АТЫРДЬАХ ЫЙА

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын Таҥараианство итэҕэлин быһыытынан Үөһээҥҥи Айыы – Сүҥ Дьааһын (Этиҥ Иччитэ) уонна Сирдээҕи Айыы – Хатан Тэмиэрийэ (Уот Иччитэ) кыттыһан салайаллар. 

Бу ый сыл биир саамай бэлиэ ыйдарыттан биирдстэрэ. Ол курдук сайыммыт үһүс түһүмэҕэ – Илгэ сайын атырдьах ыйын 19 күнүгэр тиийэн бүтэр. Дьэ ити күнтэн күһүммүт бастакы түһүмэҕэ – көмүс күһүн саҕаланар. 

Былыр атырдьах ыйыгар сайыны быһа оттоон, бугуллаан муспут отторун биир сиргэ чохчхолоон, атырдьаҕынан кыдамалаан үрдүк гына, самыыр хоппотун диэн түстээн  кэбиһэллэрэ, ол кэбиһиилээх от диэн ааттанара. Ол аата бу ыйга окко туттуллар сүрүн тэрилинэн атырдьах буолара, дьэ ол иһин оту кэбиһэр ыйы Атырдьах ыйа диэн ааттаабыттар. 

Атырдьах ыйыгар от-мас ситэн бүтэн, кууран-хатан барар. Бурдук буһан хомуллар, сир аһа буһар, астыйар, ардахтаах сайыҥҥа тэллэй үгэннээн үүнэр. Кус оҕото көтөр, куобах бороохтуйар. Бу кэмҥэ кыыл-сүөл, балык кытта уойар-тотор. Онон кырдьык даҕаны сайыммыт барахсан илгэтин хомуйар, хаһаанар түбүктээх,эппиэттээх кэм. 

Атырдьах ыйын бэлиэ күннэринэн буолаллар: 

Атырдьах ыйын 2 күнүгэр Сүҥ Дьааһын Айыы күнэ, эбэтэр православнайдар бу күнү Ылдьыын Таҥара (Ильин день) диэн ааттыыллар. Сайын бүтэһик куйаас күннэрэ, норуокка биллэринэн, Ылдьыын куйааһа түһэр. Быйыл Ылдьыын куйааһа, арааһа, уһаабата буолуо. Этиҥнээх ардахтар түһүөхтээхтэр. Былыр ньэчимиэн бурдук буспутун быһан куурдан, хатаран, мэлийэн бастакы алаадьы буһаран сииллэрэ. Кураанах кус оҕото көтөр,   кус ийэтин бултаатахха даҕаны оҕолоро бэйэлэрэ аһыыр, көтөр буоланнар, эмсэҕэлээбэттэр. Онон дьоро күннэр саҕаланаллар. Мооньоҕон буһан ситэр, онон бу ый 10 хонугар диэри хомуйбатахха түһэн куотуон сөп. 

Түүн балачча хараҥарар. 

Атырдьах ыйын 14 күнэ – Бүлүү диэки Хотуур ортото дэнэр. Ити эргин сайын Киин улуустардааҕар биллэ кылгас, онон Хотуур ортотун бу кэмҥэ бэлиэтииллэрэ сөп. Бурдук быһыыта саҕаланар. Халлаан ардыыр, сөрүүдүйэр. Онтон оту-маһы орохсутар тыалланар. Ол аата халлаан отун-маһын куурдан-хатаран үүнэрин тохтотор. Православнайдар бу күнү Медовый Спас, сахалыы Бастакы Ыспааһап диэ ааттыыллар. 

Атырдьах ыйын 19 күнэ – Киин улуустарга Хотуур ортото. Окко от ыйын 12 күнүгэр Бөтүрүөпкэ киирэн балаҕан ыйын 14 күнүгэр Кыс Сэмэҥҥэ оттооһуну түмүктүүр буоллахха, бу күн оттуур кэм оруобуна ортото буолар. Иккис курдук, бу күн Илгэ Сайыммыт түмүктэнэн Көмүс күһүммүт саҕаланар. Ол бэлиэтэ Хатыҥ, үөт мастар сэбрдэхтэрэ Сарт көтөр кутуругун курдук араҕас толбоннонор, сөрүүн ардахтар түһэллэр, сорох кыра көтөрдөр бараллар. Түүнүн ытыс таһынар хараҥа буолар. Толооннорго, киэҥ сиргэ тыаһа-ууһа суох түүнү хараҥардар чаҕылҕан дэнээччи чаҕылыйарын көрүөххэ сөп. 

Урут сахаларга Айылҕа харыстабылыгар суруллубатах сокуон баара. Ол курдук бу күнтэн куһу ийэтин да оҕотун да араарбакка көҥүл бултанара, куобахха туһах иитиллэрэ. Собо, мунду өллөнөр кэмэ, ол аата,  кыһыны туоруур хаһатын саппааһын мунньунар, онон сииргэ ордук минньигэс буолар. Үөл кус – умсаах,булчут (биргинэх), баар сиригэр Анды оҕото улаатан, көтөргө бэлэмнэнэр, Ону баттаһа былыр олохтоох дьон ыҥырса сылдьан, бэйэлэрин олорор күөллэригэр үөл кус оҕотун бултууллара. Ол эмиэ туспа бырааһынньык буолара.  

Павославнайдар бу күнү Яблоневый Спас диэн бэлиэтииллэр, яблоко сииллэр. Биһиэхэ ууаах отоммут үксэ буһар, онон дьиҥинэн Атырдьах ыйын 19 күнүттэн отон хомуйуутун туох да хааччаҕа суох көҥүллүөххэ баара.  

Ынах арыыта ыыс-арҕас буолар, сыта-сымара олус тупсар. 

Атырдьах ыйын 29 күнэ – Көмүс күһүн бүтэн Алтан күһүн саҕаланар. От-мас дьэбидийэ хагдарыйан дьэс алтан өҥнөнөр. Балачча сөрүүдүйэр, ардыыр, хаһыҥныан сөп. Хортуоппуйу хостооһун  саҕаланар. Ол гынан баран хортуоппуй өссө да ас кута сытарын болҕомтоҕо ылар эмиэ наада. Күөлгэ мунду бөлүөхсүүтэ саҕаланар. Ол аата кыһын биир сиргэ бөлүөхсэн, салыҥынан бүүнэн баран утуарга бэлэмнэнэллэр. Былыр итинник бөлүөхсүбүт мундуну куйуурунан тыыга баһан таһааран лыыбалыыллара, эбэтэр сибиэҕэ хатаран хохту оҥороллоро. 

Православнайдар бу күнү Ореховый эбэтэр Хлебный Спас диэн бырааһнньыктыыллар, саҥа бурдуктан араас ас астыыллар. 

Кураан кэм саҕаламмытынан быйыл бэлиэ күннэр ардахтара дуона суох буолар туруктаахтар. Гидромет уонна билгэһиттэр хаһыҥ бу кэмҥэ суох дииллэр. Балачча сөрүүдүйүө да буоллар, хаһыҥ суох дииллэрэ арааһа сөп буолуо. 

Дьэ онон Илгэ Сайын уонна Көмүс күһүн барахсаттар алтыспыт Атырдьах ыйдара , төһө да кураанын-кураххайын иһин сүрэхтээх-бэлэстээх дьоҥҥо илгэлээх буолуоҕа.  

Саха дьоно саамай ытыктыыр Икки — Чаҕылган уонна Уот Айыылара Сүҥ Дьааһын уонна Хатан Тэмиэрийэ салайар ыйдарыгар кинилэр биһиги диэки бэттэх көрөн, мичик гынан Орто дойдубутугар Ойуур уотун уҕарыталлар ини диэн эрэниэххэ. 

Гавриил Спиридонович Угаров – Эһээ Дьыл,

биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0