Атырдьах ыйыгар биэнсийэ кээмэйэ эбиллиэҕэ

Бөлөххө киир:

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа биэнсийэҕэ пуондата кэккэ уларыйыылары киллэрдэ.


Ол курдук, Арассыыйа биэнсийэҕэ пуондата 2017 с. үлэлээбиттэргэ страховой биэнсийэни хаттаан аахта. Ол түмүгэр кинилэр биэнсийэлэрэ атырдьах ыйыттан үрдүөҕэ.

Үгэс буолбут индексацияттан уратыта диэн, бу уларыйыыга биэнсийэни хаттаан ааҕыы биирдиилээн оҥоһуллар уонна биэнсийэлээх хамнаһын кээмэйиттэн тутулуктанар.

Страховой биэнсийэни хос ааҕыыны ыытарга биэнсийэ пуондатын бүддьүөтүгэр 2018 с. 10,7 млрд солк. көрүлүннэ.

Тэҥнээн көрдөххө, 2016 сылга үлэлээбиттэр биэнсийэлэрин былырыын хос аахпыттарын кэнниттэн биэнсийэлэрэ ортотунан 169 солкуобай эбиллибитэ.

Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0