Атын Агаша… (Батсаап туһунан көрдөөх кэпсээн)

23.01.2017
Бөлөххө киир:

Олоххо араас көрүдьүөстээх түгэн тахсан, олохпутун киэргэтэр, санаабытын көнньүөрдэр. Эбиитин батсаап үйэтэ кэлэн, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах да түгэннэригэр түбэһэр эбиккин.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Биһиги үрдүк үөрэҕи бүтэрбиппит сүүрбэччэ сыл буолан эрэр. Төһө да элбэх кэм аастар, үгүстэрин кытары чугастык билсэбит. Улуустарга олорор кыргыттарбыт-уолаттарбыт учууталлар, син сотору-сотору куоракка киирэллэр. Киирдэллэр эрэ, куоракка олорор кыргыттарбыт дьаһалларынан эрэстэрээннэргэ, кафеларга, ардыгар дьиэлээх дьон быһыытынан дьиэбитигэр ыҥырсан ирэ-хоро кэпсэтэбит.

Арай, биирдэ куораттааҕы дьүөгэбит Инга дьиэ ылбыт малааһыныгар ыҥырда. Бэйэтэ солото суох буолан (миигин арыый да сололоох диэтэҕэ дуу), ким баарынан, барыларыгар анаан батсаапка суруйарбар көрдөстө. Киһи дьиэ ылар малааһына олоҕор биир саамай дьоллоох түгэнэ буоларынан эҕэрдэлээн туран, аккаастыам баара дуо? Сөбүлэстим.

Биир үтүө сарсыарда бэйэм дьиэ ылбыт саҕа сананан, ыҥыртаабыт ыалдьыттарыгар  батсааптааччы буоллум. Бары үөрдүлэр-көттүлэр, ол быыһыгар «Тоҕо бэйэтэ ыҥырбат?» диэн «бууннааччылар» да баар буоллулар. Ону ол диэбэккэ, бэйэ дьоно түргэнник өйдөстүбүт, үөрдүбүт-көттүбүт.

Арай Чурапчы улууһугар учууталлыыр кыыспыт Агаша нүөмэрэ кимиэхэ да суох буолан биэрдэ. Саатар малааһыннаах кыыһым: «Агашаны үөрэҕи бүтэриэхпититтэн олох көрө иликпин. Хайаатар да кэлэрэ буоллар» диэн көрдөспүтэ кулгаахпар хаалан хаалла. Агаша нүөмэрэ хаһан эрэ миэхэ баар буола сылдьыбытын өйдөөн кэллим уонна урукку төлөпүөммүттэн хасыһан булан ыллым. Батсааптаах төлөпүөммэр киллэрбитим кыыһым нүөмэрэ бу кылбайан тахсан кэллэ. Арай, хаартыската эрэ суох. Чэ, буоллун. Били барыларыгар эппит ыҥырыы тылларбын Агашам нүөмэригэр «куоппуйалаан» саайдым.

Өр-өтөр буолбата. Кыыһым төттөрү батсааптаата. Барытын өйдөөбүт бадахтаах. Ханна, ханнык аадырыска, хаска кэлэрин ыйыппытыгар тута эппиэттээччи буоллум. Мин Агашабыт кэлэр буолбутун истэн, Инганы үөрдэ охсоору кэпсии оҕустум.

х х х

Кэтэһэн-кэтэһэн малааһыммыт күнэ үүннэ. Арай таксига олорсон истэхпитинэ, Агашам батсаабынан: «Хайа манна миигин ким да билбэт дии. Эн миигин кимнээххэ ыҥырбыккыный?» – диэбит. Агаша уруккуттан да «үөннээҕин», дьээбэлээҕин билэр буолан: «Кырасаабыссаҥ өссө бэргээтэҕэ дии, ол иһин билбэттэрэ буолуо» диэн хаадьылааччы буоллум.

Ол айаннаан истэхпитинэ аны Ингам: «Доо, олох билбэт дьахтарым кэллэ дии. Ити кими ыҥырбыккыный?» – диэбит. Бу кыргыттар көрсүбүт үөрүүлэрин уйбакка, соруйан хаадьылаһаллар быһыылаах дии санаатыбыт. Атыны тугу саныахпытый?

Дьэ, ити кэпсэтиибит иһэ-истээх буолан хаалла.

Саҥа дьиэҕэ маннык буолбут. Болдьохтоох кэмҥэ биир да мүнүүтэни хойутаабакка аан звонога тыаһаабыт. Малааһыннаах дьон оҕолоро ааны аспыттар уонна: «Ийээ, бастакы ыалдьыт кэллэ», – диэт, куукуналарыгар сүүрбүттэр.

Инга куукунаттан ыалдьытын көрсө тахсыбыт. Арай көрбүтэ хаһан да харахтаан көрбөтөх мааны да мааны

билбэт дьахтара турар үһү. Иккиэн бэйэ бэйэлэрин чочумча көрсөн баран турбуттар. Хаһаайка, өйүн өйдөөх, урутаан саҥарбатах. Киирбит дьахтар: «Бу миигин ханна ыҥырбыккытый? Бу Лермонтов уулусса 25 дуо?» – диэн түргэн бэйэлээхтик добдугуратан кэбиспит. Хаһаайка кими билбэтим диэн кыбыстан: «Ол аадырыс. Киир, баһаалыста аас, сотору кыргыттар кэлиэхтэрэ», – диэхтээбит. Киирбит ыалдьыт бэйэтэ да сытыы-хотуу дьахтар буолан биэрбит. Хаһаайка ыҥырбытын истээт, утары турар хоско дьылыс гыммыт уонна үөрүйэхтээх баҕайытык таҥаһын-сабын уларыттан барбыт.

Ол быыһыгар Инга кыргыттара ийэлэрин сэмэлээбиттэр: «Хайдах кими ыҥырбыккын билбэккин. Эбэтэр ыҥырыга суох кэлбит дуу?!» – диэн сибигэнэһии бөҕө буолбуттар.

Биһиги киирэн кэллибит. Мин дьээбэм дэлэ дуо? «Агаша-аа, кырасаабыссаа, ханна саһан сытаҕын, тахса оҕус!», – диэн хаһыытаатым. Арай утары хостон тахсыбытыгар көрбүтүм бииргэ үөрэммит кыыспытыгар Агашаҕа ханан да майгыннаабат, ол эрэн, мин билэр атын Агашам турар эбит. Соһуйуу бөҕөтүн соһуйдубут, туохха алҕааһаабыппын тута сэрэйэ оҕустум, кыбыстан сиргэ тимириэхпин сир кытаанах буолан биэрдэ. Хайыамый, тактикабын уларытарга тиийдим. «Оо, Агаша, дьэ буолар да эбит! Чэ, буоллун, бачча кэлэн баран хайдах баран хаалаары гынаҕын? Дьиэлээх хаһаайыттары эҕэрдэлээн баран барыаҥ буо», — диэхтээтим. Хата, дьиэлээхтэр да мин этиибин сөбүлэстилэр. Барыбытын остуолга ыҥырдылар. Онон кыргыттарым да, хаһаайыттар да билбэт ыалдьыттарын кытары остуолга олордубут. Хата, ыҥырыллыбатах ыалдьыппыт бэйэтэ култуура үлэһитэ буолан, саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн, ыалдьыттарбытын сэргэхситтэ.

Кини манна хайдах кэлэн хаалбытын быһаарбыппар, кыргыттарым олох быара суох сыттылар. «Мин буруйум буолбатах, Батсаап буруйдаах. Ити баар — батсаапка хаартыскаҕытын уурбаккыт! Хаартыскаҕыт баара буоллар, атын Агаша буоларын сонно тута билиэм этэ буо!» – диэн бэйэлэрин мөхпүтэ буолан, куотунан көрөөхтөөтүм.

Атын Агаша хайдах баар буолан хаалбытый, таайыаххытын баҕараҕыт? Мин били эргэ төлөпүөммүттэн булан ылбыт нүөмэрим атын Агаша нүөмэрэ эбит. Муҥар, аватыгар хаартыската суоҕа. Арай кэпсэтиибит сөп түбэспитэ, ыҥырыыны ылына охсон кэлбитэ баар ээ. Бастакыттан кимий-тугуй диэн ыйыппыта, тоокколоспута буоллар хайдах буолуо эбитэ буолла? Эчи, бары күн солото суохпут, тыыннаах кэпсэтииттэн тэйэн, батсаабынан эрэ кэпсэтэр буолбуппут содула итиннэ эмиэ көһүннэ.

Чэ, туох буолуой? Атын Агаша үөрэ-көтө ыалдьыттаан барбыта, оттон биһиги үйэ саас тухары өйдүү-саныы сылдьар курдук көрүдьүөстээх түгэҥҥэ киирэн таҕыстахпыт дии. Онно «буруйдаах» – мин.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0