Автоледи дьахталлар 10-с үбүлүөйдээх бэстибээли тэрийдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Горнай улууһугар массыына ыытар дьахталлар автокулууптарын үбүлүөйдээх 10-с бэстибээллэрэ буолан ааста.

Бу туһунан Арассыыйа дьахталларын сойууһун Бюротун чилиэнэ, СӨ Уопсастыбаннай палаататын аппараатын салайааччыта, СӨ Дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин сойууһун бэрэсссэдээтэлэ Анжелика Андреева кэпсиир:

— Тэрээһин 2012 сылтан ыла ыытыллар, ол эбэтэр үбүлүөйдээх 10-с сыла. Быйылгы бэстибээлгэ сэттэ  улуустан: Горнайтан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Намтан, Сунтаартан, Хаҥаластан уонна Дьокуускай куораттан кэлэн кыттыыны ыллылар.

Бу маннык суолталаах тэрээһин аайы биһиги сойууспут пленумун чилиэннэрэ, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри  кытта үлэлиир дьон бэйэлэрин  уопуттарын атастаһаллар.

Бу да сырыыга  бэстибээл кыттааччылара дьахталлар уопсастыбаннай үлэлэригэр олус туһалаах сэминээргэ кыттыыны ыллылар.  Горнайтан хорсун «Кырсаада», айымньылаах үлэлээх «Мэҥэ-автоледи»,  «Эркээни-автоледи»,  «Нам-автолели», элэккэй «Куйаар тыына» (Дьокуускай куорат) кыргыттарыгар,   «Һунтаар Һуоппар куолара», Амма уонна Чурапчы улуустарын кэрэ  суоппардарыгар тэрийэр хамыыһыйа истиҥник махтанна. Бэстибээли өйөөбүт улуус баһылыга Никита Андреевка, улахан тэрээһини тэрийбит  Горнай дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин салайааччыта Айталина Баишеваҕа уонна автоледи Горнайдааҕы түмсүүтүн түһүгэр Аэлита Андрееваҕа барҕа махтал тылларын аныыбыт. 

Суоппар кыргыттар суол быраабылатын тутуһууга күрэхтэстилэр, араас куонкурустарга кытыннылар, элбэх оҕолоох ийэлэргэ аахсыйа оҥордулар.

Ити курдук, Саха АССР 100 сылыгар, норуот бэйиэтэ  Семен Данилов — 105, норуот суруйааччыта   Софрон Данилов 100 сылларыгар, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ сылыгар анаммыт массыына ыытар дьахталлар автокулууптарын үбүлүөйдээх бэстибээлэ  олус үрдүк таһымнаахтык ааста. 

Бэстибээл кыайыылааҕынан Хаҥалас улууһуттан  Светлана Харлампьева буолан, «Айан Хотун-2022» бочуоттаах ааты ылла. Онон 2023 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи Автоледи бэстибээлэ  кыайыылаах улууска ыытыллыаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0