Бүгүн киргиис биллэр суруйааччыта Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 92 сыла буолла. Кини сахалыы тылбаастаммыт айымньыларын Эбээ Маайа ютуб-ханаалыгар аахпытын истиҥ.
«Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт», П.С. Афанасьев тылбааһа:
«Джамиля», П.С. Афанасьев тылбааһа:
«Маҥнайгы учуутал», Н.А. Кондаков тылбааһа:
«Тэбиэн хараҕа», В.Ф. Гольдеров тылбааһа:
«Төрөөбүт ийэ хонуум», С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ тылбааһа:
«Илгэлээх ардах», Д.В. Кириллин тылбааһа:
Чингиз Торекулович Айтматов 1928 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Киргизияҕа Шекер сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ. Киргизия, Казахстан норуодунай суруйааччыта, Киргизия Республикатын Дьоруойа, Киргизия НА академига, Социалистическай Үлэ Геройа, Ленинскэй (1963) уонна ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин (1968,1977,1983) лауреата.
Саха уонна кыргыз норуоттарын культурнай, духуобунай ситимнэрин кэҥэтэргэ уонна чиҥэтэргэ далааһыннаах, дириҥ хорутуулаах үлэ тиһиктээхтик ыытыллар. Маныаха, Чингиз Айтматов үтүө аата Сахабыт сирин кытта ыкса ситимнээх. 1966 сыллаахха Саха сиригэр Киргизия суруйааччыларын улахан делегацията кэлэригэр, саха суруйааччылара бу ытык суруйааччы бастыҥ айымньыларын тылбааһын «Тэбиэн хараҕа» диэн хомуурунньукка түмэн таһаарбыттара. Хомуурунньукка “Тэбиэн хараҕа”, “Джамиля”, “Маҥнайгы учуутал”, “Ийэ сир” диэн айымньылара киирбиттэрэ. Чингиз Айтматов айымньыларын геройдара саха суруйааччыларын геройдарын курдук, норуоппутугар чугастарынан ааҕааччылар сүрэхтэрин-быардарын улаханнык долгуппуттара, куттарын туппуттара.
Чингиз Айтматов “Муора кытылынан сүүрэр күөрт ыт” диэн аатырбыт улуу айымньытынан Саха сиригэр норуоттар культураларын, духуобунай сайдыыларын үрдүк таһымҥа таһаарбыт, саха норуотун культуратын үрүҥ көмүс үйэтин барҕардыбыт, республика культуратын министринэн айымньылаахтык үлэлээбит Андрей Борисов Саха тыйаатырыгар туруоруута, туһугар улахан хорсун быһыынан буолбута. Талааннаах режиссер “Хаарыан хампа күөх кытылым” улуу испэктээгинэн Саха сириттэн саҕалаан, аан дойду көрөөччүтүгэр биһиги бука бары биир тыыга олорорбутун, тыыны түөрэҥнэтэр кутталлааҕын, ол аата киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыана эрэйиллэрин символ быһыытынан көрдөрүүтэ хас биирдии киһи өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник иҥпитэ. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатыр “Хаарыан хампа күөх кытылым” испэктээги Кыргызстаҥҥа Бишкек куоракка, Чингиз Айтматов 85 сааһыгар аналлаах күннэргэ анаан-минээн илдьэн көрдөрбүтэ.
Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 90 сылынан, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэлэрин тэрийиилэринэн, быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы киргиис киинэтин бэстибээлэ өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Үтүмэн көлүөнэ таптаан аахпыт суруйааччытын айымньыларынан уһуллубут киинэлэри: «Джамиля», «Первый учитель», «Красное яблоко», «Материнское поле», «Белый пароход» астына, дуоһуйа көрбүтэ.
2013 сыллаахха Саха сиригэр булуллубут бөдөҥ, 53 караттаах алмааска, өрөспүүбүлүкэ уонна АЛРОСА компания салалталарын быһаарыыларынан Чингиз Айтматов аата иҥэриллибитэ. Алмаас булуллубут, хостоммут чахчытын уонна улуу суруйааччы Чингиз Айтматов аата иҥэриллибитин туоһулуур докумуону, сертификаты, хаартысканы Бишкеккэ ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы “Чингиз Айтматов и его Иссык-Кульский форум: диалог культур и сближение цивилизаций” форумҥа Кыргызтан Республикатын парламенын бэрэссэдээтэлигэр туттарбыттара.
edersaas.ru