Социальнай ситимнэргэ авиапортары тоҕо саппаттарын ыйыталлара элбээтэ.
Дьокуускай куорат авиапорда РФ Бырабыыталыстыбатын 2016 сыллааҕы 726 №-дээх ыйааҕынан, федеральнай суолталаах Арассыыйа авиапортарын испииһэгэр киирэр. Авиапорт Гражданскай аэропортар (аэдоромнар) дьаһалталара диэн федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэ балаансатыгар киирэр. Онон салгынынан сырыыны эрэгийиэн салалтата тохтотор бырааба суох.
Салгынынан сырыы бобулуннаҕына да, авиапорт үлэтэ тохтоон хаалбат. Ол курдук, балаһаны сөмөлүөт көтүүтүгэр бэлэмниир үлэ тохтоло суох ыытыллыахтаах. Росавиация эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Виктор Загудаев иһитиннэрбитинэн, салгынынан сырыы сабыллыбат. Кини кэпсииринэн, авиапорт сабыллыытын федеральнай биэдэмистибэ эрэ быһаарар. Росавиация баһылыгын бүгүҥҥү ыйааҕынан үлэ оробуочай эрэсииминэн бара турар.
Киин хайысхаларга Дьокуускай, Нерюнгри, Мииринэй, Полярнай авиапортара үлэлии тураллар. Бу эбийиэктэргэ Роспотребнадзору кытта тэҥҥэ коронавируһу утары үлэ ыытылла турар. Омук сириттэн кэлбит пассажир тута авиапортан икки нэдиэлэлээх харантыыҥҥа ыытыллар. Коронавируска сабаҕаламмыт киһиэхэ тута санитарнай үлэ ыытыллар.
Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн көтөн кэлбит пассажирдар авиапорт иһигэр анкета толорон баран, булгуччу 14 хонукка дьиэттэн тахсыбакка олоруохтаахтар.
Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА