Ааспыт өрөбүллэргэ эдэр сааһыгар суорума суолламмыт Айтал Гуляев сырдык кэриэһигэр анаммыт хапсаҕайга күрэхтэһии буолла. Манна Айтал үөрэммит М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетын устудьуоннарын уопсай дьиэлэрин олохтоохторо илин-кэлин түһүстүлэр. edersaas.ru
Айтал Гуляев Кэбээйи улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Мукучутааҕы гимназияны ситиһиилээхтик бүтэрэн, ХИФУ Естественнэй наукаларын институтугар устудьуоннаабыта, 17-с №-дээх уопсайыгар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Айтал курдук барытыгар дэгиттэр талааннаах киһи дэҥҥэ төрөөн ааһар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Университет тэрээһиннэрэ Айталбыт ырыата, үҥкүүтэ суох ааспаттарын кэриэтэ этэ. Олус үчүгэйдик гитараҕа оонньуура, ырыа айан ыллыыра. Доҕотторун кытта олорбут уопсайын туһунан ырыа айбыта, араас тэрээһиннэри ыытара, онно көхтөөхтүк кыттара – бу барыта Айтал ылсыбыт дьыалатыгар бэриниилээҕин уонна эппиэтинэстээҕин дакаастыыр. Аны ситиһиилээхтик үөрэнэрин, устудьуон сэбиэтигэр үлэлиирин таһынан, спорду өрө тутара. Үгүс элбэх таһымнаах хапсаҕай күрэхтэһиилэрин чөмпүйүөнэ, призера этэ. Айтал бу күһүн бултуу сылдьан ууга былдьаммыта…
8/2 уопсай бастаата
Айтал спорт бары көрүҥнэриттэн хапсаҕайдыырын ордороро. Онон, күһүн доҕотторо кини сырдык кэриэһигэр анаммыт күрэхтэһиини тэрийэргэ санаммыттара. Күрэхтэһии Айтал чугас дьонун, аймахтарын, доҕотторун, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьонун, төрөөбүт улууһун дьаһалтатын уонна ХИФУ устудьуоннарын куоратын дириэксийэтин көмөлөрүнэн ыытылынна. Барыта уон уопсай бөҕөһө алта ыйааһыҥҥа күрэхтэстилэр.
Күрэхтэһии арыллыытыгар, ХИФУ естественнэй наукаларга проректора Анатолий Николаев: “ХИФУ салалтатын аатыттан Айталы үтүө киһи гына ииппит төрөппүттэригэр махтанабыт. Кини үөрэнэр сылларыгар бэйэтин кыһамнылаах устудьуон быһыытынан көрдөрбүтэ. Тэрээһиннэрбитигэр барытыгар көхтөөхтүк кыттара. Бу күрэхтэһии сылын аайы ыытыллан, Айтал аата ааттана турарыгар баҕарабын”, — диэн тыл эттэ. Оттон Айтал олорбут, бэрэссэдээтэллээбит уопсайын комендана Матрена Ноговицына: “Мин Айталы 2011 сыллаахтан билэбин. Кырдьык, ис дууһатыттан сырдык оҕо этэ. Куруук бэйэтин сайыннара сатааччы, тыл этэргэ үөрэнэрэ. Киһиэхэ ис сүрэҕиттэн сыһыаннаһара, оҕолор бары кини тула мусталлара, олус кэпсээннээх, дьээбэлээх буолааччы. Уопсайын олоҕор олус кыһаллара”, — диэн иһирэх тылынан аҕынна.
Уопсай түмүккэ 8/2 куорпус хапсаҕайдьыттара бастаатылар, иккис – 7/2 куорпус, үһүс – 7/1 куорпус буоллулар. Бастыыр иһин киирсиигэ чөмпүйүөн үрдүк аатын Николай Алексеев ылан, Айтал чугас дьонун, аймахтарын ааттарыттан дьиэтээҕи кинотеатрынан наҕараадаланна. Маны таһынан, биирдиилээн ыйааһыннарынан миэстэлэспиттэргэ күрэхтэһиини тэрийбит, көмөлөспүт дьон ааттарыттан ноутбук, бензопила, планшет, турник, микроволновай оһох, тэлэбиисэр уо.д.а. сыаналаах бириистэри туттардылар.Айтал аҕата: “Уолум элбэх былааннааҕа”
Күрэхтэһии кэмигэр Айтал аҕатын Семен Алексеевич Гуляевы көрсөн кэпсэттим:
— Айтал үс бииргэ төрөөбүттэртэн ортоку оҕо, эдьиийдээх уонна бырааттаах. Кини оҕо саадыгар сылдьыаҕыттан, үөрэххэ дьаныардааҕа, туохха барытыгар дьоҕурдааҕа биллэр этэ. Ол саҕаттан оҕолору бииргэ тутара, бөһүөлэк оҕолоро биһиги дьиэбитигэр мусталлара. Арыылаахха төрдүс кылааһы бүтэрэн баран, Мукучутааҕы гимназияҕа үөрэнэ киирбитэ. Онно киирии эксээмэннэрин барытын “биэс” сыанаҕа туттаран, учууталларын сөхтөрбүтэ. Учаастакка олордоҕуна, хапсаҕай секцията суоҕа, ол эрээри төрүкү бэйэтин кыанара, спорка интэриэстээҕэ. Мукучуга үөрэнэн сылдьан хапсаҕайдыыр буолбута, улуус, өрөспүүбүлүкэ оҕолорун күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэн, мэтээл аҕалан үөрдэрэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан идэтин быһаарынан, сыал-сорук туруорунан, баҕалаах институтугар үөрэнэ киирбитэ. Биһиги саарбахтыы санаабыппыт, оттон Айталбыт баалынан хапсан, этэҥҥэ устудьуон аатын ылан үөрбүтэ-көппүтэ бу баарга дылы. Үөрэҕэр хара маҥнайгыттан кыһаллара, оннооҕор дойдутугар сылга биирдэ эрэ кэлэн барара. Куруук “солом суох, үөрэҕим, уопсайым” диэн тыллаах буолааччы. Уопсайыгар бэрэссэдээтэллээн, элбэх доҕордонон, устудьуоннуур сылларын бэһиэлэйдик атаарбыта. Күрэхтэһиини тэрийэргэ көмөлөспүт чугас дьоммор, аймахтарбар, Айталым табаарыстарыгар, коллегаларыгар махталбын тиэрдэбин. Бу тэрээһинтэн оҕом дьоҥҥо үтүө сыһыана көстөр дии саныыбын. Кинини куруук саныыр, ахтар, суохтуур табаарыстардаах, ол тухары Айтал туһунан сырдык өйдөбүл сүтүө суоҕа. Оҕобун наһаа суохтуубун.Доҕорбутун суохтуубут
Хапсаҕай ыытылларын туһугар сүүрбүт-көппүт, тэрийбит дьонунан Айтал чугас доҕотторо буоллулар. Кинилэр доҕордорун туһунан маннык ахталлар:
— Биһиги Айталлыын биир кэмҥэ устудьуоннаабыт, уопсайга олорбут доҕотторо буолабыт. Үөрэнэ кэлээт даҕаны бары билсэн-көрсөн, бииргэ үлэлээн, күрэхтэһиилэри, кэнсиэрдэри тэрийэн, элбэх бириэмэни бииргэ атаарар буолбуппут. 2013 сыл сэтинньитигэр 17-с уопсай оҕолоро куоластааннар, Айталы уопсайбыт бэрэссэдээтэлинэн талбыппыт. Ол сыл университет уопсайдарын икки ардыгар ыытыллар «Бастыҥ уопсай» күрэхтэһиигэ 17-с куорпуспут бастаабыта. Айталбыт үөрэммит сылларыгар бэйэтин бары өттүнэн сайдыылааҕын, үөрэҕэр ситиһиилэрдээҕин иһин ХИФУ ректора Санкт-Петербург куоракка Ороһуоспатааҕы сынньалаҥҥа барар путевканан наҕараадалаабыта. Хас саас аайы доҕоттор буоламмыт, Өлүөнэ өрүс кытылыгар сынньанар, хомуур хапсаҕайдыыр, шашлыктыыр үгэстээхпит. Айталлыын куруутун бириэмэ биллибэккэ ааһааччы, үөрэн-көтөн, мэниктээн, айылҕалыын алтыһан, эдэр сааспыт умнуллубат түгэннэрин атаарбыппыт. Саха эр киһитэ буоларын быһыытынан, Айталбыт айылҕаҕа олус чугас, сиэри-туому тутуһар этэ. Эколог идэлээх буолан, сылдьыбыт сирдэрбитигэр араас аахсыйалары тэрийээччи. Идэтин баһылаат, ХИФУ финансовай-экономическай институтугар магистратураҕа элбэх киһиттэн талыллан, бүддьүөт миэстэтигэр киирэн үөрэн-көтөн, сонунун үллэстибитэ бу баарга дылы. Аны үөрэнэрин быыһыгар үлэлиирэ, онон төһө даҕаны бириэмэтэ суох буоллар, куруук көрсө, “Туох сонун? Хайдаххытый?” диэн ыйыталаһа сылдьара. Доҕорбут суох буолбутун истэн олус соһуйбуппут, хомойбуппут. Бииргэ актыбыыстаабыт, үлэлээбит уолаттара түмсэн, кини сырдык кэриэһигэр хапсаҕайга күрэхтэһии тэрийиэхпит диэн эрэннэрбиппит. Бу күрэхтэһии үтүө үгэскэ кубулуйан, “Айтал хапсаҕайа” диэн ааттаан, сылын аайы ыыта туруохпут. Айталбыт туһунан үтүө өйдөбүл биһиги сүрэхпититтэн хаһан даҕаны сүтүө суоҕа.Элбэҕи эрэннэрэр, күөгэйэр күнүгэр сылдьыбыт эдэр киһи олохтон туоруура олус хомолтолоох. Айтал чаҕылхай, ол эрээри ситэ олорботох олоҕун чугас дьоно, доҕотторо салгыахтара, кини аатын үйэтитиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru