Атын үйэттэн ыалдьыттар

Ааптар: 
18.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Дьикти, аттыбытыгар көстүбэт, атын эйгэ баар дииллэр. Атын кэм, бириэмэ, үйэ, букатын да туора олох, кэм-кэрдии…Киһи итэҕэйиэн да, итэҕэйимиэн да билбэт. Аны, ким да ону чуо онно баар, эбэтэр онно тиийэ сылдьыбытым диэн ким эмэ эппитин истибитим диир киһи баара эмиэ бу диэн биллибэт. Баҕар, бааллара буолуо…Тоҕо диэтэххэ, араас дьиктилэр, дьиибэлэр, таайыллыбат таабырыннар икки атахтааҕы соһуталлара элбэх диэн суруйаллар.

Чарли Чаплин киинэтигэр суотабай?

Чарли Чаплин «Цирк» диэн киинэтигэр хроникалары көрө олорон, режиссер Джордж Кларк каадырга кыра төлөпүөнүнэн кэпсэтэ-кэпсэтэ ааһар дьахтары көрөн улаханнык соһуйбут.  Киинэ 1928 сыллаахха уһуллубут эбээт! Оччолорго мобильнай сибээс диэн өйдөбүл ырааҕынан суох буоллаҕа. Ол аата, атын үйэттэн кэлэн хаалбыт дьахтар сылдьара буолуо дуо диэн интэриниэккэ ырыппыттар. Быыһыгар туох эрэ аппараатынан бэйэтин курдук атын үйэттэн ыалдьыттыы сылдьар киһини кытта сибээстэһэрэ дуу диэн мунаарааччылар эмиэ үксээбиттэр. Оччолорго куйаарынан сибээс хайдах баар буолуой? Оттон кулгааҕынан мөлтөхтүк истэр дьахтар аппарааттаах сылдьара буолуо диэҕи, тоҕо кимниин эрэ кэпсэтэр курдугуй диэн соһуйаллара оруннаах.

Атын ыалдьыт

Хаартыскаҕа 1941 сыллаахха Канадаҕа Көмүс муоста аһыллыытын үөрүүлээх түгэнэ. Дьиктитэ, бу хаартыскаҕа оччотооҕуга ханан да дьүөрэлэспэт ураты таҥастаах-саптаах, футболкалаах, күнтэн хаххалыыр хара ачыкылаах, аныгы портативнай камералаах киһи турар. Бу киһи бэйэтин олоҕор, үйэтигэр төттөрү эргиллибитэ буолуо дуо диэн  элбэх чинчийээччини толкуйга түһэрдэҕэ?

400 сыллааҕыта аныгы чаһы…

2008 сыллаахха кытай археологтара император Си Цин кистэниллибит тутуутун (өлбүт дьону угар аналлаах тутуу) арыйбыттар. Бэлиэтээн суруйалларынан,  маны 400 сылы быһа ким да  таарыйбатах.

Археологтар буорун хаһан баран, хоруоп таһыттан чаһы булан ылбыттар. Онтукалара гравировкалаах, стрелката 10:06 тохтообут билиҥҥи үйэ швейцарскай чаһыта буолан биэрбит.  Кистэниллибит киһи уҥуоҕа, кырдьык, төрүт тыытыллыбатаҕа быһаарыллыбыт. Оттон чаһы хантан кэлбитэ буолуой?

«Санетти» пуойаһа хайдах сүппүтэй

1911 сыллаах сайын «Санетти» туристическай хампаанньа Италия 106 баай киһитин күүлэйдэтэ үс вагоннаах көлөнөн айаҥҥа туруммут. Көлө бэркэ айаннаан иһэн, Ломбард тоннельга киирэн баран сүтэн хаалбыт.

Арай, көлө тоннельга киириэн аҕай иннинэ, икки пассажир дьикти көстүүттэн куттанан түһэн хаалбыттара биллибит. Олор кэпсээбиттэринэн, эмиэ да туман, эмиэ да былыт курдук салгын кэлэн пуойаһы бүрүйэн кэбиспит. Оттон онно баар пассажирдар улаханнык уолуйан аймана хаалбыттар.

