Атыыр сибэкки

Ааптар: 
17.08.2017
Бөлөххө киир:

Наадьыкка, онтон Надя, салгыы Надежда. Билигин кинини бары Надежда Николаевна диэн ааттыыбыт. Кини билигин даҕаны киһи хараҕар быраҕыллар кырасаабысса — муодунайдык таҥнан, бүрүчүөскэлэнэн, бэйэтин көрүнэн… Маҕаһыын иннигэр уочаракка бэйэтин саастыылаахтарыныын — саас ортолоох, элбэх түбүккэ баттаппыт, кыырыктыйбыт баттахтаах кута-мата дьахталлардыын турдаҕына, көнө чочуонай быһыытынан-таһаатынан, муодунай таҥастыын-саптыын барыларыттан атын, мааны.

…Надя, сып-сырдык эдэркээн кыыс, культурнай сырдатар училищены бүтэрэн, биһиги дэриэбинэбитигэр кулууп сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлии кэлбитэ. Кыыс кэлиэҕиттэн дэриэбинэ иһиллээбит курдук чуумпу олоҕо күөстуу оргуйбута. Аҕыйах кэм иһигэр кини улахан дьоҥҥо ырыа ансаамбылын уонна оҕо үҥкүүтүн куруһуогун тэрийбитэ. Кулууп дьиэтигэр эдэрдиин-эмэнниин тардыспыттара. Үксүлэрэ саҥа кыыһы көрөөрү быһыылааҕа. Урукку өттүгэр дэриэбинэбит куоталаһыыларга, көрүү-куонкурустарга өрүү кэнники миэстэлэргэ тэбиллэр бэйэтэ, арай туран инники күөҥҥэ сылдьар буолбута дьон-сэргэ санаатын көтөхпүтэ.

Дэриэбинэ дьахталлара кураанахха сэрэхэчийбиттэр этэ: Надя сиэр-майгы өттүнэн үчүгэй иитиилээх, ис даҕаны, тас даҕаны өттүнэн сырдыгынан эрэ сыдьаайар ыраас киһи буолан биэрбитэ. Тула өттүттэн элиэтэһэр эр дьоҥҥо кыһамматаҕа. Кини тапталы билэ илик сүрэҕэ Сэргэйи талбыта. Оччолорго Сэргэй хойуу хааһын аннынан болҕомтолоохтук көрбут чох хара харахтаах, көпсөркөй баттахтаах, бэйэтин кыанар, спортсмен, онтугар эбии учугэй куоластаах саҥа туран эрэр уол этэ. Били, этэргэ дылы, дэриэбинэҕэ бастыҥ уолбут.

Кэрэ паараны дьон-сэргэ хайгыы көрөн, хаһан сыа сиэтэллэрин ээр-сэмээр кэтэһэрэ. Бэл, биирдэ уол ийэтэ куулунан бурдук ылбыт сураҕа уокка арыы куппута эрээри, ол халтайга буолбута. Сэргэй хайаан даҕаны идэлэниэхтээхпин диэн баҕалаах үөрэҕэр киирбитэ, онон ыраах Прибалтикаҕа үөрэнэ, сайда барар буолбута. Ону бутэрдэҕинэ, холбоһуох буолан, Надя эрэллээхтик күүтэ хаалбыта.

Саҥа дьыл алыптаах бырааһынньыгын уһун сынньалаҥыгар тапталлааҕа тиийэн кэлбитэ. Кини өссө тупсубут, санна дарайан, эр киһилии киппэ киэптэммит этэ. Надя дьиэтигэр кэлэн, кыыс ураннык киэргэппит күөх харыйатын анныгар бүөмнээн бырааһынньыктыы олорон үөрэнэр куората сайдыылааҕын, ырааһын, онно баар саха оҕолоро түмсүүлээхтэрин, бэрт сэргэхтик олороллорун, өрөбүллэргэ Ленинградка, чугастыы Прибалтика куораттарыгар, Псковка оптуобуһунан баран күүлэйдээн кэлэллэрин (билигин санаатахха, үчүгэй, судургу да эбит) туһунан харахтара уоттанан, киһи эрэ умсугуйуох элбэҕи кэпсээбитэ. Олус үчүгэйдик, табыллан сылдьара тас көрүҥуттэн даҕаны көстөрө. Оттон Надя түөһүн дьол сып-сылаас сүүрээнэ толороро, мэктиэтигэр, тыынар салгына тиийбэтиттэн сүрэҕэ эппэйэрэ. Кыыс тапталлааҕын аттыгар төһө баҕарар олорон, бу курдук кини кэрэхсиир кэпсээнин бүтэр уһуга суох истиэн, сылаас, бөҕө-таҕа ытыһын тутуон, кытаанах өһөс баттаҕын сытыары имэрийиэн, түгэҕэ биллибэт хара харахтарга умсуон баҕарара…

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Людмила Баишева-Федорова — Сыкына

* * *

Баишева-Федорова Людмила Алексеевна –Сыкына «Үрүҥ түүн имэҥэ»  кинигэтиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0