«Аврора» АХ Хабаровскайга, Читаҕа диэри билиэт атыытын саҕалаата

Бөлөххө киир:

«Аврора» авиахампаанньа бииргэ үлэлэһэр операторын «Якутия» АХ кытта  Дьокуускай — Хабаровскай, Дьокуускай — Чита уонна  Владивосток – Чита социальнай суолталаах хайысхаларынан көтөр. Бу күннэргэ сайыҥҥы сезоҥҥа билиэт атыытын саҕалаата. Бу туһунан  авиахампаанньа официальнай саайтыгар иһитиннэрдилэр.

Ол курдук Дьокуускай – Хабаровскай хайысхатынан муус устар 2 күнүттэн саҕалаан алтынньы 29  күнүгэр диэри нэдиэлэҕэ иккитэ көтүөҕэ. Бэнидиэнньик уонна субуота ахсын.

Билиэт сыаната биир хайысхатыгар 5600 солкуобайтан саҕаланар.

Оттон Дьокуускайтан Читаҕа диэри сөмөлүөттэр нэдиэлэҕэ биирдэ, бээтинсэ ахсын, муус устар 15 күнүттэн алтынньы 28 күнүгэр диэри сылдьыахтара. Тарыып 5200 солкуобайтан саҕаланар.

Владивосток – Чита  хайысхатынан кулун тутар 30 күнүттэн алтынньы 29 күнүгэр диэри сөмөлүөттэр көтүөхтэрэ. Нэдиэлэҕэ иккитэ —  сэрэдэҕэ уонна субуотаҕа.  Билиэт сыаната 5 600 солк.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0