Бу орто дойдуга киһи дьылҕата диэн уустук. Сорох дьон сиэринэн этэҥҥэ олорон, үлэлээн, үйэтин моҥуур чиэскэ тиксэр, сорох кыраттан да тэмтэрийэн, олоҕун алдьатар, тоҕо эрэ мэлдьи туга эрэ сатаммат. Сорох ардыгар киһи бэйэтэ кыһалла, үлэлии, көрдүү сатаабытын да үрдүнэн, син биир сатаммат буолааччы. Дьадаҥы киһи байан барбат, тапталын күүтэр киһи соҕотох сорсуйар…
Дьылҕа тоҕо оннук араас-араас сценарийдаах олоҕу аныырын мин толкуйдуу сатыыр буоларым. Эмиэ да, бары биир халыыбынан олох олордохпутуна, хата, чуҥкук баҕайы буолара буолуо. Баҕар, сорох этиэҕэ – барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах диэн. Ол гынан баран, сороҕор киһи хайдах да туруулаһа, үтүөҕэ тардыһа сатаабытын иһин, туох эрэ күүс кинини саба баттыы, таҥнары тарда турар курдук буолар түгэннээх. Өссө Алампа этэн турардаах: бүдүрүйбүт көммөт диэн. Кырдьык, төһөлөөх үгүс дьон барахсаттар бүдүрүйэн, аһыы уу утахтанан, дьиэттэн-уоттан, оҕоттон-урууттан тэйэн, киһи аатыттан ааһан сылдьаллара, эбэтэр олох да ханнык эрэ олбуор анныгар охтубуттара буолуой!..
Ол да буоллар, ханнык да үгэскэ кубулуйбут быраабылаттан туорааһын диэн эмиэ баар буолааччы. Мин бүгүн дьиҥнээх олоххо буолбут эрээри, остуоруйаҕа курдук үчүгэй түмүктээх түбэлтэни кэпсиэхпин баҕардым…
* * *
Аҕыйах сыллааҕыта саас эрдэ туох эрэ наадабар дойдубар тахса сылдьыбытым. Улуус киинигэр тиийэн баран, кытыы нэһилиэккэ тахсар массыына булар кыһалҕатыгар түспүтүм. Ырыынак аттыттан хас да нэһилиэгинэн эргийэн кэлэр таксины булан, хата, бэрт сыыдамнык айаннатан испиппит. Уонтан тахса киһи симиллэн, бэрт кыараҕастык айаннаабыппыт. Кэнники олбоххо үс-түөрт эдэр уол бааҥкалаах пиибэ бөҕөтүн суумкаларыттан таһаара-таһаара иһэн-аһаан, кэнникинэн күлсүүлэрэ-салсыылара, айдааннара үксээн барбыта.
Инники өрдөөҥҥүттэн билсэр саас ортолоох дьахталлар сонуннарын үллэстэн кэпсэтэн ньамалаһаллара. Оттон ортоку олбоххо, түннүк таһыгар биир эргэ, мара соҕус таҥастаах, мэндээриччи көрбүт киэҥ харахтаах, синньигэс кырыылаах иэдэстээх, эдэрчи дьахтар кимиэхэ да кыһаммат курдук туттан, түннүгү одуулаһан олороро. Ол эрэн, кини иннин диэки нөрүйэн, бүтүн бэйэтэ күүрэн олороро аахайбаттык килэччи көрбүт хараҕын кытта дьүөрэлэспэт этэ. Дьахталлар кини диэки көрө-көрө тугу эрэ сибигинэһэллэрэ, сороҕор кынчарыйан да ылаллара. Холуочук уолаттар туруорсубут уочараттаах тохтобулларын кэмигэр биир дьабыгыраабыт элбэх саҥалаах толуу дьахтар суоппарга баран тугу эрэ сибигинэйэр этэ. Суоппар кэҕис гыммыта. Онтон дьахтар миэхэ чугаһаан кэлэн, ону-маны кэпсэппитэ буолбута, ханна айаннаан иһэрбин туоһуласпыта уонна сибис гыммыта:
— Билигин Харыйалаахха дьону түһэртиир, ол гынан баран, ити дьахтар Угут Күөлгэ оҕо былдьаһа баран иһэр. Онон Харыйалаахха бары түһүөхпүт, Угут Күөлгэ кэллибит диэн. Ити дьахтары муннарыахха наада. Ити төбөтүнэн ыалдьар дьахтар, сэрэнээр, – диэн улаханы оҥорбут, быыһаабыт-абыраабыт киһи курдук туттубута. Мин сөбүлээбэтэҕим, ол да буоллар, кыттыһыахпын баҕарбакка, тугу да саҥарбатаҕым.
Эппиттэрин курдук, Харыйалаахха тиийэн баран, бары Угут Күөлгэ кэллибит дии-дии түһэн, маҕаһыыҥҥа эҥин кииртэлээн хаалбыттара. Массыына тэйиччи соҕус кулууп иннигэр баран тохтообута. Дьон уора-көстө массыынаҕа киирэн олорунан кэбиспиттэрэ. Дьахтар өйдөөбөтөх курдук туттан, тулатын эргим-ургум көрө-көрө, маҕаһыын иннигэр соҕотоҕун туран хаалбыта.
Угут Күөлгэ айаннаан иһэн, күө-дьаа буолан ити дьахтар туһунан кэпсэппиттэрэ.
— Уонча сыллааҕыта кыыһынан сылдьан төрөөн баран, ити төбөтүнэн ыалдьыбыт. Ханнык эрэ кэлии киһиттэн. Сэлээрчэх буоллаҕа дии. Оҕотун бырахпытын, Маппыйдаах ылан ииттибиттэрэ. Ким киниэхэ эппитэ буолла, иирээкилэр бараахтарыгар хаайыллан сытан баран, оҕолооҕун туһунан истэн, ити былдьаһа баран иһэр. Маппыйдаах эрэйдээхтэр хантан билээхтиэхтэрэй, иирээки барааҕыттан тахсыа диэн. Баран ыһаттаан да кэбистэҕинэ көҥүлэ. Күтүрү тоҕо да таһаарбыттара буолла…
Ити түбэлтэ өйбүттэн тахсыбакка өр кэмҥэ эрэйдээбитэ. Көмөлөспөккө, кыттыгастаах курдук хаалбыппыттан кэмсинэрим. Тоҕо эрэ дьахтар өйдөөбөтөх курдук ып-ыраастык килэччи көрөн турар харахтара харахпар көстөллөрө.
Күннээҕи түбүккэ баттатан, күннэр-дьыллар устан испиттэрэ. Кэлин умнан да барбытым.
Ол эрэн… Кинини кытары дьылҕам иккиһин көрүһүннэрэр тосхоллоох эбит этэ. Үһүс оҕобун ыарахан сылдьан моһуогуран, куоракка төрүүр дьиэҕэ эрдэ киирэн сыппытым. Төрүүр дьахтар олус элбэҕэ. Көрүдүөргэ кытта симиллэн сыталлара. Тугу гыныахтара баарай, күнү быһа истэрин туттан баран, көрүдүөрүнэн төттөрү-таары хааман аалыҥнаһан тахсаллара. Биир оннук «обход» кэмигэр эргэ халааттаах, нэһиилэ хаамар саастаах дьахтары хараҕым хайдах эрэ «таптыы» көрбүтэ. Иккис эргийэн кэлиибэр, дьэ сыныйан көрбүтүм, били, «иирээки» диэбит дьахтардара эбит! Сүрдээҕин сөхпүтүм.
