«Бичик» кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров: Үлэбит соруга — ааҕааччыны сайыннарыы
«Бичик» кинигэ кыһатын кэлэктиибэ аныгы кэм дьоно-сэргэтэ тугу ааҕыахтарын баҕаралларын, наадыйалларын таба тайанарга кыһаллан, олох сайдыытын учуоттаан үлэлиир. Ол да иһин, бу кыһа үлэтэ-хамнаһа өрөспүүбүлүкэни таһынан, Арассыыйаҕа тиийэ сыанабылы ылар.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Кириисис сабыдыалынан кинигэ бэчээттэниитигэр үлэх (сакаас) аччаан, тахсар кинигэ атыыга барыыта эмиэ намтаан иһэрин аахсыбакка, кыаҕа баарынан тигинэччи үлэлээн-хамсаан олорор тэрилтэни Август Егоров салайар. Түөрт эрэдээксийэлээх тэрилтэҕэ сүрүн үлэни толорооччуларынан эрэдээктэрдэр буолаллар. Социальнай суолталаах араас кинигэни, Саха сирин төрүт норуоттарын тылларынан литератураны таһааран тарҕатан нэһилиэнньэни хааччыйан олорор кыһаҕа кинилэр ааҕааччыны сэҥээрдэр сонун сүүрээни, саҥа бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрэн иһэллэр. Урукку кэмҥэ куоракка, тыа сиригэр кинигэ тарҕатыытыгар судаарыстыба анал тэрилтэлэри үбүлээн үлэлэтэр буоллаҕына, билигин соҕотох кинигэ кыһата эрэ бүтүн өрөспүүбүлүкэни хааччыйарга үлэлиир.
Биһиги бүгүҥҥү кэпсэтиибитигэр кинигэ кыһатын сүрүн кыһалҕаларыгар тохтоотубут.
-Август Васильевич, кыһа судаарыстыбаннай-унитарнай тэрилтэттэн сотору акционернай уопсастыбаҕа кубулутуллар буолла? Итинник уларыйыы үлэҕитигэр хайдах дьайыай?
-Бүтүн дойду үрдүнэн ылыныллыбыт маннык тутуллаах тэрилтэлэри уларытан тэрийэр дьаһал чэрчитинэн, сотору биһиги тэрилтэбит ГУП-тан акционернай уопсастыбаҕа кубулуйуохтаах. Судургутук быһаардахха, сүнньүнэн тэрийэр-правовой формабыт уларыйар, үлэбит ис хоһоонугар улахан уларыйыы тахсыбат. Сорохтор “Бичиги” тоҕо акционернай оҥороллор, чааһынай бас билиигэ биэрэллэр дуо?» диэн мунаахсыйаллар. Биһиги акцияларбыт син биир 100% учредитель, бырабыыталыстыба бас билиитигэр буолаллар, ол эбэтэр син биир судаарыстыбаннай тэрилтэ быһыытынан хаалабыт.
Урукку өттүгэр, төһө сакаас киирбитинэн уонна, сүрүннээн, бүддьүөт биэрэр үбүгэр-харчытыгар тематическай былаанынан (тембылаанынан) кинигэ таһааран үлэлии олорбуппут. Оттон билигин, этэргэ дылы, ырыынак ыган уонна кириисис буолан, бүддьүөттэн социальнай суолталаах, төрөөбүт тылынан тахсар литератураҕа субсидия көрүллүүтэ эмиэ лаппа аҕыйаан иһэр. Судаарыстыбаттан бэриллэр субсидия кээмэйэ сылын аайы аччыы турар. Аны, урут анал тус үбүлээһининэн тахсар кинигэни, үөһэттэн тембылаан иһинэн таһаарарга дьаһал үксээтэ. Ол түмүгэр, уус-уран, оҕо литературата, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларынан тахсар кинигэ ахсаана аччаата. Холобур, 2014 сыллаахха 25239 тыһ.солк., 2015 сылга 30489 тыһ.солк., 2016 сылга 16335 тыһ.солк., көрүллүбүтэ. Оттон 2017 сылга субсидия кээмэйэ баара-суоҕа 14250,0 тыһ.солк. тэҥнэстэ. Холобурга ылан көрдөххө, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ тахсар, 1-2 бэчээтинэй лиис кээмэйдээх, 1000 тиражтаах улуус хаһыатыгар бүддьүөттэн, ортотунан, 7 мөл. көрүллэр. Оттон кинигэ кыһата итинтэн икки төгүлүнэн эрэ элбэх үпкэ 38 араас кинигэни 430 бэчээтинэй лиистээх 76000 тиражтаах кинигэни таһаарабыт, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатабыт. Итини сэргэ, субсидия суотугар сылын аайы өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэригэр, ол иһигэр оскуолалар пуондаларыгар тембылаан хас биирдии кинигэтиттэн 1149 экз. кинигэ босхо бэриллэр.
Ити курдук, аҥаардас тембылаанынан суруйааччыларбыт айымньылара барылара бэчээттэнэр кыаҕа суох. Ол иһин, бэйэбит ороскуоппутугар ыламмыт эбии таһаарабыт. 2005 сылтан ыла тематическай былаан таһынан тэрилтэ бэйэтин уйунуутунан икки сойуус чилиэннэрин 60-тан тахса кинигэтэ араас тираһынан бэчээттэммитэ.
Онуоха эдэрдэри, саҥа суруйар ааптардары, эмиэ өйүүр соруктаах үлэлиибит. Кинилэргэ өйөбүл суох буоллаҕына, бу дьонуҥ улам уостан, сүтэн барыахтарын сөп. Ол иһин, айар үлэнэн күүскэ дьарыктанар эрээри, сойууска ылылла илик ааптардары хото өйөөтүбүт. Суруйааччылар икки сойуустарын чилиэннэрин элбэх айымньыларын бэйэбит үппүтүнэн таһаарабыт. Ол курдук, анал эрэдээксийэбит иһинэн ол хастыы да кинигэлээбит ааптардарбытыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһугар 2005 сылтан бэттэх, уопсайа, 17 ааптар киирдэ. Оттон Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар – 10 киһи, алта киһиэхэ сойуус чилиэнэ буолалларыгар өссө мэктиэлээбиттэр. Онон биһиги билиҥҥи литература сайдар хамсааһынын быһаччы оҥорсо, өйүү олоробут.
— Дьон билигин кинигэни төһө атыылаһарый?
— Дьон билиҥҥи уустук кэмҥэ, бастакы уочарат, аһыан-таҥныан наада. Ол эрэ кэнниттэн духуобунай аһылыкка тиийэр буолла. Онон, кырдьыгы, баары кистээбэккэ эттэххэ, кинигэни таһаарааччыларга билигин чэпчэкитэ суох кэмнэр кэлэн тураллар. Поэзия, драматургия, уопсастыбаннай-политическай хайысхалаах кинигэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларынан литература, о.д.а урукку даҕаны кэмнэргэ атыыга барара уустук буолара. Прозаны да ылыы аҕыйаата. Кинигэ атыыта-тутуута ордук тыа сиригэр аччаан иһэр. Улуустарга үлэлиир маҕаһыыннарбыт ночооттоох буоллулар. Онон тыа сиригэр баар сорох маҕаһыыннарбытын сабарга күһэлиннибит. Ол гынан баран, дьон син биир үйэлээххэ эргиллиэҕэ, кинигэни атыылаһар буолуоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Онон хамсаннахпытына эрэ, ыал буолан олорорбутугар тиийэбит. Ол иһин, үлэ тохтообокко баар буола турарын, салҕанан иһэрин толкуйдуурга, былаанныырга кыһаллабыт. Инньэ гынан, билиҥҥи ааҕааччы, нэһилиэнньэ наадыйыытын учуоттаан, бэйэбит саҥа бырайыактары толкуйдаан, оҥорон көҥүл атыыга таһаарабыт. Дьиҥэр, ол табыллара-табыллыбата биллибэт сүрдээх уустук дьыала. Холобур, бу бырайыак табыллыа, ааҕааччылары сэҥээрдиэ, атыыга хамаҕатык барыа диэн былааннаабытыҥ, төттөрү буолан тахсыан сөп. Дьэ, оччоҕо ночоокко барарга тиийэбит.
