Бүддьүөт дохуоттаах чааһа 23% улаатта

01.02.2019
Бөлөххө киир:

2018 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 219 миллиард солкуобай үп киирдэ. СӨ үбүн миниистирэ Валерий Жондоров этэринэн, бу көрдөрүү былааны 10 миллиард солкуобайынан куоһарда. 2017 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, дохуот кээмэйэ 23,6% бырыһыанынан үрдээн, 42 миллиардынан эбиллибит.

edersaas.ru

«Атын субъектарга ити көрдөрүү 15%, оттон Саха сиригэр бүддьүөккэ киирэн түмүллэр дохуот 23,6% тиийдэ. Алмаас уонна ньиэп бырамыысыланнаһын сырьевой ырыынагар сыана үрдээн, барыстан тутуллар нолуок эмиэ эбиллэн, бүддьүөт дохуота улаатта», — диэн эттэ миниистир.

Онон эбии дохуот киирэн, өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыба иэһэ 1 млрд 181 мөлүйүөн солкуобайынан аччаабыт. Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар Саха сирэ биир саамай бигэ туруктаах бүддьүөттээх субъект ахсааныгар киирэр.

2018 сылга бүддьүөт ороскуота 208,9 млрд  солкуобайга тэҥнэспит. Оттон дохуот ороскуот чааһын баһыйыыта (профицит) 10,2 млрд солкуобай. Санатан эттэххэ, былырыын бүддьүөт дэписиитэ 9 млрд солк. этэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0