Бу дьиэҕэ киһи түргэнник билсэр. Сылтах булан, кэпсэтэр буолбуппут. Кэпсэтэрэ, туттара-хаптара көннөрү киһиттэн туох да уратыта суоҕа. Арай, сорох ардыгар кэпсэтэ олорон саҥата суох баран хаалара, сиртэн тэйбит, бу олоххо суох курдук туттан өр соҕус дөйөн олороро. Оннук кэмҥэ харахтара хараара иччитэхсийэн, иин иһин курдук тымныынан аҥылыйаллара. Кини олоҕор элбэх эрэйи көрбүтэ сирэйигэр сурулла сылдьар этэ.
Биирдэ айаҕа аһыллан, бэйэтин олоҕун туһунан бу курдук уһуннук кэпсээбитэ:
— Мин да син оҕо оҕо курдук этим. Ийэлээх аҕабар соҕотох оҕо буоламмын, атаахтатан ииппиттэрэ. Кинилэргэ оҕо турбат эбит. Биэстэ оҕоломмуттарыттан мин эрэ тыыннаах ордон хаалбыппын. Тыыннаах да хаалаахтаан, биир киһи олоҕор сөп буолар эрэйи көрдүм…
Биһиги хос эһээбит баай киһи кылаатын кистииригэр сүгээччи-көтөҕөөччү буолан сылдьыспыт, онно хааннаах андаҕар биэрбит. Онтон кэлин бассабыыктар ыган-түүрэн, сорун сордоон барбыттарыгар, тулуйбакка, этэн биэрбит. Ол аньыыта туолан, биэс оҕото бары олохторугар дьоло суох буолбуттар. Сорохторо оһолго түбэһэн, өссө убайдара бэйэтигэр тиийинэн өлбүттэрэ. Мин эбээбин иирэн өлбүтэ дииллэрэ.
Оскуоланы бүтэриибэр биир кэлии зоотехник уолу таптаабытым. Барахсан мааныта, культурнайа, биһиги уолаттарбытыгар тэҥнээх буолуо дуо? Уол оҕото кэлэн-баран дьоролдьуйан, кэпсэтэн-ипсэтэн хайа да бэйэлээҕи уулларыах курдуга. Кыыс бөҕө ымсыырара. Ол бэйэтэ миигин талбытыттан атыттартан ордук курдук санаммытым, дьолбуттан төбөм эргийбитэ. Ол курдук сылдьыбыппыт. Киһим бастаан сүрдээх курдуга, «таптыыбын да таптыыбын» диирэ, омуннаахтык кимтэр кимэн киирэн испитэ, миигинэ суох биир да чаас сатамматын хатылыыра, кэргэн ылыах буолара. Турар бэйэбинэн эрэ, туох да улаҕалаах санаата суох, оҕотук кыысчаан ону тулуйбакка бэриммитим, ыраас тапталбын утары ууммутум.
Ол сылдьан ыарахан буолан хаалбытым, бастаан билбэккэ да сылдьыбытым. Оттон кини Саҥа Дьылга дойдутугар барбыта да, сүтэн хаалбыта, кэлбэтэҕэ. Кэлиэ диэн бигэ эрэллээҕим. Оҕолонон баран киниэхэ тиийиэм диирим. Арай, бу аҕай төрүүр дьиэҕэ киирээри сылдьан истибитим, кини дойдутугар кэргэннээҕин. Ол аата миигин соруйан албыннаатаҕа дии. Оҕотук санаабар олус аймаммытым, кэлэйбитим…
Ол саҕана кыыһынан төрүүр диэн олус сааттааҕа. Дьонум эрэйдээхтэр дэриэбинэҕэ быкпат буола сатыыллара. Биирдэ ийэбин маҕаһыыҥҥа дьахталлар тутан ылан, ытыар диэри саҥарбыттар этэ. Ытамньыйан бөтөн ыла-ыла, аҕабар муҥатыйан кэпсии олорорун көрөн, аһынным да этэ! Билигин да санаатахпына, сүрэҕим ньүөлүйэр… Ити барыта мин туспуттан!.. Эрэй кэллэҕинэ, сору кытары сиэттиһэ сылдьар эбит этэ. Ийэлээх аҕабын эрдэ ииннээбит мин баарбын!.. Аны кэлэн, муҥатыйан да диэн!
