БҮГҮН ААН ДОЙДУГА ҮТҮӨНҮ ОҤОРУУ КҮНЭ

Ааптар: 
13.11.2021
Бөлөххө киир:

Дьоҥҥо төһө элбэх туһаны оҥороҕун да, соччонон дьоллоноҕун диэн этии баар.

Үтүө санаа киһини кынаттыыр, күүс, эрчим биэрэр. Оннук буолбат дуо? Үтүө хайдахтаах сырдыгы, кэрэни, күүһү кытта ситимнээҕий! Ол да иһин, биир-икки тылынан быһаарар хайдах да кыаллыбат. Үтүө санаалаах киһи диэн кимий? Үтүө санаа диэн тугуй? Ыйытыыттан ыйытыы үөскүү турар. Оттон итиннэ сыһыаннаах төһөлөөх элбэх бэргэн этиилэр, хоһооҥҥо ураннык хоһуйуулар, ырыаҕа ыпсарыылар баалларый?

Бүгүн, доҕоттор, Аан дойдуга үтүөнү оҥоруу күнэ. Сорох дойдуларга 1998 сыллаахтан бэлиэтииллэр. Үтүө санаа кэнсиэртэрин туруораллар, аахсыйалары тэрийэллэр, сибэкки бэлэхтииллэр.

Итини сэргэ бүгүн, харахтарынан көрбөттөр күннэрэ. 1784 сыллаахха Парижка Валентин Гаюи бэйэтин харчытынан көрбөт оҕолорго оскуола арыйбыт уонна көрбөт дьон ааҕар бастакы кинигэлэрин айбыт. Ону истэн Арассыыйа ыраахтааҕыта Александр I 1803 с. Гаюины Петербурга ыҥырбыт. Арассыыйаҕа кэлэн бастаан көрбөт оҕолорго оскуола, онтон көрбөт оробуочайдар институттарын арыйбыт, 72 сааһыгар диэри Петербурга олорбут. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) кини төрөөбүт күнүгэр көрбөттөр күннэрин бэлиэтииргэ уураах таһаарбыт.

Бу күн туох интэриэһинэйи кэпсиирий?

-1805 с. — Австрия киин куоратыгар Венаҕа Франкфуртан көһөн кэлбит Иоганн Ланер сосисканы айбыт. Сосисканы ким айбыта Вена уонна Франкфурт куораттарын икки ардыларыгар өрдөөҕүттэн ыла баар мөккүөр буолар. Франкфуртка сосискалары орто үйэлэр саҕаттан оҥороллор эбит. Ол гынан баран, Вена сосискатыгар бастакытын ынах уонна сибиинньэ эттэрэ холбоммуттарын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.

-1851 с. — Москуба уонна Санкт-Петербург икки ардыларыгар тимир суол сырыыта аһыллыбыт. Суолу 10 сыл устата туппуттар, тутууга 67 мөл. солк. бараммыт.

-1862 с. — Льюис Кэрролл күннүгэр: «Алиса туһунан остуоруйаны суруйан эрэбин, Ороһооспоҕо бүтэрбит киһи дии саныыбын» диэн суруйбут.

-2002  с. — Кымыс туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар илии баттаммыт. Бу сокуон утаҕы оҥорооччуларга субсидия уонна льгота көрөр, оҕону иитэр уонна дьону эмтиир тэрилтэлэргэ утаҕы тарҕатар систиэмэни олохтуур.

-2006 с. — Бүлүү улууһугар Кыһыл Сыырга гаас Саха сиригэр промышленнай хабааннаахтык туттуллубута 50 сылын уонна бөһүөлэк төрүттэммитэ 45 сылын бэлиэтээбиттэр.

-2008 с. — Дьокуускайга СГУ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуодунай университетын учредительнай конференцията ыытыллыбыт.

Күнү-дьылын билгэтэ

-Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.
-Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.
-Сылаас кыһын буоларыгар, бэс, харыйа туораахтара аҕыйах буолаллар.
-Кыһын халлаан сылыйарыгар, оһох уота сырдыктыҥы өҥнөнөр.
-Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйарыгар.

Calend.ru уонна бикипиэдьийэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0