Бырабыыталыстыба 2017-2019 сылларга судаарыстыба бас билиитигэр баар хампаанньалары приватизациялыыр былаанын бигэргэттэ. Ол түмүгэр “аччыгый” приватизацияттан (федеральнай судаарыстыбаннай унитарнай предприятиелэри, орто уонна дьоҕус акциялаах уопсастыбалары атыылааһынтан) сыллата хааһынаҕа 5,6 млрд солкуобайы киллэриллиэҕэ.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Докумуоҥҥа билиҥҥитэ бөдөҥ хампаанньалар (ВТБ баан, Совкомфлот, “АЛРОСА” хампаанньалар) активтарын сыанаҕа туруоруу суох, ырыынакка быһыы-майгы хайдаҕыттан көрөн быһаарыы ылыныллыа диэн буолар. Быйылгы бүддьүөккэ приватизацияттан 138 млрд солкуобай киирэрэ былааннанар.
Бырабыыталыстыба сайтыгар тахсыбыт докумуон торумнуур эрэ тускуллаах, ол эрээри ол кэтэҕэр чопчу сыыппаралар тураллар. Онон, 477 акциялаах уопсастыба, 298 федеральнай судаарыстыбаннай унитарнай предприятие акциялаах пакеттара, 10 хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбаҕа судаарыстыба бас билэр өлүүтэ итиэннэ судаарыстыба биир тыһыынчаттан тахса эбийиэгин баайа-дуола атыыланыан сөп.
Бырабыыталыстыба 2017-2019 сылларга «Новороссийский морской торговый порт», «Объединенная зерновая компания», «Приокский завод цветных металлов», «Производственное объединение «Кристалл» курдук акциялаах уопсастыбалар тэрийээччилэрин кэккэтиттэн тахсар санаалаах. Ону сэргэ, «АЛРОСА», «Совкомфлот» уонна «Банк ВТБ» акциялаах хампаанньаларга бэйэтин өлүүтүн аччатар былааннаах.
Торумнуур былааны олоххо киллэриини Экэниэмикэни сайыннарыы министиэристибэтэ сүрүннүөҕэ. Акциялары атыылааһынтан бүддьүөккэ сыллата 5,6 млрд солкуобай киириэҕэ диэн суоттаналлар. Ити суумаҕа 2014-2016 сылларга ыытыллыбыт приватизация үбэ эмиэ ааҕылла сылдьар.
Ол эрэн, докумуоҥҥа бырабыыталыстыба инвестордар болҕомтолорун тардар бөдөҥ хампаанньалар акцияларын приватизациялааһын туһунан туспа быһаарыы ылыннаҕына, ити үөһэ ахтыллыбыт сыыппара уларыйыан сөп диэн этиллэр.
Ааспыт сылларга хааһына эбийиэктэрин куортамнааһынтан, атыылааһынтан, холобурга диэн эттэххэ, 2014 сыллаахха 1,4 млрд, 2015 сыллаахха 1,7 млрд солкуобай киирбит. Онно приватизация өлүүтэ үс бырыһыантан өнүйбэтэх. Счетнай палаата дааннайынан, 2015 сыллаахха итинник атыыттан барбах 49 мөлүйүөн солкуобай киллэриллибит. Итинэн приватизация былаана 15 бырыһыан эрэ толоруллубут.
Сыыппара
2016 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан,
1 247 федеральнай судаарыстыбаннай унитарнай предприятие баайа-дуола,
1 704 акциялаах уопсастыба акциялара Арассыыйа Федерациятын бас билиитигэр баар.