Сүппүт пуойаһы көрдөөбүттэр да, туох да көстүбэтэх. Айдаан кэлин намыраан, устунан уостан хаалбыт. Арай, бу айаҥҥа сүппүт дьонтон биирдэстэрин аймаҕа 1926 сыллаахха архыып докумуоннарын көрө сылдьан, биир дьикти суругу булан ылбыт. Онно Мексикаҕа хантан да кэлбитэ биллибэккэ, эмискэ пуойас баар буолан хаалбытын туһунан суруллубут эбит. Психиатр Хосе Саксино психбалыыһаҕа биир күн полицейскайдар 104 пациены аҕалбыттарын туһунан суруйан хаалларбыт. Онно айанньыттар бары Римтэн сылдьалларын эппиттэрин туһунан киллэриллибит. Аны докумуоҥҥа 1845 сыл диэн ыйыллыбыт. Дьиктилээх пуойаһы көрбүт дьон, айанньыттар таҥастара-саптара, маллара-саллара уратытын, кинилэр кэмнэринээҕи муодаттан атынын суруйан хаалларбыттар эбит. Онно эбиитин «1907» диэн суруктаах табакерка улаханнык соһуппутун туһунан ахтыллыбыт. Бүөлэнэн хаалбыт тоннелы  чинчийэ сатаабыттар да, кыаллыбатах. Кэлин тиһэҕэр кистэлэҥнээх тоннель сир үрдүттэн симэлийбит.

“Титаник” кистэлэҥэ

Аар саарга аатырбыт «Титаник» 1912  сыллаахха муус устар 15 күнэ үүнэр түүнүгэр Атлантическай акыйаан хотугу эҥэригэр тимирбитэ. Дьиктитэ диэн, 1897 сыллаахха Англия суруналыыһа Морган Робертсон «Тщетность» диэн айымньытыгар «Титан» диэн хараабыл тимирэрин туһунан суруйбут. Ону алдьархай тахсыбытын кэннэ, кэлин, Робертсон өтө көрбүт буолуон сөп диэн быһаарбыттар.

Бу аарыма “Титаник” дьиктилэрэ кэлин да салҕаммыттар. Бастатан туран, хараабылы акыйаан түгэҕиттэн 1985 сыллаахха булбуттара. Онно көстүбүт саа (капитан саата) 1925 сыллаахха оҥоһуллубут диэн суруктааҕа соһуппут. Аны 10000$ банкноттаах кейсы булбуттара 1996  сыллаахха бэчээттэммит диэн эмиэ дьиктини-дьиибэни үөскэппит. Хараабыл тимирбитин кэнниттэн, хас алта сыл буола-буола, капитан оччолорго биллэрбит SOS сигналын дьон иһиттибит диэн тыллыыр буолбуттар. Ол туһунан аан бастаан 1918 сыллаахха үҥсэргээбиттэр. Оттон 70-с сыллар ортолоругар биир моряк, бэл, сигналы уһултаран ылбыт.

Кэлин “Титаниктан” быыһаммыт хас да киһини булбуттарын туһунан интэриниэккэ эмиэ кэпсииллэр. Ол курдук, 90-с сыллардаахха биир кыыһы муус болгуоттан быыһаабыттар. Кыыс акыйаан ортотугар хайдах тиийэн хаалбыта дьикти. Ол кыысчаан оччотооҕу дьон курдук таҥастаах-саптаах эбит, өссө «Титаникка» билиэттээҕин уонна докумуоннарын көрдөрбүт. Кыыс хараабыл аҕыйах чаас анараа өттүгэр эрэ тимирбитин, кини мууска хатаастан тыыннаах ордубутун эппит. Оттон дьиҥэр, оччолорго хараабыл тимирбитэ төрүт да 85 сыл ааспыт эбит. Кыыс эрэйдээҕи төбөтүнэн буккуллубутунан аахпыттар. Эбиитин “Титаникка” билиэти уонна оччотооҕу таҥаһы-сабы хантан эрэ булан баран сүрдээх үчүгэйдик харыстаан илдьэ сылдьыбыта буолуо диэн күтүрээччилэр кытары баар буолбуттар. Оттон дьиҥэр, кини таҥастыын-саптыын, хаартыскалаах докумуонунуун оччолорго “Титанигы” кытта акыйаан түгэҕэр барбыт биир дьахтар курдук үкчүтэ быһаарыллыбыт.

37 сыл буолан баран

57 пассажирдаах DC-4 самолет Каракаска, Венесуэлаҕа 1992 сыллаахха кэлэн түспүт. 37 сыл буолан баран! Бу самолет 1955 сыллаахха Нью-Йорктан Майамига көтөн иһэн сүтэн а5ыс айдааны таһаарбыт рейс эбит. Дьиктилээх көтөр аал Каракаска түһэрин түспүт эрээри, аҕыйах мүнүүтэ буолаат, төттөрү көтөн куугунатан тахсыбыт уонна былыттар быыстарыгар киирэн сүтэн хаалбыт. Бу соһуччу ыалдьыттааһыны көрбүт дьон уонна пленкаҕа уһуллубут кэпсэтиилэр маннык илэ чахчы буолбутун бигэргэппиттэр.

Диспиэччэрдэр пропеллердаах самолет радарга көстүбэккэ гынан баран, эмискэ тиийэн кэлбититтэн улаханнык соһуйбуттар. — Пилоттан аатын ыйыппыппытыгар: «Биһиги бу ханна кэллибитий диэн хардары ыйыппыта», — диэбиттэр. Куолаһа хайдах эрэ наһаа соһуйбут, уолуйбут курдугун тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр. Нью-Йорктан Майамига 914-с ньүөмэрдээх рейси толорорун, экипажка төрдүөлэрин, 57 пассажирдааҕын туһунан дакылааттаабыт. Оттон Майами Каракастан 1800 км ыраах эбит.

-Мин пилокка: «Бу Каракас, Венесуэла… Соҕуруу Америка. Эһиги туох эрэ иэдээҥҥэ түбэстигит дуо?» диэбитим да, хоруй мэлийбитэ. Самолет,  дьиҥэр, бэркэ түспүтэ. Онтон эмискэ баҕайы биир пилот иккис пилокка: «Айыы Таҥара, Джимми! Тугуй бу, иэдээн эбит» диирэ иһиллибитэ. Кинилэр реактивнай самолету көрөн баран, космическай хараабыл диэн куттаммыттара быһыылааҕа, — диэн кэпсээбит бу кэмҥэ пуорка үлэлии олорбут Хуан де ла Корте.  Киниэхэ дьикти самолет пилота араспысаанньанан Майами пордугар от ыйын 2 күнүгэр 1955  с. сарсыарда 9.55 түһүөхтээҕин эппит.

-Мин рациянан: «Капитан, бу Каракас аан дойдутааҕы пуорда. Бүгүн ыам ыйын 21 күнэ 1992 сыл» дэбитим. Онно кини: «Оо, Айыы Таҥара!» диэн улаханнык соһуйбута. Мин кинилэргэ биһиги хамаандабыт тиийэн эрэрин этэ сатаабыппын истэ барбатаҕа. Хамаандабыт дьоно уонна сапараапкалааччы чугаһаабыттарыгар кабинатын түннүгүнэн сапсыйа-сапсыйа хаһыы бөҕөтүн түһэрбитэ. Онно биһиги дьоммут пассажирдар сирэйдэрин көрбүттэр этэ.  Пилот ол сапсыйарыгар паапкатыттан кыра халандаар түһэн хаалбыт эбит. Көппүттэрин кэннэ, ону булан ылбыппыт 1955 сыллааҕы халандаар буолан биэрбитэ, — диэбит.

Дьикти самолет хайдах кэлбитэй да, соннук көппүт, сүппүт. Ханна тиийэн түспүтэ, пассажирдар туох дьылҕаламмыттара биллибэт. Бу курдук, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн араас дьиктилэр-дьиибэлэр тахсыталаабыттарын, тахсыталыылларын даҕаны интэриниэт таһаарыыларыгар, хаһыаттарга, сурунаалларга булан көрүөххэ сөп.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
0
+1
1