Авиалесоохрана 500 тахса парашютист-десантнига ойуур уотун умулларыыга үлэлииллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр былыт «ситэн эрэр». Чугастааҕы кэмҥэ Федеральнай Авиалесоохрана эрэгийиэҥҥэ ойуур уотун умулларар туһуттан ардаҕы түһэриэҕэ. Онон 500 тахса парашютист-десантник көмөлөһөллөр. Быһа холуйан бэс ыйын 30 күнүгэр Федеральнай Авиалесоохрана өрөспүүбүлүкэҕэ ардаҕы түһэрэр үлэни ыытыаҕа.

Ардах Саха сиригэр билигин тыын суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, эрэгийиэҥҥэ 30-35 кырдааыс куйаас турар, кураанах этиҥ баһаар турарыгар төрүөт буолла.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барытыгар ойуурга ЫБМ эрэсиимэ олохтонно.
Онон уоту умулларыыга Федеральнай Авиалесоохрана уонна ыаллыы алта эрэгийиэн Авиалесоохранатын парашютист-десантниктара (Приморье, Забайкалье, Хабаровскай кыраай, Бурятия, Амур уобаластара, Еврейскай автономия) көмөлөһөллөр.
Саха сирин биэс оройуонун (Уус Маайа, Сунтаар, Хаҥалас, Кэбээйи, Үөһээ Бүлүү) тэйиччи умайар баһаардарыгар кинилэр эстэрэр ньыманан минерализованнай балаһалары оҥордулар.
Баһаардары умулларыыга 2,2 тыһыынча парашютист-баһаарынай, лесничестволар баһаарынай ыстаансыйаларын үлэһиттэрэ, ойуур учаастагын арендалааччылар, олохтоох нэһилиэнньэ кыттар. Кэккэ баһаардарга сиринэн үлэлиир 300 тиэхиньикэни тириэртилэр. Уот туруутун чинчийиигэ 20-чэ сөмөлүөт уонна бөртөлүөт көтөр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: сахаговтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0