Атыыһыт Петр Кушнарев сиэнэ Дьокуускайга кэллэ

25.08.2022
Бөлөххө киир:

ХХ үйэ саҕаланыыта Саха сиригэр гильдиялаах, миллионер атыыһыттар Кушнаревтар байан-тайан олорбуттара. 1837 сыллаахха бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт Акепсим Кушнарев-Хапсыын атыыһыт эргинэн байбыта.

Кини Амма суолугар бытархай эргиэнтэн саҕалаан, көмүс бириискэлэригэр аһы-үөлү таһан, киин Арассыыйа атыыһыттарын кытары сибээһи олохтоон, биллэ байбыта. 35 собуоту, бөдөҥ тэрилтэни кытары ылсара-бэрсэрэ. Дьокуускайга, Иркутскайга, Охотскайга хас да маҕаһыыннааҕа, бэл, борохуоттааҕа. 1888 сыллаахха дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо приют арылларын ситиспитэ.

Кыыһа Агриппина, уола Петр кини дьыалатын салҕаан, уһулуччу байан-тайан турбуттара. Холобур, 1916 сыллаахха 2,5 мөлүйүөн солкуобайы эргитэр кыахтаммыттара. Меценаттыыртан да туора турбат этилэр. 1919 сыллаахха Дьокуускайга амбулатория аһылларыгар 100 тыһыынча солкуобайы сиэртибэлээбиттэрэ.

Гражданскай сэрии кэнниттэн нуучча да, саха да баайдара, үрүҥҥэ сылдьыбыт интеллигенция Японияҕа эмиграциялаабыта. Петр Акепсимович Эмиэрикэҕэ куотан, тыынын тэскилэппитэ. Баайын-дуолун, дьиэлэрин сэбиэскэй былаас былдьаан ылбыта. Кэлин Павловскайга кини кистээбит кылаатын булан тураллар.

Бүгүн Петр уолун кыыһа, Иркутскайга олорор, историческай наука доктора Кушнарева Маргарита Дмитриевна Дьокуускайга кэлэн, төрүттэрин туһунан лекция оҥорор.

Көрсүһүү атырдьах ыйын 25 күнүгэр СӨ Наукаларын Академиятын аактабай саалатыгар күнүс 16.00 чаастан буола турар диэн академия приемнайыгар иһитиннэрдилэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: yakutiamedia.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0