Дьон соччо аахпат, кинигэни аҕыйахтык ылар буолуутугар ырыынак, кириисис кэмэ диэн тылы тумнан, өссө туох мэһэйдэр баалларый диэн көрөбүт. Онно биир өттүнэн техническэй сайдыы мэһэйдиир. Интэриниэт, соцситим, киинэ, тэлэбиидэнньэ — аралдьытар эйгэ. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр батсаап наһаа тарҕанна. Былырыыҥҥы чинчийии түмүгүнэн, Саха сиригэр интэриниэттээх, батсааптаах дьон 98 бырыһыаннара бары батсаабынан туһаналлара бэлиэтэммитэ. Ону хайдах да гынан уларыппаккын. Ити олохпут сайдыытын биир көрүҥэ. Аны, батсааппыт омсолоох өрүттэрдээх. Холобур, тылы таба суруйууга улаханнык оҕуста. Бириэмэ былдьаһыгар хайдах истэллэринэн, эбиитин тылы кылгатан суруйсаллар, араас ойууларынан-бичиктэринэн сонуннарын кэпсэтэллэр, ыйытыыга хоруйдууллар. Онон тыл сыыһырыыта, сахалыы саҥаны буортулааһын күүскэ барар. Сатаан уу сахалыы кэпсэппэт да буоллубут. Киһи үксэ кинигэни илиитигэр тутан ааҕа олоруон оннугар, түргэнник батсаапка киириэ, интэриниэккэ олоруо. Онон кинигэ элбэххэ үөрэтэр доҕор буолар бэйэтэ, билигин атарахсытылла быһыытыйда.
-Электроннай кинигэнэн болҕомтону тарда сатаатахха хайдах буолуой? Оҕо кинигэтин оннук таһаара сылдьыбыт үөрүйэх эһиэхэ баара.
— Сайдыылаах дойдуларга электроннай кинигэ уонна үгэс буолбут кумааҕы кинигэ ырыынага икки сыллааҕыта тэҥнэспитэ. Оттон былырыыҥҥыттан ыла кумааҕы кинигэ, төттөрүтүн, электроннай кинигэни лаппа баһыйбыта бэлиэтэннэ. Арассыыйаҕа электроннай кинигэ ырыынага 5-7 бырыһыаны ылар. Сыл аайы 0,5-1 бырыһыан эбиллэр. Оттон биһиэхэ электроннай кинигэ ырыынага суоҕун кэриэтэ. Итиннэ Арассыыйаҕа, Саха сиригэр атыылаһыы, туһаныы култуурата сайда илигэ сүрүн төрүөтүнэн буолар. Тоҕо диэтэххэ, интэриниэттэн босхону ыла үөрэнии олохсуйан хаалбыт. Оонньуу, муусука, киинэ, кинигэ да буоллун. Кылаабынайа, босхо эрэ буоллун диэн. Оттон арҕаа дойдуларга сокуон кытаанах буолан, киинэлэрэ, кинигэлэрэ, муусукалара күүскэ сайдар. Пираттыы сайт диэн суох. Онон дьон атыылаһан эрэ ылар кыахтаах. Ол атыылаһыыттан киирбит харчы бырайыактары, үлэни салгыы сайыннарарга туттуллар.
Үс сыллааҕыта оҕо мультимедийнай кинигэтин интэриниэккэ дьон төһө сэргиир, сэҥээрэр эбитий диэн босхо туруорбуппут. Оҕо кинигэҕэ баар кнопканы баттаатаҕына саҥарар, хоһоон ааҕар, ыллыыр. Онтубутун биир сыл иһигэр уонтан тахса тыһыынча киһи хачайдаан ылбыта. Дьэ, онно биһиги үөрүү бөҕө. Маннык буоллаҕына, электроннай кинигэҕэ наадыйыыһылар, бэрт эбит диэн буолбута. Онтон тирэхтэнэн икки сыллааҕыта улахан ороскуотунан сакаастаан “Бичик” кинигэлэрэ” диэн электроннай мобильнай сыһыарыыны оҥорон сүүсчэкэ кинигэни туруорбуппут. Онтубутун киһи ылынар төлөбүрдээх оҥорбуппут да, сыл устатыгар баара-суоҕа 57 эрэ киһи хачайдаабыта. Хайыахпытый, кэлтэй ороскуокка баран тохтоппуппут.
Иккис өттүнэн, биһиги ааҕааччыларбыт — тыа сирин дьоно. Оттон үгүс улуустарга интэриниэттэрэ бытаан. Ол эмиэ харгыһы үөскэтэр. Маны таһынан, кириисис кэмигэр үлэлээх буолуу, ыйдааҕы хамнас кээмэйин көрдөрүүтэ намыһаҕа барыта оруолу ылар.
-Киэҥ сиринэн тэлэһийэн атыылааһын төһө туһалаах буолуой?
-ЛитРес диэн, интэриниэккэ электроннай кинигэлэри атыылыыр биир саамай бөдөҥ маҕаһыын баар. Олору кытта дуогабардаһан үлэлэспиппит хаһыс да сыла. Биэс уонча нууччалыы тылынан тахсыбыт кинигэбитин талан ылбыттара. Ол гынан баран, ол ресурсаттан ылааччы билиҥҥитэ аҕыйах. Биир сыл иһигэр 30, 40 кинигэбитин, сүрүннээн, бэйэлэрин үлэлиир хайысхаларынан историктар, этнографтар, культурологтар ылаллар. Ону биһиги Арассыыйаҕа олорор туһанааччылар Саха сиригэр интэриэстэрэ ситэ уһукта илик дуу диэн сыаналыыбыт. Онон, аны, хайдах интэриэһиргэтэбит диэн боппуруос турар. Итиннэ эмиэ толкуйдар, бырайыактар бааллар эрээри, саха киһитин сиэринэн, билиҥҥитэ улаханнык саҥарбаппын.
Урут аан дойдуга ССРС саамай ааҕар дойдунан биллэр эбит буоллаҕына, кэлин Кытай инники күөҥҥэ таҕыста. Онтон Америка, Англия тилэх үктэһэн иһэллэр. Онон саамай ааҕар дойдунан билиниллибит Кытай уопутун кытары билсээри, быйыл атырдьах ыйыгар “Саха сирин бэчээтин тиэргэнэ” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Арассыыйа кинигэ таһаарааччыларын Ассоциациятын (АСКИ) көмөтүнэн Кытай издателлэрэ кытталларыгар кэпсэтиилэри ыытыахпыт.
-Рекламаны туһаннаххытына?
— Реклама төлөбүрэ ыарахана бэрт. Урут өрөспүүбүлүкэбит тэлэбиидэнньэтигэр «Ааҕар балаҕан», араадьыйаҕа үгүс литературнай биэриилэр, хаһыакка анал рубрикалар бааллара олус үчүгэй этэ.
-Аан дойдуга кумааҕы кинигэ атыыга барыыта аҕыйаан иһэр диэн бэлиэтиир буоллахтарына, эһиги сүүрүгү утары бараҕыт. Кинигэни бэчээттээн таһаарыыны улаатыннаран иһэҕит. Тоҕо?
— Манна быһааран эттэххэ, Арассыыйаҕа аан дойдуга курдук күүстээх түһүү суох. Саха сиригэр кумааҕы кинигэни атыылаһа үөрүйэхпит син баар. Биһиги ону сүтэрбэт мөккүөрдээхпит. Манна даҕатан эттэхпинэ, биһиэхэ 40-тан үөһэ саастаах дьон кумааҕы кинигэни ордук ааҕаллара бэлиэтэнэр. Ону бибилэтиэкэлэр бигэргэтэллэр. Аны туран, хас биирдии төрөппүт кырачааныгар быыкаа эрдэҕиттэн кинигэни ааҕан иһитиннэрэ үөрэттэҕинэ, бу оҕо олоҕун тухары кинигэни таптыа, ааҕыа. Үтүө үгэс хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйан, салҕанан иһиэ. Биһиги биир өттүнэн итиннэ эмиэ сыаллаах-соруктаах үлэлииргэ дьулуһабыт. Холобур, соторутааҕыта “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар эрэдээксийэлэрин кытары холбоһон “Ааҕар дьиэ кэргэн ” диэн түмсүү тэрийбиппит. Салайааччынан кинигэҕэ олус бэриниилээх, ааҕыыны көҕүлээччи, бэйэтэ быраас идэлээх Саргылана Ильинична Иннокентьева талыллан, үлэлэрин саҕалаатылар.
Интэриэһинэй суруйуулаах, суруйааччылар сийиэстэригэр мэктиэлэммит, “Чолбон”, “Полярная звезда”, «Күрүлгэн» сурунаалларга бэчээттэммит эдэр дьон айымньыларын бүддьүөт уонна бэйэбит суоппутугар кыахпыт тиийэринэн бэчээттиибит. Оннук ньыманан эдэрдэри ааҕарга тардаары, сахалыы тылга, өйгө-санааҕа чугаһатаары сыралаһабыт. Дьиҥэр, балачча элбэх эдэр суруйааччыны кинигэлээн, салгыы айар үлэнэн дьарыктанарга сүргэлэрин көтөҕөн таһаардыбыт. Маны таһынан, дьон олоххо-дьаһахха туһанар, наадыйар кинигэтин бэчээттиибит. Уопсайынан, ааҕааччы тугу сэргиирин, тугу ааҕыан баҕарарын билэн, онно таба тайанарга кыһаллабыт.
— Оҕолорго аналлаах кинигэлэргит тас көстүүтүттэн саҕалаан, араас элбэх толкуйдатар оонньуулардааҕа, оонньуурдардааҕа, о.д.а. элбэҕинэн болҕомтону тардар. Төрөппүттэр ону төһө өйдүүллэрий, сыаналыылларый?
-Көрсөн махтанар дьон бааллара үөрдэр, үлэбитигэр тирэх буолар. Билигин сахалыы өй-санаа уһуктан турар кэмэ. Онон сорох төрөппүттэр оҕобутугар сахалыы өйү-санааны иҥэриэхтээхпит диэн анаан-минээн атыылаһаллар. Эбээлэр, эһээлэр эмиэ туора турбаттар. Онон биһиги «бэйэбэр буолбатаҕына, оҕобор» диэн өйдөбүллээхпит кинигэҕэ сыһыаммытыгар эмиэ көстөр.
Аны туран, глобализация олус күүһүрбүт кэмигэр оҕолорбутун билигин сахалыы өйгө-санааҕа ииппэтэхпитинэ, омук быһыытынан симэлийиигэ барабыт. Онон кинилэргэ анаан төрөөбүт тылларынан кинигэ арааһын элбэтэргэ ураты болҕомтобутун уурабыт. Биһиги оҕолорбут ийэ тылларынан иитиллэр кыахтара атын омук оҕолоруттан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
-Москубаҕа Арассыыйа кинигэтин бэстибээлигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саха кинигэлэригэр болҕомтотун ууран, бүтүн өрөспүүбүлүкэ долгуйа үөрбүттээх.
