АУДИО: Саҥа баһаар күөдьүйбэтэх

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев ойуур баһаардарынан сибээстээн ыыппыт брифинигэр иһитиннэрбитинэн, ойуурга саҥа уот туруута бэлиэтэммэтэх.

Нэһилиэнньэлээх пууннарга тыа баһаардара кутталы үөскэппэттэр.

Ону сэргэ 564 киһи уоту умулларыыга үлэлиир, 66 тиэхиньикэни туһаналлар. Баһаары умулларыыга көтөр аал бүгүн Уус Маайаҕа, Бүлүү эргин үлэлиэҕэ. Ол да буоллар, холобур, хоту Эдьигээҥҥэ кыра умайыы бэлиэтэнэр, ити олох ыраах сиргэ.

Онон бүгүҥҥү туругунан 4 баһаар төгүрүтүллүбүт.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0