Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ 287 ыйытыы киирдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө «Прямая линия» биэриигэ быһа эпииргэ тахсыаҕа. Иһитиннэрбиттэринэн, номнуо 280-тан тахса ыйытыы киирбит.

Дьон ыйытыыны көхтөөхтүк биэрэрэ бэлиэтэнэр. Муус устар 26 күнүгэр сарсыарда 287 ыйытыы киирдэ диэн СӨ Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
Саха сирин олохтоохторо ордук «Тырааныспар уонна суол» (39), «Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү» (28), «Доруобуйа харыстабыла» уонна «Социальнай хааччыйыы, социальнай өйөбүл уонна социальнай көмө» (сүүрбэ үстүү ыйытыы), «Дьиэнэн-уотунан хааччыйыы» (21), «Үөрэх уонна наука» (18), «ОДьКХ уонна энергетика», «Тутуу уонна тупсаран оҥоруу» (уон алталыы) тиэмэлэргэ ыйытыылары биэрбиттэр.
Бары кэриэтэ улуустан ыйытыылар киирбиттэр. Саамай элбэх ыйытыыны Дьокуускай куорат олохтоохторо биэрбиттэр (107), Өлүөхүмэ оройуонуттан (14), Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан (12), Алдан оройуонуттан (9).
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0