— Ити иллэрээ сыл Кыһыл болуоссакка. Онно РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэстибээли көрүүтүн Саха сирин кинигэтин кыһатын экспозициятыттан саҕалаабыта. Аан бастакынан ала-чуо биһиэхэ кэлэн саҥа кинигэлэри билсиһэн, ордук Кыайыыга аналлаах альбому, тылбаастары уонна оҕо кинигэлэрин, холобур, оҕолорго аналлаах остуоруйалаах, пазллаах суумка кинигэни көрөн улаханнык сэргээбитэ. “Бэйэҕит оҥороҕут дуо? Бу туох туһунаный?” диэн ыйыталаспыта.
Кинигэ оҥоһуутун, тас көрүҥүн, хаачыстыбатын үрдэтэн иһэргэ кыһаллабыт. Итиэннэ ону дьон сыаналыырыттан үөрэбит. Маныаха болҕомто, хас биирдии үтүө тыл үлэбитигэр өйөбүл буолар. Ааҕааччы ирдэбилигэр эппиэттэһэр, үлэбит түмүгэ үчүгэй буоларын туһугар ханна бэчээттэтэри, тугу талары барытын сыныйан көрөбүт, толкуйдуубут, дьүүллэһэбит. Манна диэн эттэххэ, судургута суох. Бырыынчыга элбэх.
— Үөрэх кинигэтин бэчээттээн таһаарыы – улахан эппиэтинэстээх үлэ. Эһиги кыһаҕыт онно эмиэ дьоһун ситиһиилээх. Ол туһунан сырдатарыҥ буоллар.
— Итиннэ күүстээх үлэ бара турар. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, үөрэх саҥа судаарыстыбаннай ыстандаарта (ФГҮөС) киирбитэ хас да сыл буолла. Онон үөрэх кинигэлэрин оҥоруу ирдэбилэ кытаатан иһэр. Биһиги кыһабыт 2009 с. Уһук Илиҥҥэ (Дальнай Востокка) биир бастакынан үөрэнэр кинигэлэри бэчээттиир быраабы ылбыта. Үөрэх кинигэлэрин федеральнай испииһэгэр Россия регионнарыттан биир бастакынан учуобунньуктары киллэрбиппит. Маннык улахан эппиэтинэстээх Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Марина Гаврильевна Макеева салайар.
Бу кылгас кэм иһигэр Киин үлэтэ-хамнаһа далааһыннанна. Ол курдук, атын тэрилтэлэри уонна биирдиилээн ааптардары кытта үөрэххэ уонна оҕоҕо аналлаах литератураны таһаарыыга ситими олохтуур, араас хайысхалаах куонкурустары тэрийэр, үөрэх-методическай уонна оҕону сайыннарарга сонун хайысхалаах бырайыактары оҥорор. Маны сэргэ, Киин иһинэн тахсыбыт үөрэх литературатын ис хоһоонугар олоҕуран учууталларга, иитээччилэргэ аналлаах сүбэ тэрээһиннэр ыытыллаллар. СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтин үлэҕинэн ФГҮөС ирдэбилигэр эппиэттиир үөрэх кинигэлэрин, босуобуйалары, методическай литератураны бэчээттээн таһаарар.
Федеральнай испииһэккэ киирэр үөрэх кинигэлэрэ, ирдэбил быһыытынан, электроннай көрүҥнээхтэр. Windows, Android, iOS операционнай систиэмэлэргэ үлэлиир. Бу үөрэх кинигэлэрин электроннай көрүҥнэрин стационарнай көмпүүтэргэ, ноутбукка, планшетнай көмпүүтэргэ, смартфоҥҥа “Бичик” сайтыттан хачайдаан туттуохха сөп. Тутула, ис хоһооно, ойуута-бичигэ үөрэх кинигэтин бэчээтинэй көрүҥэр толору сөп түбэһэр. Ону таһынан видео, аудио-файллар, тургутук араас көрүҥнэрэ, оонньуулар, худуоһунньуктар хартыыналара, уруһуйдар, оҕолор айар үлэлэрэ, ааҕарга эбии матырыйааллар бааллар. Бэйэ бэлиэтэниитэ, эбии үлэни толоруу, наадыйар тылы туруоран көрдөөһүн оҥоһуллар буолан, үөрэнээччи туһанарыгар табыгастаах.
2013 сыллаахтан “Саха оскуолата” систиэмэ олоххо киирэн, үөрэх кинигэлэрэ, босуобуйалар, о.д.а. бэлэмнэнэн тахса тураллар. Үөрэх кинигэлэрин федеральнай испииһэктэригэр киирбит “Литература ааҕыыта” (1-4 кыл.) үөрэх кэмпилиэгэ Москуба куоракка Бэчээт уонна маассабай коммуникация федеральнай ааҕыныстыбата ыытар «Сыл бастыҥ кинигэтэ» Бүтүн Россиятааҕы национальнай куонкуруска 2015 с. «XXI үйэ учуобунньуга» номинацияҕа лауреат үрдүк аатын ылбыта. Онон өрөспүүбүлүкэбит үөрэҕин эйгэтин историятыгар боччумнаах ситиһии оҥоһуллубута. 2016 сылга бэлэмнэммит “Саха тыла”, “Төрөөбүт литература” орто сүһүөх кылаастарга (5-9 кыл.) кэмпилиэгэ эмиэ түөрт экспертизаны ааһан, федеральнай испииһэккэ киллэрэргэ туттарыллыбыта.
-Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын сыл аайы үөрэх кинигэтинэн хааччыйаргытыгар туох уустуктар баалларый?
— Билигин учуобуньуктары атыылаһарга харчы үөрэх тэрилтэлэригэр тыырыллар. Министиэристибэ тарҕатарын таһынан, оскуолалар үлэхтэринэн учуобунньуктары эбии бэчээттээн тарҕатабыт. Ол эрээри, хомойуох иһин, сорох оскуолалар сакааһы хойутаан ыытан, үөрэх кинигэтэ кэмигэр кэлэрин атахтыыллар. Үлэх аҕыйах түгэнигэр, учуобунньук хос бэчээккэ барымыан сөп. Дьиҥэр, урукку курдук кииннээн үлэлиир хайа да өттүнэн табыгастаах. Холобур быһыытынан Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕин салаатын хайгыыбын. Анал исписэлиис үөрэх кинигэтигэр сайаапканы хомуйар уонна түмэн баран туох чопчу наадатын кэмигэр биһиэхэ сакаастыыр.
— Кинигэни аахтарыыга, уларсыыга бибилэтиэкэ төһүү күүс буоллаҕа?
— Оннук. Ол гынан баран, онно эмиэ кэккэ кыһалҕалар бааллар. Куорат, тыа бибилэтиэкэлэригэр босхо бэриллэн тарҕаныахтаах кинигэлэр сыл аҥаара ылыллыбакка мунньуллубуттарын түмүгэр, ыскылаакка миэстэ суох буолан иһэр. Бу дьыл муус устар 21 күнүнээҕи чахчынан, биһиги кыһабыт ыскылаатыгар 3 мөл. солк. тахса суумалаах, 12,6 тыһ. ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ 23 арааһа ылыллыбакка сытар.
— Оскуолалары таарыйбычча, кинигэлэр кэлим хомуктарын (кэмпилиэктэринэн) оскуолаларга оҥорон турардааххыт. Киһи эрэ сөҕөр, хайгыыр бырайыага этэ. Ону хайдах эмэ салгыаххытын сөп дуу?
