Сааһырбыт дьон 50% олохтон туоруур ыарыыларынан сүрэх-тымыр ыарыылара буолаллар. Атеросклероз – тымыр олоҕурбут ыарыыта. Тымыр хааны кыайан ыыппат, кытаатар, кыарыыр, холестеринынан туолар буолан, аһатар уорганыгар хааны кыайан аҕалбат, оччотугар ол уорган (сүрэх, мэйии) ситэ “аһаабат”.
Атеросклероз тымыры барытын хабар, ол эрэн, чуолаан атах, сүрэх, мэйии, бүөр тымырдарын ордук хотор. Хаанын хамсаппат, куруук олорор, сытар киһи сүрэҕин, тымырын ордук булларар. Сүрэх тымыра кытаатан уонна синньээн, аһатыахтаах учаастагын кыайан аһаппакка, стенокардия уонна инфаркт ыарыыларга тиэрдэр. Төбө тымыра атеросклероһунан бүрүлүннэҕинэ – инсуллатар.
Бу икки ыарыы бытааннык саҕаланаллар: мэйии эргийэр, төбө ыалдьар, кулгаахха тыаһыыр, киһи умнуган буолар. Оттон сүрэх ыарыыта тымыр бобо тутарыттан (стенокардия) саҕаланар: сүрэх ыалдьар, хол утуйар, көҕүс “дьөллөн” биллэрэр, тыына хаайтарар буолар. Киһи бу бэлиэлэри билэрэ наада. Кэмигэр валидол, нитроглицерин диэн тымыр күүрбүтүн устар эмтэри укта сылдьара ордук.
Атах, илии тымырдара эмиэ биллэрэллэр: сис ыалдьар, атахтарга түһэр, тоҥорор. Атеросклерозтаах киһи үрдүк хаан баттааһыннаах, холестерина үрдүк, табахсыт буоллаҕына, гангрена диэн ыарыыга тиэрдиэн сөп. Киһи хамсаммат, ыйааһына уонна хаанын баттааһына үрдүк, табахсыт, онтон-мантан долгуйумтуо буоллаҕына, атеросклерозтанар.
Отунан, аһынан эмтэнии
Куруук биир кэмҥэ аһыыр, хамсанар-имсэнэр, куһаҕан дьаллыга суох, үлэтин-хамнаһын, сынньалаҥын сөпкө аттарар киһи өр атеросклерозка ылларбат. Атеросклероз саҥа үөскүүр кэмигэр кыаллар ыарыы: тохтуур да, сүтэр да кыахтаах. Тымыр сымнаҕас буоларын, холестерин сууралларын хааччыйар эмтэр элбэхтэр. Эмтэниэх иннинэ организм киртийбитин ыраастыыр хайаан да наада.
Курага күүс-уох биэрэр, эр дьоҥҥо ордук туһалаах.
Изюм, эриэхэ, сыр – киһи сылаатын таһаарар, мэйии үлэтин тупсарар, төбө, сүрэх ыарыытын суох оҥороллор. Быара ыалдьар дьон астара буолар. Биир олоххо 30 гр грецкэй эриэхэни, 20 гр изюму, 20 гр сыры сиэниллэр.
Иэдьэгэй – быар, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар ордук көмөлөөх.
Лимон, апельсин – хаан баттааһына үрдүүр кэмигэр, сүрэх, соҕуо (зоб) ыарыыларыгар.
Дьаабылыка тымыр, сүһүөх киртийиитигэр (подагра), туус олоруутугар туһалыыр.
Харас саамай элбэх дьуоттаах, атеросклерозка уонна соҕуоҕа туттуллар: 10 кг отоҥҥо 1 кг саахар эбиллэр,
1 ч.ньуосканы күҥҥэ үстэ сиэниллэр.
Петрушканы хойуу гынан оргутан, чэй курдук истэххэ, холестерины суурайар.
200 гр сарбынньах (рябина) хатырыгын 50 гр ууга чаас аҥаара оргутан, күҥҥэ үстэ 100 гр иһиллэр.
Долохоно (боярышник) 50 устуука отонун ньыһыллар, 130 гр ууну эбэн, 40 кыраадыска сылытан баран, суогун ыгыллар. 1 ост.нь. күҥҥэ үстэ истэххэ, сүрэххэ үчүгэй.
Дөлүһүөн 2 ост.нь. отонун 1 ыстакаан оргуйа турар уунан кутан, тэптэрэ түһээт, сойутуллар. 100-150 гр күҥҥэ иккитэ-үстэ иһиллэр.
Муора хаппыыстата иҥэмтиэлээх эттиктэр атастаһыыларын түргэтэр.
Хонуу боруутун (хвощ) хатаран, мээккэлээн баран, чэй оҥостон иһиллэр. Организм киртийбитин ыраастыыр.
Чеснок настойката буоккаҕа, эбэтэр, испииргэ оҥоһуллар. 100 гр ыраастаан, эмээл иһиккэ кутан ньыһыллар, онтон бытыылкаҕа көһөрөн баран, 150 мл буокканы эбиллэр, хаппахтаан, хара кумааҕыга суулаан, 2 нэдиэлэ хараҥа сиргэ туруоруллар. Кэмэ кэллэҕинэ, сиидэлээн баран, 25 хааппыланы аһылык кэнниттэн, күҥҥэ үстэ үүтү кытары иһиллэр. Куртаҕа баастаах, кислотноһа үрдүк, гастриттаах дьон испэттэр.
Саахар диабетыгар, атеросклерозка, аһылыгы буһарарга 2-3 эриэппэ луугу ыстакаан уунан кутан баран, 8 чаас хос кыраадыһыгар туруоруллар, сиидэлээн, биирдии ыстакаанынан күҥҥэ иккитэ иһиллэр.
Атеросклерозка ылларбат курдук, маннык дьаһан:
— Куһаҕан дьаллыктартан босхолон;
— организм киртийбитин ыраастан, туустары таһаарын, Болотов, Семенова ньымаларын туһан;
— сөпкө аһаа, тууһу, саахары элбэҕи сиэмэ. Чэйи, кофены олох иһимэ. Оҕуруот аһын, отону хото сиэ. Эти нэдиэлэҕэ үстэ эрэ сиэ, үксүн балык аһылыктан;
— үүнээйилэр сиэмэлэрин тылыннаран сиэ;
— тибеттэр тымыры ыраастыыр ньымаларын туһан;
— нэдиэлэҕэ биир күн аччыктаа;
— отунан эмтэн;
— күн аайы 3 км хаамп, эрчилин.
Аһааһын быраабылата
Кэмиттэн кэмигэр аһаа, аһылык кээмэйэ элбэх буолуо суохтаах. Сыата суох эти, балыгы, үүт аһылык арааһын, иэдьэгэйи, кыратык ынах арыытын, оливка, кукуруза арыытын. Саамай наадалаах аһылык – иэдьэгэй. Кислоталара элбэх буолан, атеросклероз үөскүүрүн бопсор. Уойбат туһуттан сыата суох иэдьэгэйи сиир ордук.
Клетчаткалаах астар: хара килиэп, салааттар, оҕуруот астара оһоҕоһу күүскэ үлэлэтэллэр, хойуулук эрэйэ суох кэлэр, холестерин түһэр, туус тахсар. Углеводтары сөптөөхтүк сиэниллэр: куруппалар, оҕуруот астара, мүөт, барыанньа. Арыыны-сыаны кыратык сиэххэ сөп, натуральнай буолуохтаах. Этэ суох диета көдьүүстээх. Үүтү аҥардастыы иһэр ордук, эбэтэр, минньигэс аһы кытта. Эти, балыгы кытары барсыбат.
Тибиэт эмчиттэрэ сүбэлииллэр
Биһиги эрабыт 4 үйэ анараа өттүгэр бу сүбэнэн туһаналлара. Сүбэни 1971 с. туойга суруллубутун булан, аан дойду үрдүнэн тарҕаппыттара.
Маннык оҥостоллор: 350 гр чесногу кыралаан, ньыһан, 200 гр аллараа өттүттэн баһан ылан, туой иһиккэ уураллара уонна 200 гр тыыннаах испиири куталлара, тууйа хаппахтаан баран, хараҥа сиргэ 10 хонук туруораллара. Кэмэ кэллэҕинэ, халыҥ маҥан таҥас нөҥүө сиидэлээн, хаалбытын ыгаллара. Үс хонук иһитигэр туран “сойор”, онтон 50 гр үүккэ кутан, иһэн эмтэнэллэрэ. Бу эмп киһини эдэримситэр уонна атеросклероһу сүтэрэр, хаан эргиирин тупсарар. Истэр-көрөр чөлгө түһэр, инсультан, инфарктан куотаҕын.
Иһии быраабылата:
Күннэр | Сарсыарда | Күнүс | Киэһэ |
1 күн | 1 таммах | 2 таммах | 3 таммах |
2 күн | 4 таммах | 5 таммах | 6 таммах |
3 күн | 7 таммах | 8 таммах | 9 таммах |
4 күн | 10 таммах | 11 таммах | 12 таммах |
5 күн | 13 таммах | 14 таммах | 15 таммах |
6 күн | 15 таммах | 14 таммах | 13 таммах |
7 күн | 12 таммах | 11 таммах | 10 таммах |
8 күн | 9 таммах | 8 таммах | 7 таммах |
9 күн | 6 таммах | 5 таммах | 4 таммах |
10 күн | 3 таммах | 2 таммах | 1 таммах |
Салгыы 25 таммаҕынан күҥҥэ үстэ эмп бүтүөр диэри иһиллэр. 5 сыл буолан баран, төхтүрүйэн эмтэниэххэ сөп.
Боҕуруоскай от (чабрец) – күүстээх эмп. Төбө тымырдарын ыраастыыр. 1 ч.нь. оту 200 гр оргуйа турар уунан кутан, тууйа хаппахтаан, 1 чаас туруоруллар. 50-60 гр күҥҥэ үстэ иһиллэр.
Моонньоҕону ыстакаан түөрт гыммыт бииринэн аһылык иннигэр сиир олус көдьүүстээх.
Атеросклероһу утары эмп: 1 кг изюм, курага, чернослив, инжир, дөлүһүөн отонноругар оргуйбут сойбут ууну дагдайбатын курдук кутан хонноруллар. Сарсыарда эрийтэрэн. Тэҥ маасса оҥоруллар. Холодильникка хаһаанан, күҥҥэ 2-3-тэ аһыах чаас аҥаарын иннинэ
1 ост.нь. сиэниллэр.
Эпэрээссийэ кэнниттэн уонна сүрэх ыарыһахтарга академик Амосов сүбэтэ: 1 ыстакаан изюм + 1 ыстакаан грецкэй эриэхэ + 1 ыстакаан мүөт + лимон суога. 1-2 ч.нь. күҥҥэ үстэ сиэниллэр.
Изюм гемоглобины үрдэтэр, холестерины суурайар: 1 ч.нь. изюму сууйан баран, 1 ыстакаан оргуйа турар уунан кутан хонноруллар. Сарсыарда отонун сиэн, уутун иһэн кэбиһиллэр. 2-3 нэдиэлэнэн атын киһи буолуоҥ.
Хатыҥ бүөрүн 10 гр + 200 гр ууга кутан, 10 мүнүүтэ оргут, сиидэлээ, 1 ост.нь. күҥҥэ үстэ ис.
Суорат от (тысячелистник) – 15-20 гр оту 200 гр ууга кутан, 10 мүнүүтэ оргутан баран, 1 чаас хаппахтаан көйөрүллэр, сиидэлээн, 1 ост.нь. күҥҥэ үстэ аһылык иннинэ иһиллэр.
Ньээм-ньээм силиһэ, ото – 1 ост.нь. мээккэлэммит оту 1 ыстакаан ууну кутан оргут. Күҥҥэ үстэ 1 ост.нь. ис.
Долохоно, сарбынньах, харас, чеснок, луук, слива, груша, дьаабылыка, дьэдьэн, моонньоҕон ханнык баҕарар көрүҥүн сиир буолуҥ. Долохоно сүрэххэ үчүгэй буолан баран, элбэҕи сиир сэрэхтээх.
Сарсыарда аһыах уонна утуйуох 1-1,5 чаас иннинэ биирдии дьаабылыканы сиир көдьүүстээх.
Лимон аҥаарын хахтаан, кыралаан + 1 ост.нь. бэс иннэтэ + ыстакаан аҥаара ууну кутан, 5 мүнүүтэ оргут, сойут, сиидэлээ. Аһыах 1 чаас иннинэ 3 нэдиэлэ устата ис. Ый сынньанан баран, хатылаа.
Мелисса от мэйии эргийэрин бопсор, ньиэрбэ күүрүүтүн устар, кулгаах тыаһын аҕыйатар. 1 ост.нь. оту 200 гр оргуйа турар уунан кутан, 1 чаас туруоран көйөрүллэр. Күҥҥэ иккитэ-үстэ 100 гр иһиллэр.
200 гр хрен силиһин сууйан-сотон, ыраастаан, түөркэлээн, 3 л оргуйбут ууну кутан, 20 мүнүүтэ оргутуллар. Сиидэлээн, ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ ис.
Хараҥаччы отун (чистотел) Арассыыйаҕа женьшень үүнээйигэ тэҥнииллэр: тымыры ыраастыыр, холестерины суурайар, атеросклероһу аҕыйатар. Сибэккитин, сэбирдэҕин, умнаһын хатаран туһаныллар. Үлтү тутан, 1 ост.нь. оту + 200 гр оргуйа турар уунан кутан, 30 мүнүүтэ туруоруллар, сиидэлэнэр. 50 гр күҥҥэ үстэ иһиллэр. Нэдиэлэ иһэн баран, 2 хонук өрөтөллөр. Кууруһа – 30 күн.
Үүнээйилэр куоппастара (пыльца). Саҥа үнүгэс үүнээтин кытта ала чуо сырдаан, көҕөрөн турар буолар. Ситэн түстэҕинэ, ап-араҕаһынан сир-дойду бүрүллэр. Ол ордук ууга түспүтэ үчүгэйдик көстөр. Бу айылҕа быыла олус күүстээх эниэргийэни биэрэр, тестостероннаах буолан, эр дьоҥҥо көмөлөөх.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ru.freepik.com ылылынна