Ыараханнык төрөөбүтүм. Ытаабытым, санаарҕаабытым да мэһэй буоллаҕа. Өй-мэй буолан ылыталыырым. Онтон ыараханнык ыалдьыбытым. Күнү-түүнү араарбат буолбутум, илэ дуу, түүлбэр дуу араас уобарастар көстөллөрө… Кырдьаҕас оҕонньор, бадаҕа, хос эһэм улахан сундуугу кыбыммытынан хоспор киирэн кэлэрэ, оронум аттыгар туран тобулу одуулуура. Илэ кэлэн илдьэ бараары гынна диэн, куттанан, тыыным хаайтарара, хаһыытаан дьону куттуурум. «Ити кэллэ, сиэри гынна, үүрүҥ даа, үүрүҥ!» диэн тыллаах үһүбүн.
Төбөтүнэн ыалдьыбыт диэн иирээкилэр дьиэлэригэр уган кэбиспиттэрэ. Ийэм, төрүт да мөлтөх доруобуйалаах киһи, сүрэҕинэн охтубута. Ону мин билбэккэ да хаалбытым… Аҕам да, ийэм кэнниттэн уһаабатаҕа. Оҕобун детдомҥа биэрбиттэр, онтон ыаллыы дэриэбинэттэн биир оҕото суох ыал ылан ииттибиттэр диэн кэлин дьонтон истибитим. Ити курдук мин олоҕум түҥнэстибитэ.
«Ол дойдуга» сылтан ордук хаайыллыбытым. Күүстээх эмтэринэн эмтииллэрэ. Кэлин үтүөрдэ диэн таһаарбыттара, көннөрү бэрэбиэркэлэнэр эрэ этим. Туох да миигин үөрдүбэт, таарыйбат, ким да миэхэ наадыйбат, күүппэт, таптаабат. Дьиэ-уот суох, үлэ-үөрэх суох. Дойдубар барыахпын баҕарбат этим. Ийэлээх аҕабын, оҕобун өлбүттэр диэн кэпсээбиттэрэ. Онуоха бэйэбин буруйданарым, санаатым да, хараҕым уута субуруйбутунан барара.
Ускул-тэскил сылдьан, иһээччи дьону булсан, амырыын көрүҥнээх «бомж» буолан сылдьыбытым… Дьонтон харчы көрдөөн ылан, сороҕор бөхтөн сэнэх сээкэйи булан атыылаан баран, сонно арыгылыырбыт. Арыгы истэхпинэ эрэйбин-муҥмун умнубут курдук буоларым. Олохторугар сатамматах дьон арааһа онно баара…
Ол сырыттахпына, быраҕыллыбыт дьиэҕэ уот тардынан, кирпииччэни боробулуоханан эрийэн ититинэн олорор сааһыран эрэр киһи булан, ойох оҥостубута. Тото аһатар этэ, арыгыны кэмнээн биэрэрэ. Эргэ-урба да буоллар, сэнэх таҥаһы булан биэрэрэ. Арай, «дьиэтэ» тымныыта бэрдэ. Куһаҕана диэн, итирдэҕинэ, урукку ойоҕун, оҕолорун ахтан суланан тахсара, сороҕор илиитин да көтөҕөрө.
