Бүддьүөт социальнай хайысхатын тутуһар

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 9 күнүгэр, үп миниистирэ Валерий Жондоров суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэ ыытта. Миниистир өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туолуутун туһунан кэпсээтэ.

2020 сыллааҕы бүддьүөт дохуоттах чааһа  253 428,8 мөл. солк., онтон ороскуоттаах чааһа 260 589,8 мөл. солк. буолла.  Мантан нолуоктан уонна нолуоктан ураты киирэр дохуот   5 916,8 мөл. солк. улааппытын туһунан  миниистир кэпсээтэ.

Судаарыстыбаннай бүддьүөт  социальнай хайысхатын тутуһарын туһунан Валерий Алексеевич бэлиэтээн эттэ.

Ааһан эрэр сылга бүддьүөттэн социальнай эйгэҕэ 120 млрд солкуобай тыырыллыбыта. Мантан 29 млрд солкуобай доруобуйа харыстабылыгар. Үөрэҕириигэ — 50 млрд солк., култуураны сайыннарыыга — 4,1 млрд солк., гражданнары социальнай хааччыйыыга — 27,9 млрд солк., дьарыктаах буолуу салаатыгар — 2,2 млрд солк. , — диэн эбэн эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0