Бүгүн — аан дойду I cэриитигэр дьоруойдуу охтубут буойуннары кэриэстээһин күнэ
Арассыыйаҕа атырдьах ыйын 1 күнүгэр аан дойду I cэриитигэр дьоруойдуу охтубут буойуннары кэриэстээһин 2013 сылтан бэлиэтэнэр. Бу сэриини элбэх дьон күүтүллүбэтэх, соһуччу быһылаан курдук ылыммыта.
Уопсай ааҕыы көрдөрөрүнэн, бу сэриигэ 10 мөлүйүөнтэн тахса киһи тыына быстыбыта, 22 мөлүйүөн киһи бааһыран кэлиэкэ буолбута. Арассыыйа бу сэриигэ 600 тыһыынча кэриҥэ саллаатын кыргыһыы хонуутугар хаалларбыта. Ити кэмнээҕи дьон бу сэриини “Улуу сэрии” диэн ааттаабыттара…
Саха сиригэр таҥара көмөтүнэн уопсай мобилизация буолбатаҕа. Дьиҥэр, ыраахтааҕы бырабыыталыстыбата бастакы былаанынан 1915 сылтан саҕалаан Саха сириттэн 10 тыһ. кэриҥэ киһини ыҥырыахтааҕа биллибитэ. Онтон чочумча буолан баран, 1916 сыл от ыйыгар сахалар түүлээҕинэн, көмүһүнэн сэрии ороскуотун сабара барыстааҕынан билинэн, уопсай мобилизация биллэриллибэтин туһунан үөрүүлээх биллэрии кэлбитэ. Ол да буоллар, сүүһүнэн байыаннай, хаһаак сулууспаҕа сылдьар биир дойдулаахтарбыт сэриигэ айаннаабыттара. Аҥаардас 1915 сыл саҥатыгар 374 саллаат, олор истэригэр 187 бааһынай, сэриигэ ыҥырыллыбыттара.
Бирикээс ыҥырыытынан барбыттары кытта баҕа санаа өттүнэн дойдуларын көмүскүү барбыт дьон эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Холобур, Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин олохтооҕо Иван Иннокентьевич Андросов доброволец быһыытынан Улуу сэриигэ аттаммыта. 1915 сылллаахха тиийэн отделение хамандыыра буола үрдээбитэ, 1918 сыллаахха дойдутугар икки Георгиевскай мэтээллээх эргиллибитэ. Ахтыыларыгар ордук дьулаан киирсиинэн ыстыыктаах атаака этэ диэн суруйар.
Бу күн Арассыыйаҕа таҥара дьиэлэригэр мэлиэбэн ыытыллар, кыргыһыы ааспыт сирдэригэр ахтыы аахсыйалара ааһаллар, буойуннар пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөлөрүн уураллар.
Бастакы хаартыскаҕа Саха сириттэн сэрии маҥнайгы сылыгар барбыт Журинскай дьаамсыктара.