Аан дойдуга таайыллыбатах таабырыннар, айылҕа дьиктилэрэ үгүстэр. Олортон биирдэрэ «Бермудскай треугольник» билиҥҥи үйэҕэ сатаан быһаарыллыбатах сир саамай сэрэхтээх аномальнай зонатын быһыытынан биллэр. Дьон, хараабыллар, ол үрдүнэн көппүт сөмөлүөттэр сураҕа суох сүтэллэр. Ардыгар, «бермудскай треугольнигы» атын эйгэҕэ аан курдук ылыналлар. Бу үс муннук Атлантическай акыйаан хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар. Дьикти сүтүүлэр, аан дойдуну аймаабыт сэрэхтээх быһылааннар ордук ааспыт үйэ 50-с сылларыттан биллибиттэрэ. Саха сиригэр даҕаны итинник дьикти сир-уот баар эбит.
Былыр — былыргыттан сахалар сибиэннээх сирдэртэн, абааһылаах ампаардартан дьиксинэ, куттана уонна ырааҕынан тэйэ хаамар үгэстээхтэр. Сылдьыахтаах сирдэригэр атын эйгэттэн туох эмит көстөр буоллаҕына, сирдэрин-уоттарын аһатан дьалты ыытарга көрдөһөллөр. Маннык сирдэри биһиги «Бермудскай треугольник» курдук сирдэр диэн ааттыыбыт. Сахабыт сиригэр айылҕа дьиктилэрэ, таабырыннара үгүс. Мин оҕо эрдэхпинэ, эбэм биир дьикти түгэни кэпсээн турардаах. Эбэм Маайа Дьүлэй нэһилиэгэр Дьиэрэҥнээхтэн 1955 сыллаахха көһөн кэлбит, оттон бу түбэлтэ кини кэлиэн быдан иннинэ буолбут. Улахан Сайылык диэн сиргэ кырдьаҕас эмээхсин отоннуу сылдьан сүтэн хаалбыт. Эмээхсини нэһилиэк дьоно бары тыаны биир гына тараахтаан көрдөөбүттэр даҕаны, булбатахтар. Ый кэриҥэ буолан баран, эмээхсиннэрэ дьэ көстүбүт. Кэлин бу туһунан эмээхсин маннык ахтар эбит: «Төҥүргэскэ сылайан сынньана олордохпуна, аттыбынан нэһилиэгим дьоно ааһаллар. Туох буолбут дьоной, киһини даҕаны аахайан көрбөт буолбуттар, — диэн дьиктиргии санаабытым». Кинини бэйэтин көрдүү сылдьалларын билбэт эбит. Оттон ол көрдөөбүт дьонтон ким даҕаны төҥүргэскэ олорор эмээхсини көрбөтөх. Кэнники биир киһи түбэһэн эмээхсини булбут. Биир маннык түбэлтэни тас дойдуга сынньана сырыттахпына, Уяр куорат олохтооҕо, буҕаалтыр идэлээх Надежда Горпенченко, бу тиэмэҕэ кэпсэтии буолбутугар кэпсээн турардаах. Элбэх оҕолоох ыал аҕата киэһээҥи аһылык кэмигэр аһыы олорон, тууһаммыт оҕурсу ыла диэн дьиэтин умуһаҕар киирбит. Арай, аҕалара хайдах киирбитин курдук сүтэн хаалбыт. Халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэтэх. Дьиэ иһинээҕи умуһахтан дьиктитик сүппүт аҕаларын үс сыл күүтэ сатаан баран, ыал атын куоракка көһөн барбыт. Арай сүүрбэ сыл буолан баран, кыра оҕолоох дьахтар оҕотун аһата олордоҕуна, туустаах оҕурсу бааҥкатын туппут эр киһи дьиэтин умуһаҕыттан тахсан кэлбит. Дьахтар сүрэҕэ хайдан өлө сыспыт. Эр киһи эрэйдээх «Мин сибилигин аҕай умуһахха ас ыла киирбитим, дьонум ханна бардылар, бу туохха түбэстим», — диэн бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө, улаханнык аймаммыт. Сүүрбэ сыл сүтэ сылдьыбытын туһунан тугу даҕаны өйдөөбөт эбит. Кинини кэлин оҕолоро буланнар, дьиэ кэргэнигэр төннүбүт. Маннык дьикти уонна таайыллыбатах түбэлтэлэр элбэхтэр. Салгын хаартыската Эбэм Маайа тоҕус саастааҕар ийэтин кытта баҕадьылаан кэлэн иһэн, биир дьиктини көрбүтүн кэпсээбитин, мин өйдөөн хаалбыппын. Кэбээн диэн сиргэ Чойостоон Оруоһун диэн Лыппыарыйаҕа олоро сылдьыбыт киһи ураһалааҕа эбитэ үһү. Халлаан хараҥаран барбыт, эбэм дэлби тоҥмут, аччыктаабыт. Сыарҕалаах оҕустарын көлүйэн айаннатан иһэн, арай эбэм көрбүтэ, Чойостоон Оруоһун ураһата сандааран олорор үһү. Үөлэһинэн кыым ыһыахтанар, дьон-сэргэ тоҕуоруспут. Маны көрөн эбэм: «Ийээ, киирэн иттэн, чэйдэ иһэн ааһыах», — диэн көрдөспүт. Онуоха ийэтэ туох да саҥата-иҥэтэ суох оҕуһун быһа кымньыылаан кэбиспит уонна: «Ити атын дьон бырааһынньыктыы сылдьаллар», — диэбит. Сайын буолбутугар, эбэм көрбүт ураһатын дьиктиргээн кэлэн чуҥнаан барбыт. Ураһа эҥэрдэрэ хастанан, дьон-сэргэ олорботоҕо быданнаабыт көрүҥнээх туртайан көрсүбүт. Эбэм күһүөрү-кыһын көрбүт дьикти түбэлтэтин салгын хаартыската олорон хаалбыт буолуон сөп эбит диэн сылыктаабыт.