Бүгүн, атырдьах ыйын 5 күнүгэр, аан дойдуга Светофор күнэ бэлиэтэнэр. Туох да омуна суох, бу тэрил аныгы олох биир саамай туһалаах тэрилинэн буолар. Суолга хамсааһыны бэрээдэктиир тэрил күн аайы мөлүйүөнүнэн массыынаны, сатыы сылдьааччылары харыстыыр, бириэмэлэрин кэмчилиир.
Нууччалыы “светофор” диэн тыл икки тыл холбоспутуттан үөскээбит: нууччалыы свет – “сырдык” уонна гректии φορός — “аҕалар” диэннэртэн.
Аан дойдуга светофор араас көрүҥнэрэ өссө 19-с үйэ ортотуттан айыллан барбыт. Ол эрэн биир стандартка кэлии өр кэми ылбыта. Ол иннинэ син-биир суол ортотугар туран хамсааһыны салайар киһи быдан улахан оруолу оонньуура. Киһи хонтуруола суох тэрилгэ сыһыан соччото суоҕа, дьон аанньа ахтыбаттара. Ол да буоллар, 20-с үйэ саҥатыгар үгүс дойдуларга светофор үөдүйэн, үөрүйэх тэрилгэ кубулуйан испитэ.
Тоҕо атырдьах ыйын 5 күнэ светофор күнүнэн анаммытай? Бу күн 2014 сылга Кливленд куоракка кыһыл уонна күөх өҥү уларытар аныгы светофор “өбүгэтэ” турбута. Тоҕо чуолаан бу быһылаан бэлиэ күҥҥэ кубулуйбутун чопчу билэр киһи суоҕа буолуо.
Арассыыйаҕа маҥнайгы светофор Ленинградка Невскай уонна Литейнай силбэһиилэригэр 1930 сыллаахха турбута, аҕыйах ыйынан Москваҕа Петровка уонна Кузнецкай муоста икки ардыларыгар чыпчылыйар уоттаах светофор турбута. Онтон аҕыйах сыл иһигэр улахан куораттар бары бу туһалаах тэриллэринэн хааччыллыбыттара.