Валерий Павлов оҕурсутун муус устар ортотуттан саҕалаан сиэн барар. Сылаас тэпилииссэтигэр билигин помидора, оҕурсуута, биэрэһэ, дьэдьэнэ улаатан, сибэккилээн, аһыран эрэллэр. Оттон Валерий Викторович кэргэнигэр роза сибэккини бэлэхтиирин сөбүлүүр. Атыылаһыллыбыт сибэкки өлөн хаалар диэн, бэйэтэ арассаадалаан, угунан олордор. Соҕуруу дойду кэрэчээн сибэккитэ билигин лаглайа үүнэн эрэр, сотору тыллан, хаһаайкатын үөрдүө турдаҕа.
Валерий Викторович авиатор идэлээх. Кинилэр урут куоракка олорбуттара. Онтон биэнсийэҕэ тахсан баран, Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүгэр олохсуйбуттара. Ыал аҕа баһылыга оҕолорун, сиэннэрин сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйар туһуттан, төгүрүк сылы эргиччи “буору булкуйар” дьарыктаах. Ол курдук, кини арассаадаларын ахсынньыга олордор.
Гааһынан ититиллэр улахан тэпилииссэтин олунньуга сылытан, буорун “булкуйбутунан” барар. Нөмүгүгэ бастакынан сибиэһэй оҕурсуну, помидору кинилэр сииллэр. Тэлгэһэтигэр икки улахан тэпилииссэлээх. Иккис тэпилииссэтигэр сайын оҕуруот аһын арааһын олордор. Кини оҕуруота өлгөм үүнүүлээх, күһүн хойукка диэри аһырар. Кэнсиэрбэлээн, тоҥорон, төгүрүк сылы быһа оҕолорун, сиэннэрин хааччыйар.
«Тыа сиригэр олорор үчүгэй, — диир кини. – Киһи айылҕаҕа чугас буолуохтаах. Онон куораттан тыа сирин ордоробун. Маннык дьарыктаах, солото суох сылдьар да үчүгэй буоллаҕа. Ыччат дьон арыгыга, табахха сыстыбакка, сөбүлүүр дьарыктаах буолалларыгар баҕарыам этэ».
Валерий Викторович маны таһынан миэбэл оҥорон эмиэ атыылыыр. Оттон оҕуруотчут идэтин ийэтиттэн бэриллибит диэн этэр. Оҕо сылдьан уу бөҕөтүн таспыт, буору да булкуйбут киһи буоллаҕа. Онон үлэһит киһи, бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор, сөбүлүүр дьарыгын сайыннаран, чугас дьонун күндүлүүр-маанылыыр идэлээх.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА