Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олоҥхо күрэһигэр бэйэм курдук ааттаах уонна араспаанньалаах олоҥхоннон дьарыктанар биэс сыл балыс Чурапчы Чакырыттан сылдьар Настя Алексеевалыын билсибитим. Настялыын «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» диэн олоҥхону толорор оҕолор бэстибээллэригэр, олонхо ыһыахтарыгар элбэхтэ алтыһааччыбыт. Билигин бэйэ-бэйэбитигэр «инстаграм» ситимҥэ сурутуулаахпыт уонна аныгы олох сиэринэн «стори» нөҥүө күннээҕи олохпутун көрөбүт.
Төрөөбут тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Настя сториһын көрө олорон ырбаахытыгар Алампа айымньытыттан быһа тардыы суруллубутун сөҕө көрбүтүм. Интэриэһиргээн ыйыппытым, кини бэйэтэ суруйбутун уонна уруһуйдаабытын туһунан кэпсээбитэ. Тута edersaas.ru саайтка ыстатыйа суруйуохха сөп эбит дии санаан, биир күн Настялыын көрсөн кэпсэппиппит.
Аан дойдутааҕы кэрэ аҥаардар күннэригэр биир ураты толкуйдаах, олоҕун суолугар олоҥхо аргыстаах, айар-тутар Чурапчы Настятын туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.
— Настя, бэйэҥ тускунан саайтпыт ааҕааччыларыгар уонна «инстаграм» аккауммут сурутааччыларыгар кэпсээ эрэ.
— Мин Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгиттэн сылдьабын, биэс сааспыттан олоҥхонон дьарыктанабын. Бэйэм ырыа суруйабын уонна олоҥхолоохпун. Устудьуоннуу сылдьан үлэҕэ киирбитим, онон үһүс сылын Олоҥхо тыйаатырыгар артыыһынан үлэлиибин. 2020 сыллаахха Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрбитим. Пандемия кэмигэр үөрэхпин бүтэрбит буоламмын, билигин да үөрэнэ сылдьар курдук сананабын (күлэр).
— Олоҥхо киэһэлэрин тэрийэн истэр эйгэни иитэринэн дьарыктанаҕын, бу туһунан сырдатыахха.
— Былырыын олунньу ый 9 күнүгэр атах тэпсэн олорон чэй иһэрбитигэр «Саха сирин култуурата» (Культура Якутии) диэн айар холбоһук кыргыттарын Татьяна Павловалыын уонна Сардаана Сыромятниковалыын билсибитим. Ол көрсүһүүгэ мин олоҥхо толорон иһитиннэрбитим, онуоха кыргыттарым сэҥээрбиттэрэ уонна «Сэһэн балаҕана» диэн бырайыактарын кэпсээбиттэрэ. Кинилэр балаҕаҥҥа олорон эрэ араас сэһэннэри истэллэр эбит этэ. Ыччаты муһан истээччи эйгэтин тэрийиэхпин баҕарабын диэн баҕа санаабын үллэстибитим. Онуоха олоҥхо киэһэтин оҥоруохха диэн ыҥырбыттара. Аҕыйах күн иһигэр, олунньу ый 17 күнүгэр бастакы олоҥхо киэһэбитин тэрийбиппит. Бу санаатахха, барыта буолуохтааҕын курдук сатаммыта.
Олоҥхобут киэһэтин «инстаграм» нөҥүө быһа эпииргэ устааччыбыт. Пандемия буолан хааччахтаах этэ, ол да буоллар миэстэ былдьаһык, дьон кэлэн истэр, сэргиир буолбута. Ярославскай мусуойун балаҕаныгар олохтоно сылдьыбыппыт. Балаҕаҥҥа тыыннаах уот, эйгэ баар, ону таһынан «Чэй» кулуубун салайааччыта Айаал барыларыгар сылаас чэй кутан, чэйдии-чэйдии олоҥхо истэбит.
