Авксентий Мординов: «Саха сиригэр төрөөбүппүн дьолунан ааҕабын»
Быйыл СГУ бастакы ректора, философскай наука доктора Авксентий Егорович Мординов төрөөбүтэ 110 сыла.
Авксентий Мординов Саха сиригэр Платон Алексеевич Ойуунускай тэрийбит Тыл уонна култуура научнай-чинчийэр институтугар бастакы учуонай сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Кэлин бу тэрилтэ Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа института буолбута.
А.Е. Мординов үрдүк үөрэх бастакы тэрилтэтин – пединституту тэрийсибитэ, Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин бастакы ректора этэ. Кини 24 сааһыттан уһуйааччы, 32 сааһыттан философскай наука хандьыдаата, 44 сааһыттан философскай наука доктора буолбута. Тыл, култуура, норуот үөрэҕириитин, норуоттары интернациональнай иитии боппуруостарыгар элбэх үлэлэрдээх. Философскай энциклопедияҕа киирбит бөдөҥ бөлүһүөк, Арассыыйа наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата, суруналыыс Елена Миронова биэриилэригэр олоҕуран, Саха сирин тарбахха баттанар, чулуу үлэһит, айар-тутар дьонун кытта кэпсэтиилэрин билиһиннэрэбит.
Елена Миронова биэриилэрин дьон-сэргэ сэргээн көрөрө, биһириирэ. Саха норуодунай суруйааччыларын, артыыстарын, ырыаһыттарын кытта кэпсэтиитэ дьон болҕомтотун тардыан тардыбыта, биэриини куруук күүтэллэрэ. Бу биэрии аны “Кэл, олор, сэһэргэһиэх” диэн кинигэ буолан тахсыбыта.
ЫЧЧАККА КӨМӨЛӨҺҮӨХХЭ, ҮЛЭҔЭ ТАРДЫАХХА, ҮӨҺЭ ТАҺААРАН ИҺИЭХХЭ
“Ыччат сиртэн тэйэр, тыаттан куоракка куотар” диэн үгүстүк суруйаллар. Ол — кырдьык. Ол гынан баран, ыччаты наһаа баһааҕырдар, күн тура-тура, “онно арыгылыыллар, манна охсуһаллар” диэн суруй да суруй, барыларын биир кэм үөх да үөх буолаллар. Оттон үлэлиир дьоммут улахан аҥаардара ыччат ээ! Үчүгэй үлэлээх, көрсүө, өйдөөх ыччаттар үлэлэрин-хамнастарын туһунан хайҕааһын, өйөөһүн хаһыаттарга көстүбэт. Барыта төттөрү. Холобур, оптуобуска киирдэххинэ, итирик уол баар буоллаҕына, куорат оҕото барыта арыгылыы сылдьарын курдук өйдөөһүн тарҕанар. Ыччаты саба быраҕан, бары куһаҕаннарын курдук көрдөрөр куһаҕан быһыы. Үчүгэй ыччат элбэх, үксэ үчүгэй, үлэлии-хамсыы сылдьар. Оттон тыаттан баралларыгар биричиинэ баар. Ол тугуй диэтэххэ, үлэлэппэттэр, үлэ суох, үлэ тиийбэт. Холобур, Бүлүү биир улууһуттан үчүгэй ситиһии курдук хаһыакка суруйбуттар: “Монголияттан кулууп тутарга 12 киһини аҕалан үлэлэтэн эрэбит” диэн. Бу ороскуотун. Кулууптара 100 миэстэлээх үһү. Онон 20 ыскаамыйа турар кулуубун туттара, дьэ, ол омук сириттэн дьон аҕалан үлэлэттибит диэн киэн тутталлар. Ону баҕас ыччат бэйэтэ оҥорон кэбиһэр дьыалата. Итинник холобурдар элбэхтэр. Бүлүүгэ Бүлүүчээн оскуолатыгар үтүөкэннээх дириэктэр үлэлээбитэ. Оскуола оҕолоро хас эмэ дьиэни, уонунан кыбартыыраны, уопсайдары, остолобуойдары, гаражтары учууталлар салалталарынан бэйэлэрэ туталлар эбит этэ.
Үлэлэппэккэ, дьаһайбакка эрэ биир кэм ыччаты үөҕэр сыыһа. Тугу гыныаҕай, үлэтэ суох, дьиэтэ-уота суох, кэргэн ылар кыаҕа суох киһи? Ону барытын үчүгэйдик толкуйдуохха наада. Ыччакка көмөлөһүөххэ, үлэҕэ тардыахха, үөһэ таһааран иһиэххэ. Уопута суох диэн буолар. Хантан уопуттаныай, үлэлээбэккэ сылдьар киһи? Үлэлэттэххэ, бэйэ холобурунан үөрэттэххэ, оччоҕо олохсуйуо этэ буоллаҕа. Кэргэннэнэригэр, олохсуйарыгар дьиэ-уот туттарыахха, мээнэ куолулаабакка эрэ.
Ыччаты кыра эрдэҕиттэн айылҕаны таптыыр, харыстыыр гына үөрэтиэххэ наада. Кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ батыһыннара сылдьан үөрэтиэхтээхтэр. Мин аҕам сэттэлээхпэр кыра хотуурунан от оҕустарар этэ. Онтум киһи туһанарын охсубат буолуохтаахпын, илиим бастаан хабыллан тахсар, онтон кэнники букатын чэрдийэн кыһаммат буолар. Бу салгыҥҥа сылдьарыҥ, от охсорун үчүгэйин, былчыҥыҥ бөлтөрүттэн тахсар. Туһаны аҕалабын дии саныыгын, киһиргэтэллэр, хайгыыллар, үтүрүйэ сылдьыбаттар.
“Холкуостаахтар бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанан олорбуттара буоллар…”
Сиртэн тэйии, сири алдьатыы туохтан үөскээбитигэр икки суолу бэлиэтиэм этэ. Бииринэн холкуостары барыларын саба охсон, сопхуос оҥортообуттара. Ити кэмҥэ мин Москваҕа Гавриил Иосифович Чиряевы көрсө түспүппэр, киһим сүрдээҕин ситиспит киһи быһыытынан: “Биһиги холкуостарбытын барытын сопхуос оҥорор буоллубут, улахан ситиһиилэннибит”, — диэтэ. Ону мин: “Оо, дьэ, сатамматах быһыы буолбут, холкуостаахтар бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанан олорбуттара буоллар, ордук этэ”, — диэтим. Киһим кытаран хаалан баран, түҥнэри хайыһан кэбистэ, кэпсэтэн бүттэхпит ол. Аҥаардас сопхуостары тэрийтэлээн баран, “барыта судаарыстыба хааччыйыахтаах” диэн толкуйтан үлэ улаханнык мөлтөөбүтэ. Бэрт аҕыйах сопхуос үчүгэйдик үлэлиир этэ. Дьон аанньа үлэлээбэккэ, хайдах гынан хамнаһы ылар туһугар олорбута. Онон дьоҥҥо куһаҕан сабыдыалы оҥорбута дии саныыбын мин. Дойду да үрдүнэн сопхуостааһын наһаа барбыта. Ленин эппитэ ээ, сопхуостар уопуттаах хаһаайыстыбалар буолуохтаахтар, үрдүк тэриллиилээх, үрдүк оҥорон таһаарыылаах, кинилэртэн дьон үөрэнэр гына. Бөлүһүөктээһининэн наһаа үлүһүйбүппүт, урукку нэһилиэнньэлээх пууннары барытын сабыталаан, оскуолалары сабыталаан, улуус киинигэр мустулар. Ол кииннэрбит ардах түстэҕинэ, киһи тобугунан бадараан; кураан буоллаҕына, киһи харар буора, сүөһүнү тутар кыах суох, бурдугу үүннэрэр кыах суох, бары маҕаһыыны кэтээн тахсаллар. Кэтэх хаһаайыстыба эстэр. Уонна сириҥ, алаастарыҥ, урукку дьиэлэриҥ быраҕыллалларыгар тиийдэхтэрэ.
