«Абааһылаах кэпсээннэ кэпсээ» диэн эдьиийбин Настааны дэлби хаайабын. Оччоҕуна сахалыы оһуордаах чааскытыгар итии чэйин куттан, дьиктини көрбүтүн туһунан кэпсээнин саҕалыыр.
«Оҕо сылдьан дьиктини көрбүт буоламмын, кэккэлэһэ сылдьар кистэлэҥ баарыгар итэҕэйэбин. Олоҕум тухары кэннибэр ким эрэ кэтии, батыһа сылдьар курдуга. Хараҥаҕа соҕотох сылдьыбат, дьиэбэр соҕотох хаалбат этим. Кэнники айылҕалаах дьону кытары алтыһан, ыраастанан билигин оннук турукка аны киирбэппин.
Сэттэ уонус сыллар саҥаларыгар, үһүс-төрдүс кылаас үөрэнэрим, чугастыы олорор оҕолор мустан үспүйүөннээх милииссийэ оонньуурбут. Биирдэ оннук оонньууга Ылдьыыска диэн уоллуун үспүйүөннэр буоллубут уонна иккиэн куоттубут. Милииссийэлэртэн мүччү-хаччы туттараммыт тэйиччи турар эргэ гарааска киирэн, аан кэннигэр састыбыт. Син балайда өр турдубут, арай дьоммут кэлбэттэр да кэлбэттэр, саһарбытыттан салҕан киирэн бардыбыт. Булумаары гыннылар диэн бэйэ-бэйэбитигэр имнэнсибиппит кэннэ, чыпчылыйыах түгэн иһигэр иннибитинэн кыһыл уонна күөх дьүһүннээх илиилэр аастылар. Оччолооҕу көрөн баран аны гараастан куотар аакка бардыбыт. Тиийэн оҕолорбутугар кэпсээбиппит даҕаны, ким даҕаны итэҕэйбэтэҕэ. Ол саҕана абааһы таҥара диэҥҥэ итэҕэйэр суоҕа.
Эмиэ ол сыл этэ. Оҕолору кытары оонньуу сылдьан сэргэстэһэ олорор ыалым түннүгэр хараҕым хатана түспүтэ. Арай онно арбайбыт маҥан баттахтаах дьахтар түннүккэ илиитин үөһэ уунан баран үҥкүүлүү аҕай турар эбит. Тыыннаах киһи диэҕи хаһан даҕаны харахтаабатах дьахтарым этэ. соһуйбутум эрээри кимиэхэ даҕаны эппэтэҕим. Ол оннук ааспыта.
Онтон ийэбинээн чэйдии олорон түннүк нөҥүө утары олорор ыалым дьиэтин түннүгүн одуулуубун. Арай били соторутааҕыта атын ыал түннүгэр көрбүт арбайбыт маҥан баттахтаах дьахтарым, атын ыал түннүгэр үҥкүүлүү турара. Илиитин үөһэ ууна-ууна араастаан хамсанар. Ийэм эмиэ көрдө быһыылаах, сүр түргэнник ойон туран түннүгү сабан баран “Бара охсуохха мантан” диэн атын хоско илдьибитэ. Ол сыл ийэм барахсан сырдык тыына быстыбыта. Ону биттэнэн эбитэ дуу, ол дьахтары көрдөҕүм буолуо… Уопсайынан итинник атын эйгэ ыалдьыттара мээнэҕэ көстүбэттэр эбит. Туох эрэ куһаҕан буоларын, ким эрэ олохтон туоруурун биттэнэн көстөр эбиттэр.
Өссө биир дьиктини санаторийга көрөн турабын. Биир сайын эдьиийдэрим оҕолорун илдьэ санаторийга киирдибит. Биэстээх-алталаах уоллаах кыыс мэниктэрэ сүр. Бары биир палаатаҕа сытабыт. Биирдэ аттынааҕы палатаҕа сытар дьахтар “Мин ороммун туох эрэ охсуолуур, дьикти баҕайы” диэн кэпсээтэ. Мин итинник кэккэлэһэ сылдьар кистэлэҥнэргэ итэҕэйэр киһи дьиксинним эрээри туох да диэбэтим. Син хас да күн ааспытын кэннэ арай утуйа сытан эмискэ баҕайы уһуктан кэллим. Оҕолорум утуйа сыталлар, арай атаҕым диэки орон туорайыгар кып-кыра нуучча оҕонньоро олорор. Өйдөөн көрбүтүм остуоруйаҕа баар оҕонньорго маарынныыр курдук үс муннук бэргэһэлээх, чоҕулуччу көрөн аҕай олорор. Мин уолуйан хааллым оронтон туруом икки ардыгар мэлийэн хаалла. Ол күн чугас дьүөгэм оҕото ууга былдьаммытын иһитиннэрбиттэрэ. Онон көстүбэт эйгэ тугу эрэ сэрэтэр эбит дии санаабытым.
Дойдубар таҕыстахпына, соҕотох хааллахпына өрүү ким эрэ аттыбар баар курдуга. Бэл тыынара биллэргэ дылы буолааччы. Кэнники сааһырбытым кэннэ сүтэн хаалбыта, билигин соҕотох сылдьарбыттан куттаммаппын» диэн эдьиий Настаа кэпсээнин түмүктүүр.