Бастаан мин олоҥхобун кэпсиибин. Дьонум истэллэр, ол кэннэ ырытыһабыт. Оччолорго пандемия кэнниттэн саҥа дьиэттэн тахсан, дьону кытта кэпсэппэтэхпит-алтыспатахпыт ырааппыт буолан, ыһа-тоҕо түүҥҥэ диэри кэпсэтэн нэһиилэ тарҕаһар этибит. Yчүгэй баҕайы буолааччы, нэдиэлэҕэ биирдэ оҥорор буолбуппут, оптуорунньукка 18:30 чаастан тиһигин быспакка 20-тэн тахса киэһэни тэрийбиппит. Ол тухары элбэх киһи кэлэн барбыта. Билигин хааччахтарынан сибээстээн көрсүһүүлэрбит тохтоон тураллар.
— «Истиҥ олоҥхо» диэн сахалыы тыллаах саҥа подкаст оҥорон таһаардыҥ. Подкаст оҥорор туһунан санаа хаһан уонна хайдах киирбитэй? Уонна олус интэриэһинэй логотип оҥостубуккун дии.
— Подкастым тохсунньу ыйга «төрөөн» тахсыбыта. Дьиҥэ, санаата эрдэ тиһиллэн сылдьыбыта ээ. Былырыын сайын Чочур Мыраанҥа «Саха сирин култуурата» диэн айар холбоһук буолан этно-кэнсиэр тэрийбиппит. Онно «Күлүмнүүр күнүм» диэн подкастаах Машалыын билсибитим. Кини миигин подкастка кэпсэтэ ыҥырбыта. Көрсөн кэпсэппиппит уонна эн эмиэ бэйэҥ подкаст устуоххун сөп диэн сүбэлээбитэ, тугу устуохпун сөбүн толкуйдаабыппыт. Мин 5 саастаахпыттан олоҥхонон дьарыктанар, идэм олоҥхону кытта сибээстээх буолан ырааппакка бэйэм аттыбар баар, тугу сатыырбын оҥоруохпун сөп эбит диэн толкуйдааммын олоҥхо тиэмэтин таллым.
Тохсунньу ыйга ыалдьан дьиэбэр сыттым. Тугунан эрэ дьарыктаныахпын наада диэн подкаст устар санаалах сылдьыбыппын ситэрэр эбиппин диэн толкуйдаатым уонна ороммуттан ойон турдум. Тохсунньу 24 күнүгэр биир дойдулааҕым Эрилик Эристиин 130 сааһын туолар күнэ этэ, чэ онуоха диэри бастакы подкастпын оноруохпун наада диэн сыал-сорук туруоруннум. «Буура Дохсун» олоҥхону арыйа баттаатым уонна хара сарсыардаттан түүнҥэ диэри олорон аахтым, диктофоммар устан оҥордум. Итинник бастакы выпускпун таһаарбытым, дьон сэргээн истэр эбит.
«Хараабылы хайдах ааттыыгын да оннук устар» диэн өйдөбүл баар дии. Онон подкастым аатын өр толкуйдаабытым. Олоҥхо эрэ диэхпин боростуой баҕайы курдук, элбэх барыйааны тыырбытым. Оннук толкуйдуу сылдьаммын «Истиҥ олоҥхо» диэн аат тахсан кэлбитэ. Саха тылыгар истиҥ диэн тыл хас да өйдөбүллээх. Ол эрэн подкаст аатыгар хайдах баҕар өттүттэн барсар.
Логотиппар 2 кулгаах баар. Олоҥхону уонна подкасты истээччи кулгааҕынан ылынар, ону таһынан олоҥхо диэн тыл икки өттүгэр О буукуба турара сөпкө түбэһэн хаалла уонна оттон бэйэбин куруук таллаҕар кулгаахтаахпын диэн күлүү гынабын (күлэр). Онон сиэттэрэн ити кулгаахтары олоҥхо диэн тылга сыбаабытым. Барыта сибээстээх буолан таҕыста.
Маҥнайгы таһаарыыбар ол туһунан санааларбын кэпсээбитим. Билигин подкастпар икки эпизод баар. Бу подкасты истии эйгэтин тэрийээри уонна дорҕооннох саха тыла, олоҥхото сүппэтин диэн тарҕатаары оҥордум.
— Олоҥхо, ырыа-тойук эн олоххор туох суолталааҕый?
— Этэргэ дылы, киһини өйдүүр буолуохпуттан олоҥхону кытта доҕордоһон тэҥҥэ улааттым. 18 сыл буолбут. Олоҕум суолугар олоҥхом тиһигин быспакка миигин кытта наар баар. Ону таһынан идэм эмиэ олоҥхону кытта сибээстээх. Ол иһин суолтата улахан.