Ити бөлүһүөктээһин айдаана саҕаланан эрдэҕинэ, мин ыстатыйа суруйбутум, “холкуостаах барыта дьиэлээх буолуохтаах, эргэ бөһүөлэктэри быраҕымыаҕыҥ, дьону барытын оройуон киинигэ мунньумуоҕуҥ, куһаҕан буолуо” диэн. Ону, хата, үөҕэн биэрбиттэрэ, прогреһы, сайдыыны утараары гынна диэн. Ол биһиэхэ эрэ барбатаҕа, Хрущев саҕана “агрокуораттары тутуохпут, кэскилэ суох дэриэбинэлэри сабыахха” диэн, хас эмэ сүүһүнэн тыһыынча нуучча дэриэбинэтин сабан кэбиспиттэрэ. Уонна этэн турар: “Пахай даҕаны, тоҕо бэйэҕит сүөһүлэнэҕит, сопхуостан бэлэм үүтү атыылаһан иһэн олоруҥ ээ”, — диэн. Инньэ гынан сүөһүлэрин барытын эстэрэн кэбиспитэ, сирдэрэ хаалар, дэриэбинэлэрэ эстэр. Оҕонньоттор, эмээхситтэр эрэ хаалаахтыыллар. Россияны онон алдьатта. Онтун охсуута манна кэлэр. Биир хаһыакка “олох тупсан эрэр, ыаллар сүөһүлэнэн эрэллэр, куурусса туталлар” диэн ыстатыйа таҕыста. Ону ааҕан көрдөххө, биир ыалга ынах сэттэ гыммыт биирэ түбэһэр, биир киһиэхэ куурусса аҥаара тиксэр.
“ОҔО БУОЛАН БАРАН ООННЬООМУНА, СҮҮРҮМҮНЭ-КӨТҮМҮНЭ”
Кэскилбит, дьылҕабыт ыччаттан тутулуктаах, онон ыччакка болҕомтону күүһүрдүөххэ наада. Быһа такайан, үөҕэн тахсыбакка. Былыр сахалар оҕону олох кыратыттан кыһарыйбат этилэр. Биһиги ийэбит-аҕабыт, эһэбит-эбэбит сүрдээх дьадаҥы, кыһынын хамначчыт, сайынын бэдэрээккэ оттоон олорор дьон этилэр. Биһигини мөҕөн-этэн, түрдэрэн сырытыннарар диэни төрүт билбэт этилэр. Сүрдээх харыстаан, куһаҕаннык саҥарбакка, мөхпөккө иитэр этилэр. Олус көҥүллүк сылдьар этибит. Үлэлиибит, ол быыһыгар мэниктээн, күөгүлээн, мөҕүллүөх айылааҕы да син оҥорон сырыттахпыт.
Биирдэ хантан эрэ кэлэн баран, аҕабыт Ньукулайтан ыйытта: “Оҕускун уулаттыҥ дуо?”, — диэн. “Ээ, умнан кэбиспиппин”, — диэтэ Ньукулай. Аҕам: “Оо, дьэ, күн туһата суох киһигин, доҕоор”, — диэбитигэр, ийэлээх эбэм сүрдээх кыыһырдылар. “Күн туһатын туһалаабат оҕо буоллаҕына, оччоҕо бостуой төрөөбүт оҕо буоллаҕа, туох да оҕону быһа этэн кэбиһэҕин, тылгын кыаммаккын”, — диэн. Аҕам саҥата суох хаалбыта.
Былыргы саха чиэһинэйэ бэрт этэ, уоруу диэн букатын тахсыбат суола, дьиэни хатаабаттара. Онон былыр оҕону үчүгэйдик иитэр этилэр, көҥүлүн хаайбакка. Мэниктээһин ханна барыай? Ону улаханнык буойа сатаабаттар. Оҕо буоллуҥ да, оонньоотун диэн буолар. Биһиги түүнү быһа лапталаан, айдаан бөҕөнү таһаарарбыт: “Түүнү быһа киһини утуппатыккыт, туох баҕайытай бу!” — диэн биирдэ аҕабыт кыыһырбыттаах. Онуоха ийэм: “Утуйуон баҕарар киһи ону-маны иһиллии сыппат баҕайыта, кырыйдахтарына, оонньуур кыахтара суох буолуохтара буоллаҕа”, — диэн буойан кэбиспитэ. Ол курдук иитэллэр этэ, көҥүллүк, кыһарыйбакка-хабырыйбакка.
