Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара төһө үрдүөй?

24.03.2022
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сыл муус устар 1 күнүттэн бэрэсидьиэн “ыам ыйынааҕы” ыйааҕар киирбэтэх, 35 тыһыынча бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара 6,4% үрдүөхтээх. Владимир Путин 2012 сыллаахха дуоһунаһыгар киирэригэр РФ бырабыыталыстыбатын иннигэр туруорбут соруктардаах «ыам ыйынааҕы» ыйааҕар, бастатан туран, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии баара.

Бу ханнык эйгэҕэ киирсэр үлэһиттэрий? Бэтэринээрдэр, агрономнар, лесниктэр, зоотехниктэр, баһаарынайдар, экэнэмиистэр, инженердэр, суоппардар, машинистар, повардар, буҕаалтырдар, уо.д.а. «прочие» диэн ыйыллыбыт категориялаах бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрэ киирсэллэр.

Санатар буоллахха, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр бу ыйыллыбыт бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнастара 3,6% үрдээн турар. Онон быйыл уопсайа 10% хамнастара үрдүөхтээх диэн СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0