-Итиннэ СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ улахан махталлаах дьыаланы оҥорон турар. Ф.В.Габышева үөрэх миниистиринэн уонна Ил Дархан иһинэн Тыл сэбиэтин салайа олорон, кэнчээри ыччаты сахалыы тылга, өйгө-санааҕа иитиэххэ диэн, саха оскуолаларыгар кылааһы таһынан ааҕыыга 50-тан тахсалыы кинигэлээх саха классик уонна оҕо суруйааччыларын, олоҥхо кинигэлэрин кэмпилиэктэрин саха тылын уонна литературатын кэбиниэттэригэр анаан оҥорторору ситиспитэ. Онно саха киинэлэрин диискэлэрэ эбиллибиттэрэ. Ол кэмпилиэктэр үс сыл устатыгар 200 бастыҥ үлэлээх оскуолаҕа туттарыллыбыта. Билигин ол тиксибит оскуолаларга киирдэххэ, «Уран тыл уустара», «Саха суруйааччылара – оҕолорго» саха литературатын көмүс пуондата буолан тураллара көрүөххэ астык. Киһи чахчы үөрэр, киэн туттар, туһалааҕыттан дьоллонор кинигэлэрэ. Үөрэх министиэристибэтэ итини таһынан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарга эмиэ итинник кэлим хомуктары бэйэлэрин тылларынан оҥорторон турар.
Хомойуох иһин, ити үлэ үп-харчы кыаллыбакка, тохтоон хаалбыта. Оттон быйыл саас саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы сийиэстэригэр Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ бу бырайыагы салҕаан, кэлим хомуктарынан өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын барыларын хааччыйар былааннааҕын туһунан иһитиннэрбитэ эрэли саҕар.
-Билигин туох кыайтарбакка турарый? Тугу ситэрдэрбит дии саныыгын?
— 2005 сыллаахха СӨ норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева көҕүлээһининэн, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа уонна биһиги кыһабыт классик уонна норуот суруйааччыларын айымньыларын 126 туомунан таһааран, үйэ саас тухары ааҕааччыларбытыгар бэлэх буолан хаалыа этэ диэн бэртээхэй бырайыак саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар, нэһилиэктэргэ, бибилэтиэкэлэргэ дьоһуннаах миэстэни ылыахтара, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалар баай буолуо этэ диэн. Оччолорго СӨ бэрэсидьиэнэ В.А.Штыров Дьаһала тахсыбыта. Онтон ыла 12 сыл ааста. Бу сыллар усталарыгар үп-харчы кырыымчыгынан ити былааннаммыт үлэбит аҥаарын кэриҥин эрэ толордубут. Маны сыллата эрэйэ суох салгыыр туһуттан СӨ бырабыыталыстыбатыгар, туһааннаах министиэристибэлэргэ туруорсуу баар эрээри, үп-харчы суох диэн буолар. Дьиҥэр, ол кинигэлэр күн сиригэр түргэнник тахсаллара буоллар, кэнчээри ыччакка, бар дьоммутугар сүҥкэннээхэй бэлэх буолуох этэ.
Бу 12 сыл устатыгар сыалай биир көлүөнэ ааста. Быһата, көлүөнэни куоттардыбыт. Маннык тэтиминэн бардахпытына, аны 12-13 сылынан 2030 сылга биирдэ түмүктүүргэ тиийэбит. Өссө биир итиччэ сыл устатыгар бу бэртээхэй саха литературатын классикатыттан маппыт, аахпатах, билбэт хас көлүөнэни аһарабыт?! Онон ити бырайыак салҕанара буоллар диэн баҕарабын.
Түмүккэ кыһа, суруйааччылар, бары ааптардар ааттарыттан өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар мэлдьи өйөбүл оҥоһулларыгар махтанабыт уонна Саха сирин норуоттарын төрөөбүт тылларынан тахсар литератураҕа кириисистэн иҥнибэккэ субсидия кээмэйэ сарбыллыбакка көрүллэ туруо диэн эрэлбитин биллэрэбит.
-Кэпсээниҥ иһин махтал. Ыра санааҕыт туолан, сыалгыт-соруккут ситэн, үлэҕит сайдан, бар дьоҥҥо туһалааҕы оҥороргут үксээн истин.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: “Бичик” кинигэ кыһатын архыыбыттан.