Үөһээ Муунаҕа «Заполярнай» алмаас хостуур рудниктарын хотугулуу-арҕаа өттүн чинчийэн көрбүттэринэн, «АЛРОСА» хампаанньа саамай бөдөҥ күндү таастарын баараҕай саппааһа манна баар буолуон сөбө билиннэ.
edersaas.ru
Хайаны байытар 12 №-дээх фабрикаҕа «Заполярнай» туруупкаттан 100 тыһыынча туонна руудааны тиэйэн аҕалбыттарыттан алмаас ахсаана былааннаммыт көрдөрүүттэн таһыччы үрдүгүн туһунан иһитиннэрдилэр.
«Биэс күн иһигэр «Заполярнай» айылҕа баайдаах сиртэн 8 караттан үөһэ ыйааһыннаах 239 бөдөҥ алмааһы ыллыбыт. Бу үчүгэй көрдөрүү. Холобур, «Удачнай» туруупкатын таастара быдан кыралар», — диэн этэр «АЛРОСА» хампаанньа кылаабынай инженерэ Андрей Черепнов.
Бу алмаастар быыстарыгар 51,15, 70, 67 караттаах ювелирнай таастар бааллар, оттон 268 караттаах түөрт улахаттара хаачыстыбалара арыый мөлтөх.
Күндү таастары барыларын «АЛРОСА» алмааһы көрүҥнэринэн араарар Мииринэйдээҕи киинигэр ыыттылар. Онно айылҕа баайын хаачыстыбатын тургутан көрүөхтэрэ уонна сыаналыахтара.
Санатан эттэххэ, Үөһээ Муунаҕа 51,49 уонна 98,8 караттаах улахан, сэдэх алмаас көстүбүтэ. Айылҕа баайа Сахабыт сирин арҕаа өттүгэр Удачнайтан 170 килэмиэтирдээх сиргэ баар. Билиҥҥи туругунан, «Заполярнай», «Деймос», «Новинка», «Комсомольская-Магнитная» түөрт кимберлитовай туруупкалар үөрэтиллэн, үлэлээн эрэллэр. Былаан быһыытынан, манна сылга 1,8 мөлүйүөн караттаах алмааһы хостуохтара. Сир баайын саппааһа быһа холоон 2042 сылга диэри тиийиэҕэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru