Атырдьах ыйыгар Саха сирин олохтоохторун хайдах күн-дьыл күүтэрий?
Ааҕааччыларбыт болҕомтолоругар Иркутскайдааҕы гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү управлениетын исписэлиистэрэ атырдьах ыйынааҕы билгэлээһини оҥорбуттарын билиһиннэрэбит. Эрдэттэн сэрэтэбит: бу – сокуон да, быраабыла да буолбатах. Сабаҕалааһын эрэ. “Күн-дьыл туругун ый инниттэн билгэлииргэ эрэллээх ньыма суоҕунан, маны сүбэлээһин курдук ылынаргытыгар көрдөһөбүт”, — дииллэр метеорологтар.
Атырдьах ыйыгар Саха сирин үгүс өттүгэр салгын ыйдааҕы орто температурата 12-тэн 15-кэ, хоту, хотулуу-илиҥҥи улуустарга 7-тэн 11-гэ диэри халбаҥныа. Үгүс оройуоҥҥа салгын муҥутаан +20, +22, сорох күн +30, +35 кыраадыска диэри итийиэ.
Ыйдааҕы орто сөҥүү өрөспүүбүлүкэ баһыйар өттүгэр 28-тан 62 мм, хайалаах оройуоннарга 70-тан 109 мм диэри халбаҥныыр. Атырдьах ыйыгар 10-тан 16 күҥҥэ диэри сөҥүүлээх буолуо. Хоту улуустарга атырдьах ыйын бүтүүтүгэр инчэҕэй хаар түһүө.
Бу ыйга кутталлаах уонна табыгаһа суох айылҕа көстүүлэриттэн этиҥ аргыстаах күүстээх ардах, сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэ уонна онтон түргэннээх тыал түһүөхтэрин сөп. Сир аайы хаһыҥныа.
Киин түбэ арҕаа эҥээрэ (Дьокуускай, Покровскай, Майа, Нам, Бэрдьигэстээх, Сангаар)
Салгын ыйдааҕы орто температурата +14, +16 кыраадыс буолара күүтүллэр, ити элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1-1,5 кыраадыһынан үрдүк. Түүнүн үксүгэр +8, +13, күнүһүн +22, +27, ый бастакы уон хонугун бүтүүтүгэр уонна бүтэһик биэс хонукка түүн +2, +7, күнүс +14, +19 кыраадыска тиийэ намтыа.
Ый устатыгар 34-57 мм сөҥүү түһүө, ол эбэтэр элбэх сыллааҕы орто көрдөрүү саҕа уонна онтон улахан. Быстах этиҥнээх ардах ый саҥатыгар уонна үһүс уон хонук сорох күннэригэр түһүөҕэ.
Киин түбэ илин эҥээрэ (Амма, Чурапчы, Ытык Күөл, Бороҕон)
Салгын ыйдааҕы орто температурата +14, +15 кыраадыс буолар, ол элбэх сыллааҕы көрдөрүүттэн 1-нэн үрдүк. Түүнүн +6, +11, күнүһүн +21, +26, ый бастакы уон хонугун уонна ый бүтүүлэригэр түүн +1, +6, күнүс +13, +18 кыраадыска диэри намтыа.
Ыйдааҕы сөҥүү 43-60 мм тиийэн, элбэх сыллааҕы орто таһымҥа тэҥнэһиэ. Ый бастакы аҥаарын сорох күннэригэр уонна ый бүтэһик биэс хонугар быстах, сороҕор этиҥнээх ардах таарыйыан сөп.
Илиҥҥи түбэ (Уус Маайа, Уус Юдома, Югоренок)
Салгын ыйдааҕы орто температурата +12, +16 кыраадыс буолара күүтүллэр, бу көрдөрүү эмиэ элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1 кыраадыһынан үрдүк. Түүн +6, +11, ити иһигэр ый иккис уон хонугун саҕаланыытыгар уонна ый бүтүүтүгэр +4, -1 кыраадыска диэри сөрүүдүйүө. Күнүс +21, +26, үһүс уон хонукка +15, +20 кыраадыс сылыйыа.
Ый устатыгар 16-47 мм сөҥүү түһэн, орто таһымҥа тиийиэ суоҕа. Ардах бастакы биэс хонук уонна үһүс уон хонук сорох күннэригэр түһэрэ сабаҕаланар.
Соҕуруу түбэ (Алдан, Учур, Нагорнай, Томмот, Чульман)
Салгын ыйдааҕы орто температурата +13, +16 кыраадыска тэҥнэһэн, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүнү 1 кыраадыһынан аһарыа. Түүн үксүгэр +8, +13, күнүс +18, +23 кыраадыс, ардыгар түүнүн +4, -1, күнүһүн +12, +17, ый бүтэһигэр күнүс кытта +6, +11 кыраадыска диэри намтыа.
Ыйдааҕы сөҥүү ахсаана 23-75 мм, сорох сиринэн 105 мм тэҥнэһэн, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн итэҕэс, сорох сиринэн орто таһымҥа хабааттар. Быстах, ардыгар этиҥнээх ардах бастакы уонна төрдүс биэс хонукка итиэннэ ый бүтүүтүгэр түһүөн сөп.
Арҕаа түбэ (Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мииринэй, Чернышевскай, Полярнай, Туой Хайа, Витим)
Салгын ыйдааҕы орто температурата соҕуруу түбэ киэнин саҕа. Түүҥҥү температурата эмиэ майгынныыр эрээри, бүтэһик биэс хонукка +3, +8, күнүскүтэ +23, +28 буолар. Бастакы уонна үһүс уон хонуктар сорох күннэригэр +14, +19 кыраадыска диэри намтыан сөп.
Ый устатыгар 43-89 мм, соҕуруулуу-арҕаа эҥээргэ 119 мм сөҥүү түһэн, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүнү аһарыа, сорох сиринэн онно дьүөрэлэһиэ. Бастакы уонна үһүс уон хонуктар үгүс күннэригэр итиэннэ иккис уон хонук сорох күннэригэр самыырдыыра сабаҕаланар.
Хоту түбэ (Күһүүр, Тиксии, Хаһааччыйа, Уус Куйга, Депутатскай)
Салгын ыйдааҕы орто температурата бу түбэҕэ элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүгэ чугасаһар: +6, +10 кыраадыс. Түүн +2, +7, иккис уонна үһүс уон хонуктарга сорох түүн +1, -4 кыраадыска диэри тымныйыа. Күнүһүн ый бастакы аҥаарыгар уонна төрдүс биэс хонук бүтүүтүгэр +13, +18, онтон атын күннэргэ +7, +12 кыраадыс сылыйыа.
Ыйдааҕы сөҥүү 49-91 мм тэҥнэһэн, элбэх сыллааҕы орто ахсааны таһымныа. Ардах, сорох сиринэн күүстээх самыыр, ый үгүс күнүгэр түһүөҕэ.
Хотулуу-арҕаа түбэ (Сааскылаах, Солоҕоон, Өлөөн, Эдьигээн)
Салгын ыйдааҕы орто температурата +7, +12 кыраадыс буолара күүтүллэр, ити элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүгэ чугас, түбэ хотулуу-арҕаа эҥээригэр 1 кыраадыһынан намыһах. Түүнүн үксүгэр +3, +8, ардыгар +4, -1, күнүһүн +14, +19, иккис биэс хонукка, иккис уон хонук бүтүүтүгэр уонна үһүс уон хонукка +6, +11 кыраадыска диэри намтыа.
Ый устатыгар 37-76 мм сөҥүү түһэн, орто таһымы куоһарыа. Ый тухары көтө-көтө ардыа.
Хотулуу-илиҥҥи түбэ (Баатаҕай Алыыта, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Хонуу, Уус Ньара, Хаандыга)
Салгын ыйдааҕы орто температурата элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүнү 1 кыраадыһынан таһымнаан, +11, +13 кыраадыс буолуо. Түүн +4, +9, бүтэһик биэс хонукка +3, -2 кыраадыс сөрүүдүйүө, түбэ соҕуруу өттүгэр -6 кыраадыс тымныйыа. Күнүһүн ый бастакы аҥаарыгар уонна төрдүс биэс хонук сорох күннэригэр +18, +23 кыраадыс, онтон ураты күннэргэ +13, +18 кыраадыс сылыйыа.
Ыйдааҕы сөҥүү ахсаана 19-54 мм тэҥнэһэн, орто көрдөрүүттэн кыра уонна ол саҕа самыырдаах буолуо. Ый хайа баҕарар күнүгэр быстах, ардыгар этиҥнээх ардах кэлэн түһүөн сөп.
Уһук хотулуу-илиҥҥи түбэ (Чокуурдаах, Черскэй, Үрүҥ Хайа, Орто Халыма, Зырянка)
Салгын ортотунан +8, +13 кыраадыс сылыйан, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүнү 1 кыраадыһынан аһарыа. Түүн +3, +8, ый бүтэһигэр +4, -1, күнүһүн бастакы уон хонукка уонна иккис уон хонук ортотугар уонна бүтүүтүгэр +21, +26 кыраадыс, онтон атын күннэргэ +12, +17 кыраадыс. Түбэ хоту эҥээригэр түүнүн ый бастакы аҥаарыгар +3, +8, онтон уратытыгар +4, -1, күнүс ый бастакы аҥаарыгар +15, +20, иккис уонна үһүс уон хонуктарга +7, +12 кыраадыс буолуо.
Элбэх сыллааҕы орто ахсаантан аҕыйах сөҥүү түһэрэ күүтүллэр: 11-34 мм. Ый бастакы уон хонугар сөҥүүтэ суох, онтон атын күннэргэ быстахтык ардыыра сабаҕаланар.
Василий БОЕСКОРОВ.