Сахалиҥҥа «Азия оҕолоро» кыһыҥҥы спортивнай оонньуулар түмүктэннилэр. Далааһыннаах күрэхтэһиигэ 20 дойдуттан тыһыынчаттан тахса спортсмен кытынна. Спорт 8 көрүҥэр: шорт-треккэ, хоккейга, трамплинтан ыстаныыга, сноубордка, биатлоҥҥа, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа уо.д.а. 93 кэмпилиэк мэтээл оонньонно. Мэтээллэри Арассыыйа хамаандалара — Ураллааҕы федеральнай уокурук, Москва, Сахалин уобаластарын бэрэстэбиитэллэрэ кыайа-хото ыллылар.
«Единая субсидия» харчытынан тэриллэри саҥардан биэрдибит уонна аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир эбийиэктэр тутулуннулар. Саамай кылаабынайа, аны билигин Сахалин олохтоохторо уонна ыалдьыттар бары бу трассаларынан туһанар, комплекстарга сылдьар кыахтаннылар. Бастатан туран, бу кинилэргэ анаан тутулунна. «Единая субсидия» чэрчитинэн, Уһук Илин эҥэргэ 241 эбийиэк тутуллуо уонна саҥардыллан оҥоһуллуо. Онно киириэхтэрэ спортивнай, культурнай тэрилтэлэр, оскуолалар, оҕо саадтара, балыыһалар», -диэтэ Уһук Илин сайдыытын миниистирэ Александр Козлов.
«2021 сыллаахха буолуохтаах аныгыскы кыһыҥҥы оонньуулар ханна ыытыллалларын туһунан кэпсэтии бара турар. Претенденнэргэ Арассыыйа хас даҕаны эрэгийиэнэ уонна Азия дойдулара бааллар. Сахалин да оонньууну ыытыан баҕарар. Бу оонньууну ыытарга саамай үчүгэй сир диэн эрэнэбин», – диир «Азия оҕолоро» оонньууларга норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Дмитрий Глушко. Кини бэлиэтээбитинэн, Монголияттан, Кемерово уобаластан кэлбит делегациялар бу кыһыҥҥы оонньуулар үөрүйэхтэригэр үөрэнэн барбыттар.
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар 1996, 2000, 2004, 2008, 2012 уонна 2016 сыллардаахха үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттара. Бу оонньууларга Азия 42 дойдутуттан , Арассыыйа 27 эрэгийиэниттэн уопсайа 10 тыһыынчаттан тахса оҕо кыттыбыт. Оонньууну ЮНЕСКО, норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт уонна Азия Олимпийскай сэбиэтэ өйүүллэр. «Азия оҕолоро» бастакы кыһыҥҥы норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар олунньу 9-16 күннэригэр ыытылыннылар.
РФ Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтэ.