Атеросклероз уонна тымыр ыарыыта

17.02.2018
Бөлөххө киир:

Атеросклероз туһунан биһиги тугу билэбитий? Көннөрү күннээҕи кэпсэтиигэ: “Оо, дьэ склероз буолбуппун, эмиэ умнубуппун”, – диэн үгүстүк саҥа аллайабыт.

edersaas.ru

Бу тылы умнуган буолуу, түөһэйии, кырдьыы диэн өйдөбүллэргэ ханыылаан туттабыт. “Атеросклерозтаах дьонуҥ, бэйи өйдөрө, толкуйдуур дьоҕурдара кимнээҕэр үчүгэй буолааччы”, — диир медицинскэй наука доктора, профессор, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай невролога, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет медицинскэй институтун неврологияҕа уонна психиатрияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Татьяна Яковлевна Николаева.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа Татьяна Яковлевна кэбиниэтигэр төлөппүөн тохтоло суох тыаһыыр. Кини учуонай, учуутал быһыытынан үлэтэ саамай уустук ыарыһахтары кытта быстыспат ситимнээх.

Татьяна Яковлевна кэпсээниттэн тиһиллэн тахсыбыт бэлиэтээһиннэри ааҕааччыга тиэрдэбин.

Атеросклероз туох кутталлааҕый?

Атеросклерозтан куоппут киһи диэн суох. Тоҕо диэтэххэ, айылҕа сокуонунан, икки атахтаах сыыйа кырдьар ыйаахтаах, тымыр эмиэ кырдьыы  бэрээдэгинэн уларыйар. Маныаха хайдах аһыыргыттан, олоххуттан-дьаһаххыттан, доруобуйаҥ туругуттан атеросклероз эрдэ эбэтэр хойутаан саҕаланар, кыратык эбэтэр күүскэ тарҕанар. Тымыр эркинин иһигэр холестерин бээтинэтэ оннооҕор сэттэ саастаах оҕоҕо үөскүүрүн биһиги биллиилээх учуонайдарбыт В.П. Алексеев, В.А. Аргунов дакаастаабыттар. Дьэ, ити бээтинэҕэ холестерин мунньустан, хам сыстан, баас оһон чэрдийэрин курдук халыҥыыр, кытаатар. Атеросклероз бляшката үөскүүр, оччоҕуна тымыр кыараан, хаан эргиирэ бытаарар. Олох бүөлэнэн хааллаҕына, сүрэх, эбэтэр мэйии аһылыгынан (кислородунан) хааччыллыбат буолан өлөн хаалар. Сүрэх тымырын ыарыыта инфарка, онтон төбө тымырын ыарыыта ишемическэй инсулька тиэрдэллэр. Манна мэйии ханнык өттө эмсэҕэлээбититтэн сылтаан, ыарыһах сатаан саҥарбат, ыйыстыбат, илиитэ-атаҕа хамсаабат буолар. Урут сахалар “охсор охсубут,” “уҥа эбэтэр хаҥас өртүн охсубут” диэччилэр.

Холестерин аҥардастыы куһаҕан буолбатах

Холестерин киһи этин-хаанын бары килиэккэлэригэр наадалаах эттик. Аны кини икки араастаах. Куһаҕан холестерин “липопротид низкой плотности”, оттон үчүгэй холестерин “высокой плотности” дэнэллэр. Хаан анаалыһыгар холестерин ахсаана нуорматтан быдан үрдүк да буоллар, үчүгэй өртө баһыйар буоллаҕына туох да буортута суох. Куһаҕан холестериммыт үөскүүр төрүөтүнэн аһылыкпыт буолар. Холобур, аан дойдуга саамай уһун үйэлээхтэр Италияҕа Сардиния уонна Японияҕа Окинава арыыларга олороллор. Кинилэр орто саастара 90 куоһарар. Бу дьон бары үүнээйи уонна балык аһылыктаахтар. Куһаҕан холестериннары трансгеннай арыылаах, фастфуд дэнэр аныгы аһылыктар үөскэтэллэр. Оҕо аймах сөбүлээн сиир чипсылара, арыыга буспут хортуоска (картошка фри), гамбургердар, чисбургердар, гаастаах утахтар олус буортулаахтар. Итинник аһатан кыра саастарыттан тымырдарын киртитэн, ыарыыны иитиэхтиир куттал баар.

Сахаларга былыр инсульт суох этэ, аһылыкпыт, олохпут уларыйан, хамсанарбыт-имсэнэрбит аҕыйаан истэҕин аайы бу ыарыы тэнийэн испитэ. Ордук 90-c cыллартан. Манна атеросклерозтан ураты, стресс дьайыыта эмиэ эбиллибитэ. Стресс кэмигэр тымыр эмискэ кыарыыр, хам ылан кэбиһэр, оччоҕуна хаан кыайан сүүрбэт буолар. Эппитин-хааммытын мөлтөх аһынан киртитэрбит кэриэтэ, аны өйбүтүн-санаабытын наар араас куһаҕан сонуннарынан, сурахтарынан толоробут. Ол аата куруук стресскэ сылдьабыт. Хас биирдии киһи бэйэтин салайынан, араас кыһалҕаҕа аһары ыгылыйбакка, аймаммакка, уһуну-киэҥи толкуйдаан, киэҥ көҕүстэнэн тулуйа-туруулаһа үөрэнэргэ кыһалла сатыыра – олоҕу уһатар биир сүрүн ньыма.

Табах – биир сүрүн төрүөт

Тымыр кыарааһынын, бүөлэниитин содулуттан инсультаабыт эр дьон ахсаана дьахталлары балтараа төгүл куоһарар. Бу тоҕо манныгый диэтэххэ, кинилэр ортолоругар табахсыт, буолаары буолан “буор табахсыт” ахсаана быдан элбэх. Табаҕы тардааккын кытта уон мүнүүтэнэн хаан баттааһына үрдүүр. Табах атеросклероһу, тымыр ыарыытын дириҥэтэр, тарҕатар биир саамай буортулаах фактор буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиир наадалаах.

Утумнааһын баар. Сорох аймахха тымыр ыарыыта 20-лээх ыччаттарга эмиэ көстөөччү. Эрдэлээн инсульт, инфаркт буолаллар. Ити “семейная гиперхолестеринемия” диэн синдром удьуорунан – геннарынан бэриллэр.

Үрдүк хаан баттааһыннаах дьон мэлдьи кэтэнэ, кээмэйдэнэ, эмтэнэ, харыстана сылдьыахтаахтар.

Уойуу, сөптөөх ыйааһын нуорматын аһары барыы тымырга эмиэ кутталлаах. Хамсаныахха-имсэниэххэ, аһылыгы көрүнүөххэ наада.

Манна даҕатан эттэххэ, сахалар таптаан сиир убаһабыт этэ, сыата уонна балыкпыт доруобуйабытыгар туһалаахтар, куһаҕан холестериҥҥа кубулуйбаттар. Төттөрүтүн хааны ыраастыыллар, тупсараллар.

Эмчиттэр кэтээн көрүүлэринэн, эр дьон бу ыарыыттан дьахталлардааҕар үчүгэйдик өрүттэллэр, чөлүгэр түһэллэр. Кинилэри кэргэттэрэ туох баар кыһамньыларын ууран көрөллөр-харайаллар. .

Маны билиэххэ

Атеросклероз саҕаланан эрэр сибикилэрин билэн, кэмигэр көрдөрүнэн, ыарыыны дириҥэппэт буоларга кыһаллыахтаахпыт. Киһи тас көстүүтүгэр маннык бэлиэлэр сэрэтэллэр — харах тулатыгар халтаһаҕа бытархай сыа бөлтөркөйдөр тахсаллар (ксантомалар), харах харатын кытыыта төгүрүччү туртайар (липоидная дуга), баттах эрдэ маҥхайар.

Инсульт баһыйар үсксүгэр моой хорук тымыра эбэтэр төбө иһинээҕи улахан тымырдардар бүөлэннэхтэринэ буолар. Хорук тымыр кыарааһына бэрт кэбэҕэстик, УЗИ аппараатынан көстөр. Онон 50 саастан үөһээ хайаан да ити тымыры көрдөрүөххэ наада.

Тоҕо диэтэххэ, сорох дьоҥҥо хорук тымыр бүөлэннэҕинэ даҕаны, атын кыра тымырдар салааларынан хаан эргийэр буоллаҕына, бу ыарыыны билбэккэ сылдьыахтарын сөп.

Хорук тымыр кыараатаҕына, бүөлэннэҕинэ  эпэрээссийэ оҥоһуллар. Сүрэх-тымыр хирурдара ол эпэрээссийэ ньымаларын дэгиттэр баһылаан, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит иһигэр оҥороллор.

Атеросклерозтан харыстанар кыах баар, уһуннук, чэгиэнник олоруохха сөп. Билигин ордук эдэр ыччат бэйэтин доруобуйатын көрүнэр буолбута үөрдэр. Табахха, арыгыга, буортулаах аһылыкка сыстыбакка, сүүрэ-көтө, эрчиллэ сырыттахха,  тымырдарбытын  харыстыыбыт, үйэбитин уһатабыт.

Мария РЕШЕТНИКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0