Авиа-билиэт сыаната хаһан чэпчиэҕэй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан быһа эпииригэр сөмөлүөт билиэтин сыаната ыараханын, хаһан чэпчиирин туһунан ыйыттылар.

edersaas.ru

Уһук Илин эрэгийиэннэригэр биир авиа-хампаанньа баар буолуохтааҕын туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыл ахсынньы 11 күнүгэр дойду бырабыыталыстыбатын кытта мунньахха эппитэ. Эрэгийиэннэртэн этиилэри ирдээбитэ.

Бу туһунан Айсен Николаев маннык эттэ: «Биһиги хара маҥнайгыттан биир авиа-хампаанньа баар буоларын утарбыппыт, тоҕо диэтэххэ Уһук Илиҥҥэ тырааныспар сырыыта кэккэ уустуктардаах, итиэннэ сыаната олус ыарахан. Бастатан туран, бу боппуруоһу быһаарыах кэрэх. Иккиһинэн, сөмөлүөттэрбит, бөртөлүөттэрбит эргэрдилэр. АН-24 сөмөлүөт сулууспалаабыта 40 сылы куоһарда. Онон сөмөлүөттэрбит пааркатын саҥардар сорук турар».

Ил Дархан этэринэн, Уһук Илин эрэгийиэнигэр барытыгар биир тарыып, сырыы-айан сиэккэтэ сөбүлэҥинэн үлэлиэхтээх.

«Биһиги этиибитин хас да эрэгийиэн өйөөтө. Сүрүн харгыс тарыып ыараханыгар сытар. Бастакы уочарат бу боппуруос быһаарыллыахтаах», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон эттэ.

Ирина Ханды, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Интэриниэт ситимиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0