Бэс ыйын 5 күнэ – Аан дойдуга тулалыыр эйгэни харыстааһын күнэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ айылҕаны харыстааһыҥҥа улахан болҕомто ууруллар. Уопсастыбаннас тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа сөптөөх боппуруостары туруорсар уонна сири-уоту, айылҕаны алдьаппат буолууну кытаанах хонтуруолга тутар. Аны туран, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Экологтар II сийиэстэрэ ыытылынна. Бу тиэмэҕэ анал таһаарыыга айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьевтыын кэпсэттибит.
– Сахамин Миланович, үтүө күнүнэн! Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр биир сүрүн тэрээһининэн бу саас Экологтар II сийиэстэрэ ыытыллыбыта. Инники өттүгэр айылҕаны харыстааһыҥҥа үлэлииргэ бигэ акылаат түһэрилиннэҕэ буолуо.
— Сийиэс кэмигэр дьүүллэһэргэ, кэпсэтэргэ аналлаах 9 былаһаакка үлэлээбитэ уонна икки научнай-кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Бастакы сийиэс 25 сыллааҕыта ыытыллыбыта. Бу сийиэс үтүөтэ, көдьүүһэ улахан. Ол курдук, айылҕаны харыстыырга аналлаах кэнсиэпсийэ ылыныллан, сөптөөх базовай сокуоннар оҥоһуллубуттар. Бу оҥоһуллан, айылҕа харыстабылын систиэмэтэ атаҕар бигэтик турбута биллэр. 22 сыллааҕы кэмтэн олох-дьаһах, сокуоннар ирдэбиллэрэ лаппа уларыйдылар. Саха сиригэр бырамыысыланнас кимэн киириитэ өссө улаатта. Түһээн баттаппатах саҥа хайысхалар олоххо киирэллэр. Ол курдук, сэдэх металлары хостоон эрэллэр, «Роскосмос» корпорацияны кытта күүскэ алтыһан эрэбит. Аны туран, бытовой тобохтору тоҕууга атын ирдэбиллэр олоххо киирдилэр. Урут бөҕү-саҕы сыбаалкаҕа таһааран тохтубут да, бүтэ турар этэ. Билигин бу өттүгэр ирдэбил лаппа кытаатта, мээнэ ыллыбыт да тоҕо, сүөкүү сылдьарбыт сатаммат буолла.
Өрүс, күөл ууларыгар сыһыан эмиэ уларыйда. Өрүстэринэн таһаҕас тиэйэр суудуналар сылдьаллар, өрүс уутун иһэбит, хаһаайыстыбаҕа туһанабыт. Сир баайын хостуур тэрилтэлэр бары өрүс уутун туһаналлар. Ууну туһаныыга кытаанах ирдэбиллэр киирдилэр уонна ону тутуһуу күүскэ хонтуруолланар буолла. Кэлиҥҥи кэмҥэ уопсастыбаннас хонтуруола кытаатта уонна сытыырхайда. Холобур, сир баайын хостуур ханнык эрэ тэрилтэ тобоҕун айылҕаҕа мээнэ бырахтын, маһы кэртин, өрүһү сүһүртүн эрэ, тута уопсастыбаннас айдаарыа, хомуйтарары күүскэ модьуйуо. Уопсастыбаннас аны ньимиликээн сылдьар буолбатах. Тулалыыр айылҕабыт бүттүүн нэһилиэнньэ баайа диэн санаа уруккутааҕар лаппа күүһүрдэ. Бу хайысхаларга улахан ис хоһоонноох кэпсэтиилэр таҕыстылар. Хайдах гынан сытыытык турар саҥа боппуруостары, кыһалҕалары быһаарабыт, өрөспүүбүлүкэбит күөх ойуурун кэлэр көлүөнэҕэ хайдах чөл тиэрдэбит диэн ыйытыы күүскэ турда. Бу кэпсэтиилэр, дьиҥэр, ис иһигэр киирдэххэ, бөлүһүөктүү ис хоһоонноохтор. Хас биирдии былаһааккаҕа кыттыбыт учуонайдар, уопсастыбанньыктар, экологтар анал сокуоннарга маннык уларытыылары киллэриэххэ диэн этиилэри көтөхтүлэр, туруорустулар, атах тэпсэн олорон элбэҕи кэпсэттилэр-ипсэттилэр.
Бу күннэргэ тустаах хамыыһыйа сийиэс резолюциятын эрэдээксийэлиир үлэтин үмүрүтэн эрэр. Оробуочай хамыыһыйа үлэлээн бүттэ даҕаны, ону бэчээккэ таһаарыахпыт. Инники өттүгэр үлэлиэхтээх түөрт сыллаах үлэ былаана барыта түмүлүннэ. Ол аата экологтар сийиэстэрэ Саха сиригэр түөрт сыл арыттанан ыытыллыаҕа.
– Өлөөн улууһугар Томтордооҕу сэдэх баайдаах сири туһаҕа таһаарыы барыахтаах. Тустаах хампаанньа аны хостуур, байытар бырайыагын оҥорон көрдөрүөхтээх.
— «Восток Инжиниринг» хампаанньа Томтордооҕу сэдэх баайдаах сири туһаҕа таһаарыаҕа. Былырыын баайдаах сиргэ геологическай чинчийиини ыытан түмүктээбитэ. Сэдэх металл саппааһа төһөтүн, төһө дириҥҥэ, хайдах-туох сытарын быһаардылар. Билигин хостуур уонна руданы байытар бырайыак оҥоһуллуохтаах. Ол докумуон экологическай бэрэбиэркэни хайаан даҕаны ааһыаҕа. Итини тэҥэ, тулалыыр эйгэҕэ тугунан дьайара эмиэ быһаарыллыаҕа. Салгыы бу бырайыак Анаабыр, Өлөөн улуустарыгар Уопсастыбаннай истиини ааһыаҕа. Сэдэх металлаах сири 2021 сылга туһаҕа таһаарыы былааҥҥа турар.
Докумуону оҥордулар даҕаны, тута биллэриэхтэрэ уонна ити үөһэ этиллибит ирдэбиллэринэн бэрэбиэркэлэр ыытыллыахтара. Салгыы логистиката уонна тиэйии боппуруоһа быһаарыллыахтара. Өрүс, муора, салгын суолунан эбэтэр сиринэн тиэйии схемалара СӨ бырабыыталыстыбатын кытта дьүүллэһиллиэ.
Манна биири этиэҕи баҕарыллар. Тиэйиллиэхтээх сэдэх металл рудатын радиациятын фона нуормаҕа эппиэттиир эрэ буоллаҕына, тиэйиллиэхтээҕин туһунан кытаанах ирдэбил баар уонна ол хайаан да тутуһуллуоҕа. Радиация таһыма нуорманы куоһарар буоллаҕына, ханнык даҕаны боломуочуйалаах уорган көҥүллүө суоҕа.
– Аны «Роскосмос» тиэмэтигэр көһүөххэ. Быйыл ахсынньыга «Восточнайтан» икки көтүү ыытыллара былааннаныллар.
— Былырыын маҥнайгы көтүүнү тустаах тэрилтэлэр хонтуруолга ылан үлэлээбиттэрэ. Бу хас даҕаны түһүмэхтээх. Бастакытынан, аракыата көтүөн иннинэ тулалыыр эйгэ бэрэбиэркэлэммитэ. Көппүтүн кэнниттэн хат бэрэбиэркэ ыытыллан, туох уларыйыы тахсыбытын-тахсыбатаҕын быһаарбыттара. Иккиһинэн, аракыата түспүт тобохторун хомуйуу буолар. Үсүһүнэн, сүһүрүү, киртийии барбыт дуу, суох дуу диэҥҥэ бүтэһиктээх бэрэбиэркэ оҥоһуллубута. Былырыыҥҥы көтүү түмүгэ – сир, айылҕа тимир тобохторунан киртитиллибит диэн. Радиационнай, химическэй киртитии суох. Тимир тобохтору барытын ыраастаабыттара.
Быйыл ахсынньыга аракыаталар көтүөхтэрин иннинэ сэтинньигэ нэһилиэнньэни кытта Уопсастыбаннай истиилэр ыытыллыахтара.
Быйыл икки көтүү кэнниттэн ити көтөр трассаларын хайысхата уларыйара күүтүллэр. Саҥа трассаны үлэҕэ киллэрэн эрэллэр. Ол Эдьигээн улууһун үрдүнэн ааһыаҕа. Аракыата көтөр кыраадыһын уларытан, халлаан куйаарыгар тахсыахтаах спутниктар атын орбитаҕа тахсалларын хааччыйаллар. Икки-үс сылынан өссө атын трасса баар буолуоҕа. Ол көтүүгэ Саха сирин сирэ-уота таарыйыллыбат.
– Түмүккэ, Мархатааҕы ураты харыстанар сир статуһун уларытыыны туох дии саныыргын истиэҕи баҕарыллар. Ылыныллыбыт статус төттөрү көтүрүллүбэт буолуохтаах. Бу боппуруос хайдах быһаарыллыай?
— Мархатааҕы ураты харыстанар сир кыраныыссатыгар уларыйыы киириэн сөп. Ол эрээри, резерват быһыытынан статуһа көтүллэрэ табыллыбат. Бу уларыйыы хайдах киириэхтээҕин туһунан балаһыанньаны СӨ бырабыыталыстыбата бигэргэттэ. Бу ирдэбилгэ олоҕуран интэриэстээх хампаанньа, холобур, «АЛРОСА», анал докумуону оҥорон киллэриэхтээх. Ол докумуоҥҥа тустаах хампаанньа лицензиялаах учаастагын координаттарын, иэнин уонна экологическай-биологическай өттүнэн сөптөөх быһаарыыны оҥорон, Ньурба улууһун Мунньаҕар киллэриэхтээх. Манна биири өйдүөххө наада. Өскөтүн, ураты харыстанар сиртэн учаастак ылыллар буоллаҕына, оччо кээмэйдээх атын сыста сытар сиртэн ылан эбиллиэхтээх. Ол эбэтэр резерват сирэ кыччыа суохтаах. Кыраныыссаны уларытыы, докумуоннары оҥоруу ороскуотун барытын интэриэстээх хампаанньа уйунар. “АЛРОСА” АХ алмаастаах саҥа сири туһаҕа таһаарарга былаанныырын учуоттаан, Ньурба улууһун дьаһалтатыгар Мархатааҕы ураты харыстанар паарка кыраныыссатын уларытарга этии киллэриллибит.
Бу боппуруоһу быһаарарга «АЛРОСА» АХ салалтатын уонна Ньурба улууһун дьаһалтатын кытта СӨ бырабыыталыстыбатыгар мунньах тэрийиэххэ диэн этии киллэрдим.
Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ ытык-мааны олохтоохторун Арассыыйатааҕы тулалыыр эйгэни харыстааһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Күөх, чөл туруктаах айылҕабытын харыстаан, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр барыбыт ытык иэспит буоларын умнумуоҕуҥ!
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru