Бүгүн — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Ааптар: 
13.02.2020
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ 1996 сылтан СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан бэлиэтэнэр. Бэлиэ күн саха бастакы лингвист-учуонайа, сахалыы алпаабыт, бастакы букубаар ааптара Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр ыытыллар.

edersaas.ru

Саха тылын үөрэтиигэ сыыппараҕа сигэннэххэ маннык көстүү бэлиэтэнэр. СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр 726 уһуйаан баар. Онтон 515 уһуйааҥҥа иитии-үөрэтии төрөөбүт тылынан барар. 647 оскуолаттан 368 оскуола төрөөбүт тылынан үөрэтэр. Нууччалыы 95 тыһыынча, сахалыы 52 тыһыынча оҕо үөрэнэр. Саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтэр оҕо ахсаана — 30 292.

“СӨ Ил Дарханын иһинэн иһитиннэрэр киин” национальнай ааҕыныстыба 2019 сыл муус устар 24-ыам ыйын 8 күннэригэр ыйытык ыыппыта. Манна, уопсайа, өрөспүүбүлүкэ 13 муниципальнай оройуонугар 1500 киһи кыттыбыт. Ыйыттыкка олоҕурдахха, саха дьонун 80-тан тахса бырыһыана сахалыы иҥнибэккэ саҥарабын диэн хоруйдаабыт. Сахалар ортолоругар тылын мөлтөхтүк билэр дьон ахсаана — 2 %, букатын билбэт киһи 1 % эбит. Сахалар ортолоругар саха тылын билиигэ дьулуһуу 85 %, нууччаларга саха тылын билиигэ дьулуһуу 15 % эбит. Атын омук дьонун 29 % саха тылын үөрэтиэн баҕарара биллибит”, — диэн “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр суруйар.

Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев 1007 нүөмэрдээх ыйаахха илии баттаата. Ыйаахха олоҕуран, от ыйын 1 күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнүнэн биллэрилиннэ.

Бу күн ылбычча анаммата. Ол курдук, Саха сиригэр сахалыы-нууччалыы “Саха дойдута” (“Якутский край”) уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй бастакы хаһыат 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр тахсыбыта. Ил Дархан ыйааҕа Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө илии баттаммыта икки бүк үөрүүлээх.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0