инсуллаабыт, инфарктаабыт, ууга-уокка сиэппит киһи ыарыытыттан көрөн анал реанимацияҕа киирэр буоллаҕына, биһиэнэ – уопсай реанимация. Онон, бу ыарыы ордук элбэх диир кыах суох. Хомойуох иһин, эйэчии, суол-иис саахала, о.д.а. ыксаллаах быһыы-майгы тахса турар. Отделениебытыгар күн аайы уоннуу киһи киирэр, уоннуу киһи тахсар. 18 куойкабытыгар куруук 2324 ыарыһахтаахпыт. Биһиги ханнык да ыарыһахха аккаастыыр, «миэстэбит суох» диир бырааппыт суох. Улуустартан элбэх киһи киирэр. Суһал көмөнү оҥорор аналлаах балыыһа буоламмыт, кинилэртэн ханнык да докумуоннары ирдээбэппит.

Үлэбит ыарахан, ол эрээри, үлэлииргэ интэриэһинэй. Балыыһабыт олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр, сайдыы тэтимнээхтик барар. Салалтабыт куруук эмтээһиҥҥэ саҥаны, инновационнай көрүҥнэри ирдиир. Ол да иһин, туох баар саҥа саҕалааһыммытын, ону олоххо киллэриибитин өйүүр. Үрүҥ халааттаах аанньалларбыт үлэлэрин сэргэ наукаҕа үлэлииллэр. Ону таһынан категорияларын үрдэтэллэр. Хас биирдии киһи туох эрэ уратылаах. Отделение үлэтин тэтимигэр кыайан эппиэттэспэт, ыарырҕатар киһи тута биллэр. Ону таба көрөн, кини ханнык хайысхаҕа салгыы үлэлиэн сөбүн ыйан-кэрдэн биэрэбит. Уопсайынан, реанимация отделениетыгар үлэлээбит киһи атын ханнык баҕарар балыыһа реанимацияҕа отделениетыгар төһө баҕарар үлэлиир кыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, суһал сулууспаҕа үлэлиир буолан,  улахан үөрүйэхтэнэллэр. Онон биһиги быраастарбытын, этэргэ дылы, икки илиилэринэн үөрэ-көтө ылаллар.

Анестезиолог-реаниматолог туох ураты хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

Ханнык баҕарар ыксаллаах кэмҥэ, миэстэтигэр сөптөөх дьайыыны түргэнник оҥорор (реакция) дьоҕурдаах, элбэх билиилээх буолуохтаах. Биһиги балыыһабыт ыарыһахтарыгар «көмүс чаас», «көмүс мүнүүтэ» диэн өйдөбүллэр улахан суолталаахтар, элбэҕи быһаараллар. Ити «сыаналаах» мүнүүтэлэри аһардыбыт да, өлүү-сүтүү да тахсыан сөп. Онон, хас биирдии мүнүүтэ күндү.

ЫСПЫРААПКА:

2001 с. Саха судаарыстыбаннай университетын эмтээһиҥҥэ факультетын бүтэрбитэ;

Бу сыл тута Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 -дээх балыыһаҕа ананан кэлбитэ;

Икки сыл Сеченов аатынан Москватааҕы медицинэ судаарыстыбаннай университетын клиническэй ординатуратыгар үөрэммитэ;

2015 сылтан интенсивнэй терапиялаах анестезиология уонна реанимация отделениетын сэбиэдиссэйэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0