Азия дойдуларын физикаҕа олимпиадатыгар кытайдар хаардыы хаамтылар

Ааптар: 
09.05.2017
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 1-8 күннэригэр Дьокуускайга Азия дойдуларын физикаҕа олимпиадата буолан ааста. Эрдэттэн сэрэйиллибитин курдук, бу да сырыыга Кытай хамаандата “хаардыы хаамта”. Толору састаабынан (8 оҕо) кыттыбыттарыттан ахсыан кыһыл көмүс мэтээли иилиннилэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


Санатан эттэххэ, Азия дойдуларын физикаҕа олимпиадата номнуо XVIII төгүлүн ыытыллар. Россияҕа аан маҥнайгытын тэрилиннэ. 24 хамаандаттан барыта 170 оҕо кытынна. Муҥутуур кыайыылааҕынан  Чуйа Чуоҥ (Кытай) ааттанна.

Олимпиаданы түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьяковскай, Азия дойдуларын физикаҕа олимпиадатын бэрэсидьиэнэ Леон Чуань Квек, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров уо.д.а. кытыннылар. Дойду үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Вениамин Каганов видеонан эҕэрдэтин тиэртэ.

Бэрэсидьиэн Леон Чуань Квек Саха сирин салалтатыгар махталын биллэрдэ. Оҕолорго туһаайан бу күннэргэ доҕордуу сибээһи олохтообуттарыгар, инникитин бииргэ үлэлиэхтэригэр эрэнэрин биллэрдэ. “Баҕар, эһиги ортоҕутуттан дойдуну салайыахтаах дьон үүнэн-сайдан тахсыахтара”, — диэн кинилэргэ дьоһуннаах дьон үүнэн тахсалларыгар баҕа санаатын тиэртэ.

Оттон СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай: “Доҕордуу буоларгытыгар, сибээһи олохтуургутугар суолу тэллэхпит дии саныыбыт. Кэнэҕэһин бииргэ үлэлииргитэр эрэллээхпит. Ирбэт тоҥҥо дьон хайдах олорорун, ситиһиилээхтик үлэлииллэрин, сайдалларын көрдөххүт. Саха сирин Бырабыыталыстыбатын аатыттан барыгытыгар махталбытын биллэрэбит. Көрсүөххэ диэри диибит. Эһиил Дьокуускайга ыытыллыахтаах Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга ыҥырабыт”, — диэн эттэ. Итиэннэ Азия дойдуларын физикаҕа олимпиадатын былааҕын эһиил олимпиада ыытыллыахтаах дойдутугар Вьетнам хамаандатыгар туттарда.

Маннык улахан таһымнаах олимпиаданы тэрийиэх диэтэххэ уустуга биллэр. Хас биирдии күнэ чааһыгар тиийэ барыта аттарыллан турар. Олимпиада туох даҕаны сыыһата-халтыта суох барыахтааҕа сэрэйиллэр. Бу барыта тэрийэр дьоҥҥо сүктэриллэр. СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоровтан олимпиада хайдах быһыылаахтык ааспытын туһунан туоһуласпыппар маннык хоруйдаата: “Олимпиада бэрэсидьиэнэ, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ үрдүк таһымҥа ааста диэн бэлиэтииллэр. Атын дойдуларга хайдах барарын билбэппин эрээри, олимпиаданы суруйалларыгар, эспэримиэн оҥороллоругар туох даҕаны бырачыас, үҥсүү сурук киирбэтэ. Биир муҥутуур кыайыылааҕы бэлиэтээтибит. Кыһыл көмүс мэтээли уопсайа 19 оҕо иилиннэ. Итинтэн аҕыһа кытайдар. Олимпиада биир уратыта диэн – тэрээһини тэрийэр дойду сорудаҕы  бэлэмниир. Биһиэхэ Москватааҕы физико-техничническэй институт оҥорбута. Бу биир тарбахха баттанар күүстээх институт быһыытынан биллэр. Олимпиада бэрэсидьиэнэ Леон Чуань Квек хаһааҥҥытааҕар даҕаны ыарахан садаачалар диэн бэлиэтээтэ. Олимпиада түмүгүн өссө үчүгэйдик истиэххэ наада. Итиэннэ инникитин Саха сирин оҕолоро хайдах гыннахпытына үрдүк таһымҥа тахсыахтарын сөбүн толкуйдуур ирдэнэр. Тоҕо диэтэххэ, Саха сириттэн үс оҕо кыттыбытыттан, биир оҕо хайҕабыл кырааматаны ылла, мэтээлгэ тиксибэтибит. Сорох атын дойдулары, холобур, Сингапуру ылан көрдөххө, үөрэххэ 1960-с сыллартан эрэ болҕомтолорун уурбуттара эрээри, 50-ча сыл иһигэр улахан хардыылары оҥордулар. Биһиги эмиэ ситиһии туһугар туох дьаһалы ылыахпытын сөбүн туһунан толкуйдуохпутун наада”.

Кытай хамаандатын салайааччыта, Физика оскуолатын деканын солбуйааччы, профессор Ксайо Лин Шень: “Саха сирэ Россия саамай улахан территорията эбит. Айылҕаҕыт, салгыҥҥыт ырааһын чорботон бэлиэтиибин. Онтон тэрээһин туһунан эттэххэ, Россия олимпиаданы бэркэ ыытта. Физикаҕа күүстээххитин, быйылгы садаанньалар туоһулууллар, быдан уратылар, уустуктар. Ити курдук садаачалар оҕо өйүн сайыннараллар, билиитин хаҥаталлар. Россия элбэх учуонайдарын кытта билистибит, үөрэх босуобуйаларын ыллыбыт. Салгыы бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит. Биһиги нэһилиэнньэбит ахсаана элбэх буолан, сүүмэрдээһиҥҥэ оҕолор улахан күөн көрсүһүүнү ааһаллар. Олимпиадаҕа кыттыбыт оҕолор биир кэлим эксээмэнэ суох (БКЭ) тута университекка киирэр кыахтаахтар. Онон тустаах олимпиадаҕа кыттыылара үөрэххэ киирэллэригэр улахан чэпчэтиинэн буолар. Ол иһин оҕолор үгүс сыраларын уураллар”, — диэн кэпсиир.

Азия дойдуларын физикаҕа олимпиадатын түмүгүнэн, бастыҥнар норуоттар икки ардыларынааҕы физика олимпиадатыгар кыттар чиэскэ тиксэллэр. Онон бары даҕаны баардарынан-суохтарынан кытталлар. Россия аҕыстыы киһилээх икки хамаанданы туруорбутуттан 9 оҕо мэтээлгэ тигистэ, 4 кыттааччы хайҕабыл кырааматаны ылла. Кинилэр ортолоругар Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэммит, билигин Новосибирскайдааҕы анал научнай кииҥҥэ үөрэнэр Тимофей Торохов буолар.

1 м — Станислав Крымскай (Санкт-Петербург), Дмитрий Плотников (Москва), Артем Петров (Санкт-Петербург).

2 м — Сергей Власенко (Воронежскай уобалас), Захар Яковлев (Санкт-Петербург).

3 м – Кирилл Паршуков (Коми өрөспүүбүлүкэтэ), Андрей Скалкин (Москва), Яков Андреев (Санкт-Петербург), Борис Билич (Москва).

Хайҕабыл сурук: Никита Торопцев (Пенза уобалаһа), Ярослав Гребняк (Москва уобалаһа), Михаил Олиференко (Свердловскай уобалас), Тимофей Торохов (Саха Өрөспүүбүлүкэтэ).

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0