Учууталлар хосторо. Уһун перемена. Тыын ылар, холкутуйар кэммит. Ким эрэ остуолга умса түһэн, тэтэрээт бэрэбиэркэлээн хачыгыратар, ким эрэ учебнигын тобулу көрөн олорон, санаатын сааһылыыр, ким эрэ төбөтүн холбоон сэмээр күннээҕи сонуну сэлэһэр, ким эрэ телефонунан ханнык эрэ төрөппүтү кытта тугу эрэ быһаарсар…
– Хата, наадалаах дьонум бары манна баар эбиккит! – ааны тэлэччи аһан, профком бэрэссэдээтэлэ Агафья Поликарповна тэлээрэн киирдэ. Эрчимнээхтик үктээн, учительскай ортотугар аҕыйахта хардыылаан тиийэн эргичис гынна, сорунуулаахтык түөһүн мөтөттө. Тутан киирбит кумааҕытын тэнитэн дириҥник тыын ылла уонна өрө көтөҕүүлээхтик, араатардаан эрэр киһи курдук ааҕан доргутта:
– Убаастабыллаах учууталлар, автоледилэр! Куораттааҕы үөрэх салаатын профсоюһа “Автоледи-2016” диэн күрэхтэһии ыытар. Онно массыыналаах кэрэ аҥаардары актыыбынайдык кыттаргытыгар ыҥырабыт! Күрэхтэһии түһүмэхтэрэ: бастакытынан, суол быраабылаларын билиини тургутуу, иккиһинэн, массыынанан автодромҥа араас моһоллору туорааһын. Чэ, кытаатыҥ! Ким кыттар? Суруйтара охсуҥ!
Баар дьон бары болҕойон биллэриини иһиттилэр, саҥата суох олорбохтоотулар…
– Эмиэ туохпутуй?! Бу экзамен саҕана! – бастаан Анна Николаевна тыл ыһыгынна.
– Экзамена суох дьоннор бааллар! – Агафья санаатын түһэрбэт, салгыы этэр-тыынар. – Кыайыылаахтары олус үчүгэй бириистэр күүтэллэр!
– Путевка в Египет эбитэ буоллар кыттыллыа этэ да, массыына ыыппаппын, – Альбина Арсентьевна күлэр.
– Били бурдуктааҕым буоллар, алаадьылыам этэ да хобордооҕум суох диэбит курдук дьоммут, – Маргарита Егоровна кэпсэтиигэ кыттыста.
– Хайа, массыыналаахтар, тоҕо саҥарбаккыт? – Агафья ыксатар.
– Ким да сөбүлэһиэ суоҕун көрөн, тактикатын уларытан, биирдиилээн дьоҥҥо кимэн киирэр:
– Чэ, Оксана Павловна, саҥа массыыналаах киһи эн кытын!
– О, нет!!! Мин опытым кыра. Как говорится, я – богиня за рулем: когда я еду, пассажиры молятся, пешеходы крестятся. Опыттаах киһи Аида Азотовна кытыннын, – киһитэ бэйэтиттэн көлбөрүтүнэн, атын кандидатураны була охсор.
– Кэбиис! Аны ол суол быраабылатын билбэккэ, саат-суут буолуо! Суох! Суох! — Аида Азотовна аккаастыыр. – Ирина Витальевна барсыа…
– Оо, дьэ, эмиэ кыра оҕолор кудук: “ мин буотах, мин буотах” буолан бардыгыт! Общественнай үлэҕэ кыттыыгын иһин стимулирущайдааххытын умнумаҥ эрэ! – Поликарповна суоһурҕанар.
Бу бириэмэҕэ ааҥҥа директор секретара Линка төбөтө быгар уонна:
– Агафья Поликарповна! Руслан Иннокентьевичка түргэнник барыаҥ үһү. – диэт сүтэн хаалар.
– Толкуйданыҥ! – Агафья Поликарповна секретарь кэнниттэн мэлис гынар.
– Витальевна, эн кытын ээ, – Аида Азотовна Иринатыгар сэмээр сибигинэйэр.
– Ээ, суох. Блондинка за рулем диэхтэрэ, – Ирина уһун сырдык баттаҕын көхсүгэр илгэр.
