Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

Ил Дархан 2018 сыл ахсынньы 29 күнүнээҕи 310 №-дээх ыйааҕын чэрчитинэн, быйыл сылы түмүктүүр бырабыыталыстыба мунньаҕар бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэр туһунан боппуруоһу көрбүттэрэ.

Онон Арассыыйа бэрэсидьиэнин “ыам ыйынааҕы ыйааҕар” хапсыбакка хаалбыт, бүддьүөт эйгэтин 37 тыһыынча үлэһитин хамнаһа 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 3 бырыһыан үрдүөхтээх. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут орто хамнастан намыһах хамнастаах агрономнарга, бэтэринээрдэргэ, инженердэргэ, суоппардарга, асчыттарга, ойуур үлэһиттэригэр, о.д.а. сыһыаннаах.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу сыалга 729,8 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ.

2021 сылга үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) 5,5% үрдээн, 12 792 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Саха сиригэр “хотугу эбиликтэр” уонна оройуон коэффициена эбиллэн, бүддьүөт үлэһиттэригэр МРОТ кээмэйэ 31 980 солкуобай, хотугу улуустарга 35 818 солкуобай буолар. Хамнас бу кээмэйтэн намыһах буолуо суохтаах. Онон үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ үрдээтэҕинэ, 30 тыһыынча кэриҥэ киһи хамнаһа, кыратык да буоллар, үрдүөҕэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0