Билигин оҕону буой да буой, дьарый да дьарый. Оҕолорго хаамар да кыах биэрбэттэр, үлэҕэ тиэтэйбит ийэ оҕотун кэлээскэҕэ быраҕаат, оҕо саадыгар тэбинэр. Хаамтарар да буоллаҕына, сүрдээх баҕайытык соһон иһэр буолар. Онон иитэр даҕаны уустугурда. Биһиги курдук айылҕаҕа таалалаан улааппаттар. Биһиэхэ да дьиибэ баар буоллаҕа. Мин абааһыттан наһаа куттанар этим. Кэпсэл эрэ барыта оннук, кимнээх эрэ абааһыны көрбүттэр, ол өтөх абааһылаах үһү диэн.
Онтон кыһыйан, биирдэ абааһыны көрүөхпүн баҕардым, туох сорой, өрүү куттана сылдьар диэн. Оттуур ходуһабытыгар 20-тэн тахса оҕо өлүүлээх ыал иччитэх дьиэлэригэр отууланабыт. Абааһылаах дьиэ буолуох тустаах. Дьонум киэһэ сайылыктарыгар бараллар, мин абааһыны көрөн баран сынньанаары, ол ампаарга хоннум. Түүн куттанан утуйбаппын, тыаһы-ууһу иһиллээн тахсабын. Сарсыныгар дьонум ыйыталлар: “Куттаммаккын дуо?” — диэн. “Абааһы киһини сиэбитэ диэн биллибэт, алыс да куттаннарбын, хайаан да көрөн астынар санаалаахпын”, — диибин. Ону ким да сиилии-хоһулуу, мөҕө-этэ барбатаҕа. Билигин оҕо бачыыҥкатын тиэрэ-маары кэтэ сатыы олорор буоллаҕына, дэлби күлэбит, сэмэлиибит. Итинтэн оҕо сатыам, табыам суоҕа диэн симиттэр. Санаатынан оҥоро, тута сатаабат майгы олоҕурар.
“ДОЙДУТУН ТАПТААБАККА ИИТИЛЛИБИТ КИҺИ ХААМААЙЫ БУОЛАР”
Сири харыстыахха, сири таба туһаныахха, сири тупсаран иһиэххэ наада. Онуоха оҕону саамай кыра эрдэҕиттэн иитиэххэ. Ити сир туһунан, төрөөбүт дойду туһунан сүрдээх үчүгэй ырыалар ылланаллар. Холобур, Анастасия Варламова “Аҕам алааһа”, Ольга Иванова ырыаларын мин сүрдээҕин астынабын, иэйэ истэбин. Ити ырыалары истибэт кэмим кэлиэҕэ диэтэхпинэ, хараастабын. Төрөөбүт дойдуну таптааһын киһи оҕо эрдэҕиттэн иҥмит буоллаҕына, ол киһи киһилии майгылаах-сигилилээх буолар. Төрөөбүт дойдутун таптаабакка иитиллибит киһи хаамаайы буолар, кини ханна барара син биир. Төрөөбүт тылын билбэт киһи нуучча да, саха да буолбат, көннөрү икки атахтаах эрэ буолар, майгыта-сигилитэ онуоха сөп түбэһэр гына баран хаалар. Онон төрөөбүт дойдуну таптыыр диэн сүрдээх улахан дьол.
Сахабыт сирэ барахсан үтүө дойду, күн түһэн күлүмнүү сытар күөллэрбит, улуу өрүстэрбит, булдунан, көтөрүнэн-сүүрэринэн толору күөх тыаларбыт, сайын түүннэри сандаарар сырдыкпыт! Туундара кэтитэ-киэҥэ, уйаара-кэйээрэ биллибэтэ, барахсан булда-балыга, дьоно-сэргэтэ. Үтүө дойду – Саха сирэ!
Мин Саха сиригэр төрөөбүппүн улахан дьолунан ааҕабын, араас нүөл, үчүгэй дойдуга сылдьан, син биир ахтабын. Алааспын ахтабын, Аммабын ахтабын, хатыҥ чараҥнары ахтабын. Онон төрөөбүт дойду сирин-уотун харыстааһын киһини киһи оҥорор…
Бэлэмнээтэ Сайыына Кларова.