Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Дьокуускайга «Оскуола баһаара» аһыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 7 күнүттэн Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка үгэс быһыытынан ыытыллар «Оскуола баһаара» аһыллар. Атыы-эргиэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.

Тэрээһиҥҥэ 100-чэ урбаанньыт кыттара күүтүллэр. «Оскуола баһаарын» чэрчитинэн атырдьах ыйын 20-29 күннэригэр «Оскуолаҕа барарга көмөлөс» диэн аһымал аахсыйа ыытыллыаҕа. Итиэннэ айылҕа харыстабылыгар экологическай хабааннаах аахсыйанан, дьаарбаҥка ыытылларын тухары макулатураны туттарыахха сөп буолуоҕа.

Хаартыска — архыыптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0