Санаан көрбүтүм, туох эмит ыарахан, соҕотохсуйуу кэмнэригэр миигин кытта аттыбар олоҥхом эрэ баар буолар эбит. Олоҥхону аахтахпына иһигэр киирэбин. Туох барыта умнуллан хаалар. Бэйэтэ туспа эйгэлээх дойду, ол иһигэр миигин ким да тыыппат, ким да булбат, харысхаллаах курдукпун. Ону кэлин өйдөөтүм, эрдэ аахайбат этим. Оннук хомолтобун таһааран, аһардан кэбиһиэхпин сөп. Оннооҕор түүлбэр баттаттахпына, тойуктаатахпына уһуктааччыбын. Саха киһитэ санаатын, толкуйун сатаан эппэтэҕин тойугунан киҥинэйэн туойар диэн этии баар дии, оннук курдук туойан таһаарабын.
Настя бу санаатын кэнниттэн сороҕор испитигэр олоҥхолуурбутун кэпсэттибит. Тойук, олоҥхо киһи долгуйдаҕына, тууйулуннаҕына көмөлөһөрүн санаатыбыт. Холобура, мин кэмпириэнсийэлэргэ дакылааппын кэпсиирбэр долгуйдахпына тойук туойан тирэхтээх сананарбын үллэһинним уонна чахчы даҕаны, олоҥхобут, ырыабыт-тойукпут олохпутугар көмөлөһөр эбит диэн түмүккэ кэллибит.
— Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Алампа айымньытыттан ырбаахыга тыллары суруйбутуҥ уонна кини мөрсүөнүн уруһуйдаабытыҥ. Хайдах маннык санаа уонна өрө көтөҕүллүү кэллэй?
— Бастаан таҥаска суруйууну устудьуоннуу сылдьан боруобалаабытым. «Эн мин олоҥхом» диэн ырыалаахпын ол тылларын футболкаҕа суруйан кэтэр этим.
Быйыл «Алампа таптала» диэн тыыннаах доҕуһуолунан телевизионнай форматка кэнсиэр оҥордубут. Руслан Тараховскай артыыстарга ырыа түҥэппитэ. Мин Алампа «Ыллыыбын» диэн хоһоонун талбытым. Тугу кэтэрбин толкуйдаабытым уонна таҥаска суруйар дьарыкпын санаан, ырбаахы атыылаһан үлэм кэнниттэн киэһэ 4 дуу, 5 дуу күн олорон оҥордум.
Алампа «Ыллыыбын» хоһоонуттан «Омуктуу туойбаппын, сахалыы ыллыыбын» диэн бэйэбэр чугас тыллары суруйбутум. Бастаан ырбаахыбар харандааһынан быһа холоон суруйабын, онтон кырааскалыыбын. Хата, барыта табыллан испитэ, астыммытым аҕай.
Онтон Алампам мөрсүөнүн уруһуйдаабытым, табыллан испэтэҕэ. Сарсынҥы күнүгэр съемка буолуохтаах, түүнү быһа уруһуйдуу сатаатым, табыллан испэт, хаста да соттум, «хайдах гынабыныый» диэн айманан ыллым. «Чэ, мөрсүөнэ да суох тыллара эрэ буоллуннар» диэн кыыһыра, өһүргэнэ эҥин санаатым. Сарсыарда ийэм «Хайа уруһуйдаабатыҥ дуо?» диэн ыйытта. Табыллыбат диэтим, кини «Өссө уруһуйдаан көр» диэн сүбэлээтэ.
Барарым кэллэ, ыксаатым, ол эрээри уруһуйдаатым. Сүүһүн, бытыгын уруһуйдаатахпына Өксөкүлээх Өлөксөйгө эбэтэр Эрилик Эристиинҥэ майгынныыр буолан хаалар. Уоскуйан, хайаан даҕаны оҥоруохпун наада диэн уруһуйдаатым, онуоха бэйэтэ тахсан кэллэ. Тиһэҕэр диэри тиэрдиэххэ наада эбит диэн түмүккэ кэллим. Ырбаахыбын дьон интэриэһиргээбитэ.