Ол киһи олбуор харбааччынан үлэлиирэ, мин эмиэ киниэхэ көмөлөһөр буолбутум. Биирдэ оҕо сааһым саамай чугас дьүөгэтин көрсө түспүтүм. Кини бастаан билбэтэҕэ, соһуйбута-өмүрбүтэ, ол да буоллар, син биир хайдах эрэ тэйэ туттара. Буолумуна, ытыктанар ыал ийэтэ төһө да оҕо саас доҕоро буоллар, иирээки, арыгыһыт дьахтары кытары сэлэһэриттэн кыбыстара да буолуо. Киниттэн истибитим, оҕобун атын ыал ылан ииттибитин…
Ити кэнниттэн мин олохпор күн сардаҥата күлүм гыммытын курдук буолбута. Ханна эрэ мин сорҕом, мин оҕом, эт-хаан чугас киһим баар диэн санаа миигин кынаттаабыта. Саатар, баран аҥаар харахпынан кылатан көрбүт киһи диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Ким курдуга буолуой, хайдах дьоҥҥо олорор эҥин диэн санаан тахсарым. Кистээбэппин, сатаннаҕына ылбыт, илдьэ барбыт киһи диэн кичэл санаа кыламныыра… Ол мин ханнааҕы дьиэбэр-уоппар илдьэн, ханнааҕы үппүнэн-харчыбынан иитиэхпиний! Таах санаа көччөҕө эрэ буоллаҕа.
Ол курдук киһим ууруммут харчытыттан сороҕун ылан баран (мин да үлэлээтэҕим дии!), дойдулаан хаалбытым. Улуус киинигэр ийэм дьүөгэтэ дьахтары көрсөн, тоҕо эрэ оҕо көрө баран иһэрбин кэпсээн биэрбитим. Көмөлөһүө дии санаатаҕым. Ол дьахтар дьоҥҥо барытыгар тыллаан, аймалҕан бөҕөтүн таһаарбыт. Оннооҕор айаннаан иһэр массыынабытын муннаран, миигин атын дэриэбинэҕэ илдьэн бырахпыттара.
Саас этэ. Суол номнуо харааран, сорох сиринэн быһыта сиэһэн эрэрэ. Билбэт сирбэр тугу гына сылдьыамый, суолга тахсан аа-дьуо Угут Күөл диэки хаама турбутум. Сылаас дии санаабытым да, киэһэнэн дэлби тоҥон, дьагдьайан барбытым. Массыыналар иккитэ ситэн ааспыттара да, олордубатахтара. Хараҥарбыта, чысхааннаммыта. Аччыктаан, эстэн-быстан, хабыс-хараҥаҕа харбыалаһан испитим. Сылайан, лах гына олоро түһээт, мууһура тоҥмут хаары хаһан сиэтэхпинэ, хараҕым сырдыырга дылы гынара. Онтон иннибэр чаҕылыспыт уоттары көрөөт, үөрдүм да этэ! Дьон үтүө санаатыгар итэҕэйэрим, сотору кыысчааммын көрүөм дии санаан, күүспэр күүс эбиллибит курдук буолбута. Инним диэки дьүккүйбүтүнэн барбытым.
Дьонтон ыйыталаһан, били ыалбын булбутум. Киэҥ тиэргэннээх, улахан дьиэлээх, сэниэтик олорор ыал эбит. Араҕас сабыы нөҥүө түннүктэрэ сып-сырдык уотунан сандаараллара, оһох буруота бургучуйара. Мэктиэтигэр минньигэс ас сыта кэлэргэ дылыта. Ыт үрэн баргыйбыта. Балачча буолан баран, киһи тахсан ким кэлбитин ыйыппыта.
— Мин, мин… Ээ, ити… Киллэриҥҥитиий, баһаалыста, дэлби тоҥнум. Ити… оҕобун көрүөм этэ, кып-кыратык көрүөм эрэ…
Киһи сүтэн хаалбыта. Дьиэҕэ түннүк сабыыта хамсаабыта, онтон уот умуллан ньимис гыммыта. Мин ыксаан кэлииккэ аанын тэбиэлээбитим, ыт ыстана-ыстана баргыйбыта. Өр соҕус буолан баран, эр киһи тахсан бардьыгынаабыта:
— Ханнык да оҕо суох манна! Көр эрэ, араас илэчиискэлэр мустар сирдэрэ буолбут дии манна! Бар мантан!!! Барбатаххына, ыты ыытыам!
— Ханна да барар сирим суох ээ. Тоҥон өлөбүн дуо, оччоҕо?!. – симмэр түһэн, хардарсыбытым.
— Хочуолунайга бар! Онно эн курдук итирикситтэр мустар сирдэрэ!..
Атаҕастабылы, сэнэбили көрүстүм ини, көрсүбэтим ини! Арай ити ыар тыллар мин сүрэхпэр сүгэ-балта буолан сааллыбыттара, дьоҥҥо тиһэх эрэлбин симэлиппиттэрэ. Хараҕым уутугар харан, уулусса устун мээнэ баран испитим. Илиим-атаҕым, сирэйим тоҥон-тоҥон тымныыны билбэт буолбуттара. Бу сиргэ олорон да диэн, сүтэрэрим туох да суох, аһыйар-ытыыр да киһи суох, ол кэриэтин тоҥон өлүүм диэн санаа кыламнаабыта.
Дэриэбинэ кытыытыгар кэлбит быһыылааҕым, чугас тыа хараара барыйара. Хаарга олоро түһээт, устунан сытынан, харахпын симэн, мип-минньигэстик нухарыйан барбытым. Дьэ сынньаныам буоллаҕа!
Арай ким эрэ тардыалыырыттан, сосуһарыттан уһуктан кэлбитим. Минньигэс түүлбүттэн арахсымаары, харахпын өссө күүскэ симпитим. «Ыыт» дии сатаабытым да, саҥам тахсыбатаҕа, хардьыгынаабытым эрэ. Ким эрэ күүстээх илиитинэн көхсүгэр ылан бырахпыта уонна сүгэн баран ханна эрэ илдьибитэ. «Баҕар, абааһылара буолуо, сиэри илтэҕэ. Дьэ, ол да дойдуга сүгүн сырытыннарбаттара сүрүн!» – дии санаабытым.
Абааһым атын «абааһы» этэ! Тигинэччи оттулла турар оһохтоох, син сэнэх дьиэҕэ киллэрбитэ. Сылааска киирэн баран, тоҥмуппун таһааран, кэтэҕим истиэнэни либийиэр диэри дьигиһийбитим, титирээбитим. Тас таҥаспын устан баран, айахпар арыгы куппута, тугу да билбэт буолбут илиибин-атахпын, сирэйбин имиппитэ. Айахпар туох эрэ сылаас, убаҕас аһы кутар быһыылааҕа. Сылаас киирэн, итийэн, налыйан, халтаһам сабыллан, хараҕым эмиэ сабыллан киирэн барбыта.
— Хантан кэлбит, тугу гына сылдьар дьахтаргыный? Кимнээххэ кэлбиккиний? – диэн киһи ыйыппыта.
Мин дьиэни тула өйдөөн көрбүтүм, биир оһохтоох, кыараҕас дьиэ эбит. Хос эҥин диэн көрүллүбэтэх, арай, биир муннукка быыс сабыы тардыллыбыт. Тула былыргылыы наара ороннор, бэйэ оҥоһуута улахан остуол, олоппостор, иһит уурар ыскаап. Ороннорго кирдээх таҥас-сап күөдэллэммит. Оһох иннигэр аргынньахтаан дьиэ хаһаайына олорор. Маҥхайан эрэр баттаҕын кылгас гына кырыйтарбыт, саас ортолоох, күн уота сиэн килэриппит сирэйдээх, эт лахса киһи мин диэки уоттааҕынан чолбоодуччу көрөн олороро.
— Ээ, мээнэ сылдьабын, – диэн аат-харата быһаарыыта суох хоруйдаабытым.
— Тоҥон өлө сыспыккын. Хата, мин түбэһэ кэлбэтэҕим буоллар, иэдээн буола сыспыт. Сарсыарда токуччу тоҥмут киһини булуо этилэр. Бу диэки ыал суох ээ, – диэн баран, киһим таҥнан таһырдьа тахсыбыта. Атаҕын тыаһа уулусса устун хоочугуруу турбута. Син балачча буолан баран, мас соһон сырылатан аҕалан, дьиэтигэр кыстаабыта, оһоҕор эбэн биэрбитэ. «Оҕонньор», арааһа, ыалыттан мас «уларсан» аҕалла быһыылааҕа. Чэ, бэрт, саатар бу түүн тоҥон өлбөт буоллаҕым.
