Августина Филиппова айар киэһэтигэр саҥа коллекциятын көрдөрүөҕэ

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 24 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар модельер Августина Филиппова айар үлэтин 25 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх киэһэ буолар. Тыйаатыр сыанатыгар урукку көстүүмнэрин сэргэ, саҥа коллекцията сүрэхтэниэхтээх. Эстрада сулустара бу киэһэ модель буолан ылыахтара.


Ону тэҥэ бу күнтэн саҕалаан, Дьокуускайга кини үбүлүөйүгэр анаммыт Муода нэдиэлэтэ ыытылла турар. Ол чэрчитинэн, дизайн кэллиэһин устудьуоннарын быыстапката, “Этнокултуура уонна креативнай экономика” диэн тиэмэлээх төгүрүк остуол, 202-с микрооройуоҥҥа баар Муус куоракка “Муус подиум” диэн кыһыҥҥы таҥаһы көрдөрүү, о.д.а. буолуоҕа. Муода нэдиэлэтэ тыйаатырга дьоро киэһэнэн түмүктэниэ. Бу киэһэ сүрүн тиэмэтэ – “Иэйиэхсит” диэн хартыынатын уобараһа.

Августина Николаевна – таҥара талаанынан хадаҕалаабыт киһитэ. “Модельер буолбатаҕыҥ буоллар, тугунан дьарыктаныаҥ этэй?” – диэн ыйытыыга: “Худуоһунньук буолуом этэ”, — диир. Кырдьык, кини худуоһунньук, ону тэҥэ ыллыыр, үҥкүүлүүр, хоһоон, кэпсээн суруйар.

Кини айар үлэтин 1994 сыллаахха коллекцияларын тигэн саҕалаабыт кэмиттэн ааҕар. 1995 сыллаахха “Саһарҕа” муода бэстибээлигэр кини коллекцията бастаабыта, саха таҥаһын саҥа таһымҥа таһаарбыта. Соһуйуу-өмүрүү буолбута. Бу кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы, аан дойдутааҕы куонкурустарга үгүстүк кыайдаҕа, саха таҥаһын көрдөрөн, аар-саарга аатыртаҕа. Кини национальнай таҥаһы “үрдүкү муода” таһымыгар таһаарбыт, айбыт киһи буолар.

Августина Филиппова билигин ХИФУ-га Дизайн уонна декоративнай-прикладной искусство аныгылыы технологияларын үөрэтэр-научнай лабораториятын салайар. Арассыыйа худуоһунньуктарын уонна дизайнердарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Дети Азии” пуонда стипендиата, Горнай, Амма улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо.

Модельер билигин саамай улахан ыра санаата – Дьокуускайга Этнодизайн дьиэтин арыйыы. Августина Николаевна элбэх эдэр иистэнньэҥнэри, модельердары үөрэтэн, иитэн таһаарда. Саха талааннаах ыччата дизайнер, модельер, иистэнньэҥ идэтин баһылаан баран, онно-манна кыбыллан, куортамнаан, иистэнэ сатыыллар. Кинилэри түмэн, мастарыскыайдары арыйан үлэлэттэххэ, үлэ күөстүү оргуйан, аан дойду таһымыгар тахсалларыгар олук буолуо этэ. Ону тэҥэ норуот маастардарын урукку үлэлэрин, киэргэллэри көрдөрөр экспозиция үлэлээн, этнографическай мусуой курдук буолар. Муоданы көрдөрүүлэр, маастар-кылаастар, үөрэтии, уопуту атастаһыы тиһигин быспакка ыытыллыахтаах.

Суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ аатырбыт модельер “Сахабулт” концерны кытары бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсибиттэрин туһунан иһитиннэрдилэр. Онон аны күһүн Дьокуускай модницалара Августина Филиппова айбыт сиэдэрэй билэлээх этэрбэстэрин кэтиэхтэрэ.

Модельер билигин саҥа коллекциятыгар үлэ күүскэ бара турарын иһитиннэрдэ. Холобур, Пушкин айымньыларын уобарастарыгар ылсыбыт эбит. Куба сарыабына уобараһын философиятын арыйыахтаах. Иннитэ азиатскай матыыптаах, кэннитэ куба курдук буолар диэн эттэ. Ити курдук, айылҕатын этиитинэн, үөһэттэн кэлэр философия нөҥүө арыллар сонун, ураты уобарастары бу киэһэ көрүөхпүт.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0