Салгыы саха классиктарын кытта сибээстээҕи таҥаска түһэрэн көрүөхпүн баҕарабын.
Настя ытарҕаларын туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Бу кини олоҥхо дойдутун оҕото буоларын туоһулуур өссө биир уратыта дии саныыбын. Кулгааҕар кэтэ сылдьар ытарҕалара икки аҥы. Биирэ үрүҥ көмүс былыргы сахалыы ытарҕа, биирэ буоллаҕына олонхолуу олорор киһи. Олоҥхолуу олорор ытарҕатын устуоруйатын туһунан кэпсиим. Дьиҥэ, түөскэ кэтиллэр үрүҥ көмүс бэлиэ эбит. Олоҥхону толорооччуларга биэрбиттэр эбит. Өр таах сыппыт. Ону улаатан баран булан ылбыт уонна кулгаахпар иилиниэхпин сөп эбит дии санаан ытарҕа оҥорбут. Онто бэлиэ буолан кулгаахха кэтэргэ барсыбат эбит, ол да буоллар кыыспыт бастаан утаа хааннана-хааннана кэтэр эбит. «Билигин кулгааҕым үөрэммит быһыылаах» диэн күлэ-күлэ кэпсиир.
— Инстаграмҥа, ютубка, подкастка сахалыы саҥарар, сахалыы тыллаах контент уонна блогердар баар буоллулар. Эн туох санаалардааххыный?
— Олохпут сайдан иһэрэ, сахалыы тыллаах контент элбиирэ хайҕабыллаах, үөрэбин. Уонна итинник сахалыы тыллаах, сахалыы өйдөөх-санаалаах контент элбии турарыгар баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, бу дьалхааннаах үйэҕэ, тас дойдуттан киирии салгыннара кэллэхтэринэ, өйбүт-санаабыт ыһыллыа, сахабыт тыла сүтэн, симэлийэн хаалыа диэн долгуйуу уонна куттал баар. Бу кистэл буолбатах.
Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» айымньытыгар кыһалҕата атын дойдуттан биһиги диэки көрөллөр, биһиэхэ кэлээри сылдьаллар, хайдах буолабыт, тыыннаах ордобут дуу, суох дуу диэн дии. Өксөкүлээх өйдөөх буоллаххытына өйдөөн, тобулар буоллаххытан тобулуҥ диэн күлүүс тылларынан кистээбит.
Бу соторутааҕыта доҕотторбун кытта кэпсэтэн, ырытыһан баран маннык толкуйга кэллим. Өксөкүлээх суруйар: «Аптарын албастарын алкыйан ылан салгын куппутун сайҕыаҕыҥ!» Социальнай ситимнэр атын омуктар аптара, албастара, хомуһуннара буолар. Итиннэ биһиги алкыйан ылыахтаахпыт, бэйэбит испитинэн киллэрэн, бэйэбит эмиэ ол аптарыгар, хомуһуннарыгар үөрэниэхтээхпит уонна бэйэбит гиэнин оҥорон, сахатытыахтаахпыт. Оччоҕуна биһиги тыыннаах хаалабыт. Онтон биһиги ол аптан, хомуһунтан куттанан, саһан, бүгэн, бэйэбитигэр ылыммакка олордохпутуна, ол ап уонна хомуһун биһигини солоон ааһыан, сиэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин өйдөөхтүк сыһыаннаһан, куттаммакка ол аптарын-хомуһуннарын, бэйэбитигэр ыламмыт күөдьүтэн, буор куппутун бурҕатытыахтаахпыт, салгын куппутун алыптыахтаахпыт, ийэ куппутун иитийэхтиэхтээхпит.
Билигин эдэритэн эмэнигэр диэри төлөпүөн туттабыт, онон ол нөҥүө саха дорҕоонноох тылын тарҕатыахха сөп буолла.
— Саайтпыт ааҕааччыларыгар, «инстаграммыт» сурутааччыларыгар баҕа санааҥ.
— Чөл туругу баҕарабын. Хас күн аайы элбэҕи билэ-көрө сатааҥ, сүрэххит сөбүлүүрүнэн дьарыктаныҥ уонна олоҕу таптааҥ, олоҕу сыаналааҥ.
Анастасия Алексеева, edersaas.ru