– Блондинка за рулем диэбиккэ дылы, – Евгения Степановна бэрэбиэркэлии олорбут тэтэрээттэриттэн арахсан кыргыттарга эргиллэр. – Бээһээ ГАИ-ларга түбэһэн ыстарааптана сыстым.
– Оо, ол хайдах?! – бары соһуйан саҥа аллайаллар.
– Пост аттынан ааһан истэхпинэ, гаишник тохтотто. Тоҕо уруулгар наһаа чугас олороҕун диэн. Ону мин: “ Ноги короткие”, – диэтим. Киһим турбахтаат: “Пройдемте со мной”, – диэтэ. Хайыахпыный, батыаккалаһан пост дьиэтигэр кииристим. Икки дьээдьэ олороллор. Уолум истиэнэҕэ сыһыары туруоран, үрдүкпүн мээрэйдээтэ. “Метр сорок шесть”, – диэн биллэрдэ. Мин наһаа хомойдум. “Саатар, миэтэрэ биэс уон буолбатахпын”, – диэн ытыы сыстым. Наһаа кырабын дии?! Дьонум протокол толорон бардылар. Испэр саныыбын: “Туох ааттаах таҥара атаҕастаабыт киһитэбиний?! Кыра уҥуохтаах диэн өссө аны ыстарааптаныахтаах үһүбүн”. Ытаары гыммыт сирэйбин көрөн дьонум аны уоскутар аатыгар бардылар: “Мы Вас штрафовать не будем, в протоколе так и запишем, что Ваш рост не соответствует габаритам машины. Так ездить конечно опасно, но для Вашего роста допустимо”, – диэн. Мин кыра уҥуохтааҕым туһунан өссө кумааҕыга суруллар буолбутуттан өссө бууса иэдэйдим: “Ну, почему я такая маленька-а-я!”— диэтим.
Ону саҥата суох олорбут тойонноро туох эбитэ буолуой? – Евгения тыын ылар уонна абарбыттыы салгыыр: – “Ничего, ничего зато у Вас, наверное, вес хороший”, – диэтэҕэ үһү!!!
Истэн олорбут дьон күлэн тоҕо бардылар.
– Да, ити постка наар тохтотоллор дии, – кэпсэтиини аны Аида салҕыыр. Биһиги оҕолорбутун сарсыарда аайы куоракка оскуолаларыгар таһабыт. Биирдэ оҕолорбун тиэйэн айаннаан аҕай истим, арай, полосатай палочка күөрэҥниир… Миигиттэн ыларыҥ суох диэн, аа-дьуо кэлэн, ыйбыт сиригэр оруобуна суол кытыытыгар тохтоотум. Правабын хасыһан булан көрдөрөөрү эргиллибитим, арай киһим суох… Тулабын көрүнэбин массыына нүөмэрин көрөөрү эргийэ барбыта буолуо диэн – киһим суох! Оҕолортон ыйытабын: “Хайа, гаишникпыт ханна баарый?” Оҕолор: “Билбэтибит….”, – дииллэр. Испэр: “Тыый, померещилось что ли? Свят! Свят!”— диэн истэхпинэ, быраатым хаһыытыыр:
– Эдьиэй, гаишник ол сытар!
Арай киһибит, мин аһара чугас тохтообуппар, кэннинэн тэйэн биэрээри сыыһа үктээн, сыыр аннын диэки сурулуу турбут. Төбөтүнэн таҥнары, түөрт лабаата түөрт аҥы буолан баран хаарга сытар эбит. Бэргэһэтэ отой да ыраах төкүнүйбүт. Мин ыксаатым аҕай. Массыынабыттан таҕыстым, туруорбут киһи диэн. Гаишнигым турар санаата суох – күлэн быара суох сытар. “Бар, бар!” – диэн хаһыытыыр. Суол кытыытыгар табаарыстара кинини ыйа-ыйа күлэн быардарын тарбыыллар. Мин: “Простите”, – диэт, массыынам иһигэр дьылыс гынным. Күлүкпэр имнэнним да, куорат диэки гаастаан кэбистим. Гаишнигы оннук хаарга булкуйан турабын.
Учительскайга күлүү өссө күүһүрэр.
– Анекдот! – Ирина Витальевна күлэриттэн хараҕын уута бычалыйбытын сотто-сотто, – Мин бэйэм анекдоппун кэпсиибин дуо? – диир.
Эмиэ бары тугу эрэ көрдөөҕү истээри сэргии түһэллэр.
– Сайын уоппуска кэмэ буолан, утуйан ууннара сыттахпына, биир сарсыарда ийэм уһугуннарда: “Ирка, автобуспун куоттардым, үлэбэр хойутаары гынным, массыынаҕынан илдьэн биэр эрэ”, – диэтэ. Мин ыксаан сирэйбин да суумматым, баттахпын да тараамматым. Түргэнник эргийэн кэлиэм диэн дьиэтээҕи таҥаспын: уунан хаалбыт футболканы, эргэ джинсыттан быһыллыбыт шортикпын кэттим, шлепанцыбын анньынным уонна туох да макияһа суох куорат диэки элээрдэ турдум.
Арай ГАИ поһун таһыгар улахан баҕайы гаишник тохтотто. Мин: “Уой, наһаа страшнай быһыылаахпын диэн, бардачоктан тоҕо эрэ “Dolce Gabbana” духибын ойутан таһааран ыстарынным, баттахпын көннөрүммүтэ буоллум. Гаишник чугаһаан кэлбитигэр түннүкпүн аһан правабын ууннум. Киһим тоҕо эрэ сирэйбин көрөр, правабын көрөр, онтон:
“Выйдите из машины! От Вас винцом попахивает”, – диэн саайда. Тэҥнэһиэм дуо, массыынабыттан тахсан батыһарга эрэ тиийдим. Позор! Аттыбытынан массыына бөҕөтө ааһар, мин буоллаҕына таҥас-сап дьаабы, сирэй-харах иэдээн! Киирэн быһаарсаачччы буоллум: “Это не вино, это Дольче Габбана, Дольче Габбана”, – диэн. Ира сапсына-сапсына, тугу гыммытын көрдөрө-көрдөрө туран остуолга чугаһаата.
Болҕойон истэ олорбут Евгения Степановна соһуйан ачыкыта хоҥоруутугар түһэн хаалла уонна улахан баҕайытык:
– Иркаа, ол тоҕо бэйэҥ бэйэҕин “дочь наркомана” диэтиҥ?! – диэн саҥа аллайда.
Кэпсээн испит Ира тохтоон хаалла, тэрбэччи көрдө, өйдөөбөккө:
– Туох диэтиҥ? – диэн ыйытта.
– Тоҕо бэйэҕин “дочь наркомана” диэтиҥ?! – Евгения өссө кичэйэн тоһоҕолоон биэрдэ.
Чуумпуран истэ олорбут дьон өссө күүскэ күлэн ньиргиһэ түстүлэр.
Евгения өйдөөбөккө тула эргичиҥнээтэ. Ира күлэн иһин тутта-тутта, диваҥҥа олоро биэрдэ, өрө уһуутаата:
– Айуу-айа! Суох, суох! Дочь наркомана буолбатах, духи аата “Dolce Gabbana”…
Учууталлар өргө диэри күлэн тыыннарын таһаардылар. Өссө да олорон кэпсэтэ түһүөхтэрин, уруокка ыҥырар чуораан тыаһа барыларын үрүө-тараа кыйдаталаата.
Оо, автоледилэр, дьахталлар барахсаттар! Мээнэҕэ “обезьяна с гранатой”, “блондинка за рулем”, “богиня в машине” буолбаппыт ээ!
Оксана ГАВРИЛЬЕВА
Хаартыска: интэриниэттэн
ЫСПЫРААПКА:
Гаврильева Оксана Павловна-Айсана – СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик.
Мииринэй оройуонун Таас Үрэх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищены, Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ.
Педагогическай наука кандидата, П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскоулатыгар нуучча тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ.
Кинигэлэрэ: “Аанньаллар” (2013 с.). “Күһүҥҥү таптал” (2018 с.).