Ити кэннэ иккиэн олорон аһаабыппыт. Минньигэс баҕайы сыттаах, буруолаан бургучуйа сылдьар миин кутан биэрбитин, аччыктаабытым бэрт буолан, иһэн кэбиспитим, өссө эбиммитим. Ыт миинин иһэ олорорбун хантан билиэмий. Кэлин билбитим, киһим хаһаайына суох сылдьар ыттары бултаһан, «идэһэлэнэр» дьикти идэлээх эбит этэ. Эбэтэр дьон ытырыык ыттарын биир бытыылкаҕа өлөртөрө аҕалаллар үһү… Быыс кэнниттэн хасыһан-хасыһан биир бытыылканы ойутан таһаарбыта. Икки эрэйдээхтэр, иккис устуопка кэнниттэн айахпыт аһыллан, бэркэ тапсан кэпсэтэн киирэн барбыппыт. Мин бэйэм олохпун түөрэ барытын кэпсээбитим. Кини эмиэ элбэх эрэйи көрбүт киһи этэ.
Тугу барытын сатыыр, тимири хаамтарар уус киһи, сулумах буолан, иһэн кэбиһэ-кэбиһэ, кырдьар сааһыгар соҕотох олорор. Эдэригэр улахан күүстээх киһи үһү, ол биир охсуһууга киһини эчэтэн, хаайыыга олорон кэлбит. Биир дьахтары ойох ыла сылдьыбыт да, онто атын киһиэхэ иирэн баран хаалбыт. Дэриэбинэҕэ оһохтон саҕалаан салааскаҕа тиийэ оҥортороллоругар барытыгар бытыылканан төлөһөллөр, онон кур сылдьааччы кини буолар эбит. «Кырдьан киһи кыаммат буолан хаалар, доруобуйа да айгыраата, аны испэккэ киһилии олорбут киһи,» – диэн «көнөр» санаалааҕын быктаран ааспыта.
Ити курдук кэпсэтэн утуйбуппут. Миэхэ быыс кэннигэр орон тэлгээбитэ. Арай, түүн ортото ааны дирбийэр тыастан уһукта биэрбитим. Киһим туран, ааны аһан эрэрэ. Оок дьэ, били мин куораттааҕы «табаарыстарым» курдук дьүһүн-бодо, ханньайбыт-энньэйбит дьон киирэн кэлбэттэр дуо! «Убайбытыгар, бу, кэһиилээх кэллибит, дабаай, остуолгун тарт! Хата, ытыҥ этэ баар дуо?» – дэһэ-дэһэ күллэҕэ буолан алларастаспыттара. Күүстэринэн остуолга олорон иһэн-аһаан барбыттара. “Ньуу-ньаа” саҥа-иҥэ хойдубута.
— Хайа, бу, убайбыт кими саһыара сытарый? – диэн саҥаттан соһуйан, харахпын аспытым, биир киһи үрдүбэр кэлэн нөрүйэн турара. Өйдөнүөх түгэн биэрбэккэ, суорҕаммын хастыы тарпыта. – Ол да иһин, убайбыт обургу, таах сылдьыа баара дуо! Син бэрт бытааһаҕы анныгар укта сытар эбит буолбаат! Хата, биһиги да тииһиннэхпит, – диэн баран, айаҕыттан арыгы сыта аҥылыйбытынан, үрдүбэр саба түспүтэ.
— Ити дьахтары тыытымаҥ диэтим! – диэн атын үлүгэрдик баргыйбытынан дьиэлээх хаһаайын били киһини оронтон соһон түһэрээт, сыҥаахха охсон кибилиннэрбитэ. Остуолга олорбут икки киһи ойон туран, мин киһим үрдүгэр түспүттэрэ. Кырдьык, күүстээх баҕайы быһыылааҕа, иккиэннэрин саба баттаан эрдэҕинэ, биирдэрэ быһаҕын кылабачытан таһааран, киһибин искэ аспыта. Мин бэйэм кулгааҕым дөйүөр диэри хатаннык часкыйбытым. Киһи эрэ буоллаллар, син халыйбыт хааны көрөн куттаммыттара, куоппуттара. Мин салҕаластаан туран, киһибин көрбүтүм, тыыннаах этэ! Ол-бу таҥаһынан баайдаҕа буолаат, күнүс көрөн ааспыт балыыһабар ыстаммытым. Оо, ол тоҥмут чалбахтартан халтарыйан умса-төннө түһэн иһэн, Таҥараттан көрдөстүм да этэ! Бэрт кылгас да кэмҥэ буоллар, миигин аһыммыт, ириэрбит кини эрэ баар. Хайдах эрэ чугас баҕайы буолан хаалбыт курдуга. Кини өллөҕүнэ, мин сап саҕаттан салҕана сатыыр олоҕум быата эмиэ быһа барыах курдуга.
Балыыһаҕа тиийэн, түптэ-түрүлүөн бөҕөтүн түһэрэммин, түүннэри улуус киинигэр киллэрбиттэрэ. Кырыы харахтарынан кынчарыйдаллар да, мин эмиэ киирсибитим. Үтүөрэн тахсыар диэри аттыгар сылдьыбытым, ас таһан аһаппытым. Балыыһаттан тахсыбытын кэннэ, дьиэни сууйан-сотон, ас-үөл, таҥас-сап атыылаһан, эр-ойох курдук олорон барбыппыт. Арыгыбытын быраҕан, икки соҕотохсуйбут дьон өйөһөн-убаһан, киһилии олоххо тардыспыппыт.
Дьон бастаан аһаҕастык күлүү гынар этилэр. Үөҕэр да дьон бааллара. Оҕом дьоно манна олохсуйбуппун, биллэн турар, бастааҥҥыттан абааһы көрбүттэрэ. Дьаһалтаны кытта кэпсэтэн үүрдэрэ сатаабыттара. Оҕолорун күрэтэн, атын дэриэбинэҕэ ыыппыттара. Биирдэ ииппит ийэтин көрсөн, былдьаһар санаам суоҕун эппитим, ол кэннэ арыый сымнаабыттара. Оҕом котоку оскуолаҕа баран-кэлэн туллуктанарын биирдэ эмэ түбэһэ көрдөхпүнэ, сүрэҕим сылаанньыйааччы. Миигин көрө-көрө куотар, хайыай, куттаатахтара дии, онон чугаһыы сатаабаппын. Ииппэтэх иэстээх буоллаҕым дии.
Киһим тосту көнөн, дьиэтин-уотун өрө тардан, тэлгэһэ-олбуор тэринэн, үлэ-хамнас бөҕө. Кимнээҕэр да бүгүрү үлэһит, тимири да, маһы да ыллатар уус буолан, харчынан тутайбатахпыт. Төлөбүрүн харчынан, бородууктанан ылар буолбута. Дьон да онно үөрэнэн барбыта. Биһиги да ыаллаһар, сэлэһэр дьонноммуппут. Онтон бу, бэйэбит да соһуйуохпут быатыгар, оҕо үөскээн хаалла. Тоҥоруулаах, ыарыылаах диэн куоракка ыыппыттара. Онон бу сытабын. Кэргэммин ахтан аҥаарым хаалла. Оттон барыта үчүгэй буолар ини. Таҥара биһиэхэ тиһэх бэлэҕин ыыппыт быһыылаах. Бүдүрүйэ сылдьыбыт да дьон көнөн, үтүөҕэ тардыстыннар, олохторун көннөрдүннэр диэн. Онон бүдүрүйбүт да көнөр эбит, – диэн дьахтар кэпсээнин түмүктээбитэ…